Биһиги нэһилиэкпит Хадаар өрөспүүбүлүкэҕэ мас тардыһыыта спорт көрүҥүн быһыытынан сайдарыгар улаханнык көмөлөһөр. Тренербит Леонид Николаевич Николаев мас тардыһыытын туһугар олус кыһаллар, спорт бу көрүҥэ оҕолорго суолталаах, туһалаах буоллун элбэхтик үлэлиир.
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолатын коллектива, нэһилиэкпит баһылыга Афанасий Афанасьевич Степанов, мас тардыһыытын ассоциациятын, оскуолабыт тренера Леонид Николаевич Николаев көҕүлээһиннэринэн, быйыл тохсунньу 26-27 күннэригэр оҕолорго өрөспүүбүлүкэтээҕи мас тардыһыытын аһаҕас турнира иккис төгүлүн ыытылынна. Чурапчыттан, Горнайтан, Уус Алдантан, Амматтан, Тааттаттан, Мэҥэ Хаҥаластан, Томпоттон, Намтан, Хатастан, Сунтаартан, Дьокуускай куораттан 200-тэн тахса оҕо кэлэн кыттыыны ылла. Уопсайа 11 хамаанда мадьыныта күөн көрүстэ. 2007-2008 сыллаах төрүөх уолаттар сэттэ, 2009-2010 сыллаах төрүөх уолаттар биэс, 2011 сыллаах төрүөх уолаттар түөрт уонна кыргыттар икки ыйааһыҥҥа арахсан күрэхтэстилэр.
Икки күн устата Хадаар нэһилиэгэ мас тардыһыытынан олордубут. Күрэхтэһии үрдүк таһымнаах ыытылларыгар бары көмөлөстүбүт. Оттон биһиги, медиа-оскуола юнкордара күрэхтэһиини сырдатыыга үлэлээтибит. Интервью ыллыбыт, хаартыскаҕа түһэрдибит.
Галя Анемподистова Хадаар орто оскуолатын үөрэнээччитэ. Тренерэ Леонид Николаевич. Бу турнирга 50 кг ыйааһыҥҥа кыттыыны ылла. Галя мас тардыһыытын бэйэтэ интэриэһиргээн дьарыктанан саҕалаабыт. Бу маннык күрэхтэргэ кыттан, кини аан бастаан уопут ыларын туһунан этэр.
Герман Гоголев Одьулуунтан сылдьар. 27 кг ыйааһыҥҥа күүһүн-кыаҕын холонон көрдө. Улахан күрэхтэһиигэ иккиһин кыттар. Дириҥҥэ ыытыллыбыт түһүлгэҕэ 30 кг ыйааһыҥҥа үһүс миэстэ буолбут.
Майя Алексеева Сылаҥтан сылдьар. Тренерэ Юрий Николаевич. Дьарыктаммыта сыл буола илик. Онон саҥа саҕалаан эрэр спорстмен. Убайа спорт бу көрүҥүнэн дьарыктанар. “Дьиэтигэр кэлэн наһаа интэриэһинэйдик кэпсиирин истэммин, дьарыктанан саҕалаабытым. Маннык күрэхтэһиилэргэ бастакытын сылдьабын. 2007 сыллаах төрүөхтэргэ 58 кг ыйааһыҥҥа кыттабын”, – кэпсиир Майя Алексеева.
Кеша Дорофеев 52 кг үөһээ ыйааһыҥҥа кыттар. Кини Мэҥэ Хаҥалас Балыктааҕыттан сылдьар. Бэйэтэ кыахтаах, күүстээх буолан мас тардыһыытын талбыт. Бэһис сылын дьарыктанар. Онон улахан күрэхтэһиилэргэ кыттар уопуттаах, кыайыы, хотторуу диэн тугун билэр.
Илья Габушкин – ДЮСШ-1 иитиллээччитэ, V кылаас үөрэнээччитэ, 50 кг ыйааһыҥҥа тардыһар. ык Тренера Иван Иванович Копырин . Илья саҥа дьарыктанан эрэ. Онон бу түһүлгэҕэ уопут ыла кэлбитэ бэйэтигэр улахан ситиһии, салгыы дьарыктанарыгар үктэл буолар.
