Кулун тутар 31 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгэр «Хаар айан — Саха сирин Кубога» массыына спордун трофи-рейд көрүҥэр өрөспүүбүлүкэтээҕи кыһыҥҥы чемпионата буолан ааста.
Урут Саха сирин ыраах оройуоннарыттан кэлбит экипажтар үгүстэрэ квалификацияларыттан көппүттэрэ. Быйылгы чемпионатка кыттааччылары сүүмэрдиир түһүмэххэ уларытыылары киллэрбиттэр. Кытааччылар чемпионатка сүүмэрдиир күрэхтэһиини ааһаннар, 15 инжекторнай мотуордаах уонна 15 карбюраторнай мотуордаах массыыналар «Экстрим гонки», «Кольцевая гонка», «Супер экстрим» түһүмэхтэргэ күрэхтэстилэр.
3 түһүмэх түмүгүнэн бастыҥ көрдөрүүлээхтэр икки суоппар-спортсменнар өрөспүүбүлүкэ Чемпионун үрдүк аатын сүктүлэр, сүрүн бириистэринэн наҕараадаланнылар:
- Инжектор — Новигатор (Нюрбинский улууһа)
- Карбюратор — Ураган (Намский улууһа)
Ону таһынан эбии ыытыллыбыт түһүмэхтэр «Автоледи» (кыргыттарга), «Любительскай» (баҕалаахтарга) массыына маркатыттан тутулуга суох кыттыннылар. Ол курдук, iPhone, Smart часы, планшет, о.д.а сыаналаах бириистэр оонньоннулар.
Гаврил ПРОКОПЬЕВ, VIII кылаас, А.С.Шахурдин аатынан Төҥүлү орто оскуолата, Мэнэ Хаҥалас