Киһилээх таас хоту улуус аайы баар, ол курдук, биһиги улууспутугар эмиэ маннык ааттаах таастар бааллар.
Орто Халыма Дьокуускайтан 1279 км. ыраах. Оттон Орто Халыма кииниттэн мин төрөөбүт бөһүөлэгим Өлөөк-Күөл 218 км. тэйиэс сытар. Мантан салгыы туундара киэҥ киэлитэ саҕаланар. Дьэ, бу мин бөһүөлэкпиттэн 130 км. тус хоту бардахха «Киһилээх таастарга» тиийиэххэ сөп.
Бу эмиэ айылҕа дьиктитэ дииргэ сөптөөх көстүү буолар. Санаан көрүҥ, туундара нэлэмэн иэнин, харах ыларын тухары туох да суох, арай, таас очуостара сонно харахха быраҕыллаллар. Ол курдук көрүҥ эрэ сорох таастар быһыылара киһини маарынныыр, сорох очуостар кырыылара киһи сирэйин омоонугар дылылар. Манна кыһын, саас буран техниканнан эрэ тиийиэххэ сөп. Бу Таастары турар туспаларынан «Илин Киһилээх Таас» уонна «Арҕаа Киһилээх Таас» диэн ааттаабыттар. Бу таастартан ыраах соҕус, өссө хоту «Куһаҕан Киһилээх таастар» бааллар. Тоҕо оннук ааттаммытын быһаарар кыахтаах кырдьаҕастартан хомойуох иһин, ким да хаалбатах. Ол гынан баран, ол таастарга ким да сылдьыбатыттан сылыктаатахха сэрэхтээх диэн сылдьыбаттара буолуо.
Айылҕа дьиктилээх сирдэрэ туспа эйгэлээх, ураты күүстээх дииллэр. Онон, биһиги өбүгэлэрбит ону билэн итинник ааттаабыттара буолуо уонна ол иһин сылдьыбаттара буолуо диэн сабаҕалыахха сөп.
Слепцова Изольда, 8 кылаас,
Г.Г.Софронов аатынан Өлөөкө-Күөл орто оскуолата, Орто Халыма