Саха сирин сайдыытын кытта тэҥҥэ тыа сирэ сайдар. Ол биир холобура биһиги нэһилиэкпитигэр көстөр. Ол курдук кэлэр сылга Хадаар нэһилиэгэр гаас саҥа котельнайа үлэҕэ киириэҕэ. Нэһилиэкпитин сылааһынан хааччыйар сүрүн тэрилтэнэн олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын Чурапчы улууһунааҕы филиалын Хадаардааҕы учаастага буолар. Котельнай үлэтин туһунан Иван Васильевич Гаврильевы көрсөн кэпсэттим. Кини Хадаардааҕы учаастак оператора.
Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатыгар оператор диэн нэһилиэк эбийиэктэрин сылааһынан хааччыйар киһи.
– Иван Васильевич, бу котельнай ханнык эбийиэктэри сылааһынан хааччыйарый?
– Нэһилиэкпит котельнайа олохтоох дьаһалтаны, спортсааланы, нэһилиэк бибилэтиэкэтин – барытын түмэр тыа сирин сайдыытын киинин, оскуоланы, оҕо саадын, балыыһаны, уопсай дьиэни, норуот айымньытын дьиэтин сылааһынан хааччыйар. Быйыл убаҕас оттуктан (мазут) гаас конденсатыгар көспүппүт. Билэргит курдук, 2023 сыллаахха нэһилиэкпит гаас ситимигэр холбоммута.
– Онон сибээстээн саҥа котельнай тутулла турар. Бу туһунан сырдатыаххыт дуо?
– Саҥа хочуолунай сирин тэҥниир, бэлэмниир үлэлэрэ ыытылла сылдьаллар. Онон сирэ тэҥнэнэн, емкостара туран, эһиил саас үлэҕэ киириэхтээх. Котельнай вагончиктара, оборудованиета – барыта аныгы технологиянан оҥоһуллар. Холобур, гаас оттугар ирдэниллэр вагонун иһигэр оборудованиета барыта бэлэм баар буолар. Ону лөглөччү аҕалан туруоран эрэ кэбиһиэхтээхпит. Сирэ-уота ирдэниллэр нуорманан оҥоһуллубут буолуохтаах.
Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатыгар ити курдук сыл аайы уларыйыылар киирэ тураллар. Ону кытта тэҥҥэ ирдэбил үрдээн, оборудованиелар саҥардыллан иһэллэр. Холобур, быйыл конденсакка көспүт буоламмыт, котельнайдарбыт сээкэйдэрэ барыта уларыйда. Эһиил гааска көһөрбүтүгэр эмиэ олох атын оборудование кэлэр. Онон биһиэхэ, үлэһиттэргэ, ирдэбил кытаатар, эппиэтинэс өссө улаатар.
– Котельнай билигин хас үлэһиттээҕий?
– Уопсайа 4 оператор, 2 слесарь, 1 дизелист, 1 электрик, 1 сварщик уонна маастарбыт баар. Оператордар сменанан сууккаҕа 12 чаас турабыт.
– Саҥа котельнай үлэҕэ киирдэҕинэ, туох уларыйыылар буолуохтарай?
– Билигин оттулла турар эбийиэктэр барыта биһиэхэ холбоноллор. Нэһилиэкпитигэр гаас ситимэ киирэн, чааһынай дьиэлэр котельнайтан арахсан, гааска холбоннулар. Гаас да киирдэҕинэ, олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын үлэһитэ диэн син биир баар буолар. Арай эппитим курдук, ирдэбилбит, эппиэтинэспит, билиибит-көрүүбүт лаппа үрдүөхтээх.
Бу тымныы ыйдарга биһигини сылааһынан хааччыйар котельнайбыт хас биирдии үлэһиттэригэр махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын. Маннык эппиэтинэстээх үлэҕэ сылдьар дьоммутугар кытаанах доруобуйаны баҕарабын.
Алена КСЕНОФОНТОВА, VIII кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы