Биһиги гимназиябыт оҕолоро Сардаана Старостина, Айхал Шестаков, Эрчимэн Кузьмин, Айсен Степанов, Ваня Лукин, салайааччылара Сергей Сергеевич Дальнай Восток Владивосток куоратыгар ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Профессионалы” чемпионат түмүктүүр түһүмэҕэр “Спасательные работы” компетенцияҕа Сахабыт сирин чиэһин көмүскээн кэллилэр.
Башкирияттан, Татарстантан, Алтайтан, Приморскайтан, Псковтан, Хабаровскайтан, Москваттан, Санкт-Петербургтан, Липецкайтан, Челябинскайтан, Москва уобалаһыттан кэлбит күүстээх хамаандалары кытта күөн көрүстүлэр.
Күүс-уох, тулуур, дьулуур өттүтүнэн тургутуулары аастылар. Хас биирдии түһүмэх сүрдээх уустук, элбэх сыраны-сылбаны, түргэн толкуйу, мындыры, тулууру эрэйэр. Суол быһылаана буолбут сиригэр икки массыына көрсүбүтүгэр үс эчэйбит киһиэхэ көмө оҥоруу, баһаарынай оруолун толоруу; холуодьаска 5 миэтэрэ аллара киирии, лабириҥҥа противогаз кэтэн суһал көмө оҥоруу; хайаҕа 10 миэтэрэ үрдүккэ тахсыы; 12 миэтэрэ үрдүктээх скалодромҥа тахсыы, эчэйбит киһиэхэ көмө оҥоруу о.д.а.
Ваня Лукин, Сардаана Старостина, Айхал Шестаков, Эрчимэн Кузьмин, Айсен Степанов:
– Ыарахан, үгүс уустуктардаах күрэх ааста. Элбэх уопут ыллыбыт. Кэлэр сырыыга эмиэ үчүгэйдик бэлэмнэнэн, өссө күүскэ дьарыктанан баран, кыттар сорук туруоруннубут. 10 миэтэрэ үрдүккэ тахсыы саамай ыарахан этэ. Үөһэ ыттан баран, эчэйбит киһини туоратыахтаах этибит. Ол эмиэ уустук соҕус этэ. Түһүмэхтэри барытын биир гына холбоон кэбиспиттэрэ. Маннык күрэххэ киһи тулуура, күүһэ-уоҕа көстөр эбит.
Хамаанда үлэтэ элбэҕи быһаарар, хас биирдиибит биир киһи курдук хамсаныахтаахпыт, эппиэтинэстээх буолуохтаахпыт. Эрдэттэн ким тугу гынарын быһаарсан, былааннаан сырыттыбыт.
Сыаналыыр хамыыһыйа хаачыстыбаны уонна куттал суох буолуу быраабылаларын тутуһарбытын көрбүттэрэ. Бириэмэни көрбөттөр эбит. Биһиги потокпутугар Башкортостан, Псков хамаандалара күүстээх дьарыктаахтара тута биллэр этэ. Улахан куораттар буолан, бэйэлэрэ дьарыктанар базалаахтар. Арассыыйа таһымнаах күрэхтэргэ хаһыс да сырыыларын кытталлар. Бары 11 кылаас оҕолоро.
Биһиги санаабытыгар, ортотук кытынныбыт. Өссө үчүгэйдик кыттыа эбиппит. Ол да буоллар туох баар кыахпытын көрдөрдүбүт. Баран кэлбиппититтэн астынныбыт. Элбэх саҥа табаарыстарданныбыт. Псков, Башкортостан оҕолорун кытта алтыстыбыт. Саха сириттэн устудьуоннарга Үөһээ Бүлүү хамаандата барбыта. Кинилэри кытта доҕордостубут. Сүбэ-ама биэрэн, күүс-көмө буолбуттара.
Эбиитин сири-дойдуну көрдүбүт. Владивостокка “Кыһыл көмүс” муостаҕа, таас бухтаҕа, Уһук Илиннээҕи федеральнай университекка сырыттыбыт. Владивосток олус элбэх тииттээх. Барыта күп-күөх. Уонна сииктээх эбит. Күрэхтэһиибит ардахтаах баҕайы кэмҥэ буолбута. Биир эрэ күн ардаабата быһыылаах. Онтон Саха сиригэр төннөн иһэн Иркутскайга Байкал күөлгэ сылдьыбыппыт. Олус кэрэ көстүүлээх, ураты тыыннаах сир эбит.