Андриян Оконешников С.А. Новгородов аатынан Чурапчы оскуолатыттан кэлбит. Тренерэ Ньургун Иванович Седалищев. 48 кг кыттар. Мас тардыһыытынан төрдүс сылын дьарыктанар. Хадаарга ыытыллыбыт күрэхтэһиигэ күүстээх, бэлэмнээх кыттааччылар кэлбиттэрин туһунан этэр.
Дьулустаан Максимов – Хадаар орто оскуолатын үөрэнээччитэ. Тренера Леонид Николаевич Николаев. Саҥа саҕалаан эрэр мадьыны. Убайдара мас тардыһыытынан дьарыктаналларын интэриэһиргээн саҕалаабыт.
Айтал Слепцов Мэҥэ Хаҥаластан сылдьар. Тренерэ Дмитрий Дмитриевич Устинов. Мас тардыһыытынан иккис сылын дьарыктанар. Спорт туонатыгар бэйэтигэр сөптөөх көрүҥү булбут спортсмен оҕо эбит. Онон оскуоланы да бүтэрэн баран, мас тардыһыытынан дьарыктанар санаалаах.
Эдик Белолюбскай эмиэ Мэҥэ Хаҥаластан сылдьар. Тренерэ Дмитрий Дмитриевич Устинов. Эдик Х кылаас үөрэнээччитэ, 50 кг ыйааһыҥҥа кыттар. Төрдүс сылын дьарыктанар. Мас тардыһыытыа бэйэтигэр барсар көрүҥ буолан, талбыт. Былырыын Хадаарга ыытыллыбыт аһаҕас турнирга кэлэн кыттыыны ылбыт. Биһиги турнирбыт бу курдук тиһигин быспакка ыытылла турарыгар баҕарар.
Айастаан Аржаков Чурапчытааҕы оскуола-интэринээттэн сылдьар. Тренерэ Василий Николаевич Чемпин. «Мас тардыһыытынан бэһис сылбын дьарыктанабын. Азартаах, улахан конкуренциялаах. Ол иһин сөбүлүүбүн. Ким дьарыктаах – ол кыайар диэн этиини кытта толору сөпсөһөбүн. Сылтан сыл аайы кыахтаах, күүстээх спортсменнар эбиллэн иһэллэр. Ол аата биһиги наар биир миэстэҕэ туруо суохтаахпыт. Мас тардыһыыта оҕолор ортолоругар сайдан иһэрэ эмиэ көстөр», – диэн Айастаан санаатын үллэстэр.
Уопсай түмүккэ, 5 кыһыл көмүс, 2 үрүҥ көмүс, 1 боруонса мэтээллээх Уус Алдан хамаандата бастакы миэстэни ылла. 4 кыһыл көмүс, 3 боруонса мэтэллээх Таатта улууһун хамаандата иккис миэстэ буолла. Оттон 3 кыһыл көмүс, 5 үрүҥ көмүс, 6 боруонса мэтээли ылбыт Чурапчы улууһун хамаандата үһүс миэстэҕэ таҕыста.
40 кг абсолютнай чемпион, VII кылаас үөрэнээччитэ, Чурапчы Хадаарын мадьаныта Петя Герасимов уонна 70 кг үөһээ ыйааһыҥҥа чемпионнаабыт X кылаас үөрэнээччитэ, Таатта улууһун Ытык Күөл мадьыныта Айтал Винокуров Арыылаах орто оскуолатын дириэктэрэ Егор Гермогенович Егоров туруорбут убаһа бирииһин туттулар. Турнир бастыҥнара биир убаһаны тэҥ-тэҥҥэ аҥардастылар.
Оҕолорго өрөспүүбүлүкэтээҕи мас тардыһыытын II аһаҕас турнирын кыайыылаахтара
Тохсунньу 26- 27 күннэрэ, 2024 с., Хадаар, Чурапчы
2007-2008 сыллаах төрүөх уолаттар (улахан бөлөх)
50 кг.
1 м. Степанов Арылхан (Ороссолуода, Мэҥэ Хаҥалас)
2 м. Федоров Радомир (Кэптэни, Уус Алдан)
3 м. Тарабукин Георгий (Кириэс Халдьаайы, Томпо)
54 кг.
