Эбэлэрим сымнаҕастар,
Сылаас, сылаас илиилээхтэр,
Алаадьылара амтаннаах,
Астара барыта минньигэс.
Мин кинилэри таптыыбын,
Хаhан тиийэн үөрдэбиин…
Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев Саха АССР тэриллибитэ 100 сылын туолар үбүлүөйүнэн биллэрбит Ийэ сыла саҕаланна. Олус таптыыр, ытыктыыр, куруук ахтар эбэлэрбин, төрөппүттэрим ийэлэрин туhунан биир саастыылаахтарбар билиhиннэриэхпин баҕарабын.
Мин икки эбэлээхпин. Любовь Ксенофонтовна Протодьяконова, Чурапчы улууһун Чыаппаратыгар олорор. Кини миэхэ ийэбинэн эбэм. Иккис эбэм Евдокия Михайловна Таппырова, Таатта улууһун Кыйытыгар олорор. Кини мин аҕам өттүнэн эбэм. Бу мин саамай күндү дьонум. Сайын буолла да, дьонум сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр эбэлээх эһэбэр сынньата, көмөлөһүннэрэ ыыталлар. Онон күһүн үөрэх буолуор диэри Чурапчынан уонна Тааттанан сылдьан, дьоммор көмөлөһөбүн. Эбэлэрим үтүө санаалаах, талааннаах, барыны сатыыр буоланнар, кинилэртэн элбэххэ үөрэнэбин.
Эбээ Люба
Эбээ Любам дэриэбинэҕэ биллэр оҕуруотчут. Биир саамай сөбүлүүр дьарыга сибэкки арааһын үүннэрии. Саас эрдэттэн олордон, сайын олбуорбут иһэ араас кыраһыабай сибэккинэн туолар. Миигин сибэккини хайдах олордортон саҕалаан, хаһан уу кутары, сибэкки хайдах халлаан туругун сөбүлүүрүн, хаһан сиэмэтин биэрэрин барытын көрдөрбүтэ. Эбэм сибэккинэн дьарыктанар буолан, элбэх сибэкки аатын билэбин. Теплицаҕа оҕуруоту хайдах көрөрү, хаһан аһын хомуйары, эбии тугунан аһатары элбэхтэ сүбэлиир. Эбэм араас көрүҥ оҕурсулары, помидордары, кабачоктары, пиэрэстэри, моркуоптары, сүбүөкүлэлэри олордор. Суордун көрүҥүн биири да бутуйбат. Быйыл өссө хаппыыстаны көрөргө үөрэппитэ. Бэйэбит үүннэрбит хаппыыстабытын күһүн ыhаарылаан сиэбиппит. Олус минньигэс этэ. Оҕуруот аһыгар элбэх битэмиин баарын эбэм этэриттэн эмиэ билэбин.
Сибэкки, оҕуруот аһын олордорун таһынан өссө ас астыырын сөбүлүүр. Бурдук аһы астыырга, балык хатырыктыырга эбэбиттэн үөрэммитим. Бу курдук, эбэбэр сылдьан, күн аайы туох эрэ саҥаҕа куруук үөрэнэбин. Өссө күһүн тыаҕа хаппыт туостуу барсааччыбын. Кыһын оһоххо саһаҕа гынарга олус наадалаах диэбитэ. Туостаах буоллаҕына, оһох түргэнник умайар эбит. Иллэҥ кэмигэр кыбытык тигиинэн дьарыктанар. Араас өҥнөөх таҥастары аттаран, элбэх олбоҕу, суорҕаны тигэр. Ону таhынан, араас омук сирдэрин чуорааннарын мунньар. Ол уон биэс омук сирин чуорааннара кини ыскаабын киэргэтэллэр. Былырыыҥҥыттан өрүс таастарын мунньар. Өссө киниэхэ ийэтиттэн тиксибит фарфор оонньуурдары хараҕын харатын курдук харыстыыр. Билигин төhө да сынньалаҥҥа олордор, биир кэм үлэлии-хамсыы сылдьар, араас сүбэни-аманы биэрэ олорор.
Тааттаҕа олорор эбэм
Оттон Тааттаҕа олорор эбэм Евдокия Михайловна уон кылаас үөрэҕин бүтэрээт, Бүлүү педагогическай училищетын туйгуннук бүтэрэн, учуутал идэтин баhылаабыта. Таатта улууhугар Кыйы нэhилиэгэр үлэҕэ анаммыта. Ол кэмҥэ онно коррекционнай интэринээт-оскуолаҕа иитээччинэн үлэтин саҕалаабыта. Эбэм оскуолаҕа 45 сыл таhаарыылаахтык үлэлээбитин элбэх наҕараадалара туоhулууллар.
Эбээ Дуням үөрэтиитэ эмиэ элбэх. Сайын устата эбэбиниин сир астыыбыт. Бастаан дьэдьэҥҥэ барабыт. Онтон хаптаҕас буһар, салгыы моонньоҕоннуубут уонна отоҥҥо сылдьабыт. Бу сылдьан эбэбит тыаҕа хайдах сылдьары, бэйэ кэнниттэн бөҕү-саҕы бырахпат буолуҥ, диэн куруук үөрэтэр. Дьэдьэн, хаптаҕас, моонньоҕон, отон үүнэр сирдэрин көрдөрөр. Өйгүтүгэр хатааҥ диир. “Кэлин, улааттаххытына, бэйэҕит кэлиэххит дии”, — диир. Эбэбит үөрэтэн, билигин чугас тыаҕа бэйэбит да сылдьыахпытын сөп. Кинини кытта бэйэбит эрэ сир астыыр кистэлэҥ миэстэлэрдээхпит. «Сири куруук аһатыахтааххыт, айылҕаҕа улаханнык саҥарыа суохтааххыт», — диэн мэлдьи үөрэтэр. Эбэм ыраас туттунуулаах хаһаайка буоларга эмиэ үөрэттэ. Таҥаһы, иһити, дьиэни ыраастык сууйар буол, диэн этэр. Сайын устата маҕаһыынтан килиэп, аһылык ылабын. Онно эбэм биэрбит харчытын сөпкө туһанарга, харчым ордугун сатаан аахсан ыларга үөрэнэбин. Ас сиэниллэр болдьоҕун атыылаһарбар эмиэ көрөбүн. Эбэм оннук үөрэппитэ.
Икки тапталлаах, үлэhит, үтүө санаалаах, сымнаҕас майгылаах эбэлэрбинэн киэн туттабын. Кинилэр миэхэ холобур буолаллар: үлэни таптыырга, хаачыстыбалаахтык туттарга, дьону сыаналыырга. Күндү дьоммун, эбээлэрбин олус күүскэ таптыыбын. Кинилэр өссө да уһуннук, чэгиэнник олороллоругар баҕарабын. Хас биирдии оҕо мин курдук эбэлэрдээх буолуон баҕарабын!
Сайаана ТАППЫРОВА, VI “В” кылаас үөрэнээччитэ,
Дьокуускай куорат 17 №-дээх оскуолата.