Сергей Сергеевич , салайааччы:
– Эрдэтээҥҥи сылтан таһыма лаппа үрдээбит. Экспердэр уларыйбыттар. Барытын биир модуль гына холбоон кэбиспиттэр. Туох баар ымпыгын-чымпыгын көрөр үчүгэй экспердэр үлэлээтилэр. Ол иһин улахан дьон күрэҕин курдук барда. Антах тиийэммит тугун-ханныгын билэн, сып курдук бэлэмнэнэ охсон, оҕолор үчүгэйдик кытыннылар. Туох баар бэлэмнэммиттэрин көрдөрдүлэр. Сорох түһүмэхтэргэ ыарахаттары көрүстүбүт. Таҥас-сап элбэҕи быһаарар. Биһиэнэ барыта уларсыы. Бэйэбит размербыт буолбатах. Ол барыта бириэмэҕэ охсор уонна киһи сэниэтин ылар. Экспердэр эмиэ ол туһунан бэлиэтээн эттилэр.
Арассыыйаҕа барыахпыт диэн сыал-сорук туруорунан, үс сыл устата дьарыктаммыппыт түмүгэр күрэх финалыгар кыттан кэллибит.
Элбэх күүһү, тулууру, тобуллаҕас өйү эрэйэр күрэх. Оҕолорго, бу баран кэлбиттэрэ, улахан уопут буолар. Биир хамаанда үлэтин көрдөрдүлэр. Экспердэр хайҕаатылар. Сахабыт сирин ааттатан кэллибит диэн киэн тутта этиэхпитин сөп.
Барарбытыгар үс күн поеһынан айаннаатыбыт. Уссурийскай, Хабаровскай, Тында куораттары көрдүбүт. Төннөрбүтүгэр сөмөлүөтүнэн кэллибит. Иркутскайга тохтоон ааспыппыт. Листвянка бөһүөлэккэ сылдьан, Байкал күөлү көрдүбүт. Оруобуна Иркутскай куорат күнүгэр түбэһэн, олус үчүгэйдик сырыттыбыт.
Түгэнинэн туһанан, оскуолабыт администрациятыгар, дириэктэрбитигэр Юрий Михайловичка, барыыбыт-кэлиибит докумуонугар үлэлэспит дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Оксана Степановнаҕа махтанабыт. Ону таһынан Чурапчы улууһун үөрэҕин салалтатын начальнигар Юрий Павловичка, улуус иитэр үлэҕэ отделын салайааччытыгар Евгения Ивановнаҕа махталбытын тиэрдэбит.
Саамай улахан махтал төрөппүттэрбитигэр. Оҕолорун өйөөн, утары бараннар, эрэнэн ыыппыттарыгар.
Куруук күүс-көмө буолар, бииргэ үлэлэһэр тэрилтэлэрбитигэр Чурапчытааҕы баһаарынай чаас начальнигар Алексей Константиновичка, Чурапчытааҕы агро-техническэй колледж директорыгар Василий Васильевич Гуляевка, преподавателлэригэр Василий Васильевич Михайловка, Василий Васильевич Шадриҥҥа. Уонна Мындаҕаайытааҕы баһаарынай чаас начальнигар Виталий Николаевич Ефремовка, ГАУ директорыгар Марианна Анатольевна Сивцеваҕа,Чурапчытааҕы авиа-лес охрана тэрилтэ үлэһиттэригэр оҕолор уонна бэйэм ааппыттан махталбытын тиэрдэбит. Күрэххэ туттуллар тэриллэрбитин уларсаннар, этэҥҥэ кыттан кэллибит.
Бу курдук, оҕолору, кинилэр салайааччыларын кытта ирэ-хоро кэпсэттибит. Оҕолор дьарыкпыт, күрэххэ кыттыбыт уопуппут олохпутугар туһа буолуо диэн истиҥник эрэнэллэр. Ваня Лукин инникитин быыһыыр сулууспа үлэһитэ буолар былааннаах.
«Тумус кыһа» пресс-киин,
С.К. Макаров аатынанЧурапчы гимназията