1 м. Трифонов Максим (Покровка, Амма)
2 м. Аржаков Айастан (Одьулуун, Чурапчы)
3 м. Герасимов Вова (Хадаар, Чурапчы)
58 кг.
1 м. Гуляев Айаал (Уһун Күөл, Чурапчы)
2 м. Андреев Дьулус (Горнай)
3 м. Слепцов Айтал (Тумул, Мэҥэ Хаҥалас)
62 кг.
1 м. Илларионов Алексей (Чурапчытааҕы оскуола-интэринээт)
2 м. Протопопов Савва (2 Хомустаах, Нам)
3 м. Никифоров Дархан (Майа, Мэҥэ Хаҥалас)
66 кг.
1 м. Митрофанов Максим (Төхтүр, Мэҥэ Хаҥалас)
2 м. Попов Петя (Чурапчытааҕы оскуола-интэринээт)
3 м. Дугунов Богдан (Уһун Күөл, Чурапчы)
70 кг.
1 м. Солдатов Коля (Аллараа Бэстээх, Мэҥэ Хаҥалас)
2 м. Кондаков Слава (Модун)
3 м. Макаров Олег (Чурапчы)
70 кг үөһээ
1 м. Винокуров Айтал (Ытык Күөл, Таатта)
2 м. Бурцев Айаал (Горнай)
3 м. Одилбеков Артем (Модун)
2009-2010 сыллаах төрүөх уолаттар (орто бөлөх)
40 кг.
1 м. Герасимов Петя (Хадаар, Чурапчы)
2 м. Федоров Саян (Горнай)
3 м. Попов Афоня (Баайаҕа, Таатта)
44 кг.
1 м. Степанов Роман (Суотту, Уус Алдан)
2 м. Панаморев Айсен (Чурапчы)
3 м. Горохов Арылхан (Уус Таатта)
48 кг.
1 м. Лукин Айсен (Горнай)
2 м. Решетников Артур (Хадаар, Чурапчы)
3 м. Говоров Женя (Сылаҥ, Чурапчы)
52 кг.
1 м. Бубякин Эрчим (Суотту, Уус Алдан)
2 м. Попов Спартак (ДЮСШ-1)
3 м. Сивцев Эрэл (Уһун Күөл, Чурапчы)
52 кг. үөһээ
1 м. Васильев Степа (Ытык Күөл, Таатта)
2 м. Тарабукин Рома (Модун)
3 м. Луковцев Богдан (Горнай)
2011 сыллаах төрүөх уолаттар (кыра бөлөх)
27 кг.
1 м. Домотов Ростик (Уһун Күөл, Чурапчы)
2 м. Протопопов Арылхан (Кэптэни, Уус Алдан)
3 м. Винокуров Дьулустан (Саһыл, Томпо)
31 кг.
1 м. Хертек Ай Хаан (Баайаҕа, Таатта)
2 м. Мекумянов Артем (Сунтаар)
3 м. Захаров Захар (Покровка, Амма)
35 кг.
1 м. Захаров Дуолан (МСОШ-2)
2 м. Варфоломеев Петя (Бахсы, Чурапчы)
3 м. Постников Алеша (Уус Таатта)
35 кг. үөһээ
1 м. Кузьмин Никита (Модун)
2 м. Иванов Данил (Модун)
3 м. Ефремов Арсен (Чурапчы)
Кыргыттарга кыайыылаахтар
50 кг.
1 м. Охлопкова Зоя (Уһун Күөл, Чурапчы)
2 м. Федорова Марина (Чапчылҕан, Амма)
3 м. Малышева Лида (Дириҥ, Чурапчы)
58 кг.
1 м. Макарцова Альмира (Дириҥ, Чурапчы)
2 м. Климовская Туяра (Төҥүлү, Мэҥэ Хаҥалас)
3 м. Ушницкая Марианна (Чурапчытааҕы оскуола-интэринээт)
Алена КСЕНОФОНТОВА, VII кылаас, С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы
Иванна Николаева хаартыскаҕа түһэриилэрэ