Тохсунньу ый 23 күнүгэр Хаҥалас нэһилиэгэр Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай көһө сылдьар драматическай тыйаатыр саха литературатын төрүттэспит суруйааччылартан биирдэстэрэ Николай Неустроев суруйбут норуокка киэҥник биллибит «Тиэтэйбит» кэмиэдьийэтин эдэр режиссер Алгыс Макаров туруоруутугар көрдөрдө. Бу күн нэһилиэк олохтоохторо, театр кэрэ эйгэтигэр кыттыһан, элбэх киһи кэлэн испэктээги астына көрдө сэҥээрдэ, күлэн үйэтин уһатта.
Испэктээккэ Ньурба театрын киэн туттуулара буолбут, СӨ үтүөлээх артыыстара Майя Слепцова, Венера Никитинаны кытта, бары да талааннаах эдэр артыыстар оонньоон көрдөрбүттэрэ. Ньурбабыт театра кэскиллээҕин көрөөччү инникитин өссө да элбэҕи эрэнэ кэтэһэрин туоһутунан буолла. Эдэр артыыстар Омуннаах Уйбаан сүрүн оруолун толорбут артыыс Роман Семенов, Хаахынай Сэмэн оруолугар Петр Филиппов, кыра уол Олег Конощук, Сардана Михайлова, Ася Колесова толорууларын көрөөччү чугастык ылынна. Ону сэргэ бу испэктээккэ, кэмиэдьийэ жанрын кыайа тутан оонньообут уруккуттан да сөбүлээн көрөр артыыстарбыт — СӨ култууратын туйгуннара Прокопий Федоров, Олег Конощук, Надежда Афанасьева, Артур Евсеев бу сыллар тухары Ньурба театры таптааччыларын сүгүрүйүүтүн элбэхтик ылан кэллэхтэрэ. Испэктээк уотун-күөһүн эдэр уолаттар А. Михайлов, В. Николаев кыайа туппуттар, артыыстары эрэллээх суоппардара Александр Николаев таста. Көрөөччүлэр испэктээк түмүк чааһын «браво», «бис» хаһыынан доҕуһуоллаан артыыстарга кэрэ түгэни бэлэхтээтилэр.
«Тиэтэйбити» көрбүт нэһилиэк олохтоохторо, испэктээги биһирээбиттэрин куйаар ситимигэр ыытан үөрүүлэрин үллэстибиттэр, ол курдук нэһилиэк олохтооҕо Валентина Николаева: — «»Тиэтэйбити» куорат театрын испэктээгин уонна киинэтин көрүөхпүн баҕарар этим. Бэҕэһээ көрөммүн наһаа астынным, бэйэбит да артыыстарбыт оһуобай үчүгэйдик оонньууллар эбит», итини сэргэ Хаҥалас МТ дьаһалтатын баһылык солбуйааччытын дьиэ кэргэнинэн кэлэн көрбүт Семен Семенов: — Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай көһө сылдьар драматическай тыйаатыр Н. Неустроев «Тиэтэйбит» кэмиэдьийэтин туруорбуттарын көрөн-истэн, олус сэҥээрэн кэллибит. Артыыстар бэркэ да оонньууллар, оруолларыгар киирэллэрэ киһини сөхтөрөр», — диэн суруйбуттара элбэҕи этэр.
Театр бу ураты эйгэ, манна көрөөччү музыка дьүрүскэн тыаһыгар уйдаран үөрэн күлүөн, хомойон ытыан да сөп. Толкуйдуохха уонна дьиктиттэн соһуйуохха эмиэ сөп. Билигин олох сыаннастара, сайдыы тэтимэ түргэнник уларыйа турар кэмигэр, эдэр көрөөччү искусство бу саамай уһулуччулаах эйгэтин — тыйаатыры таптыы, умсугуйа көрөллөрүгэр баҕа санаабын тиэрдэн туран, саха театрын төлкөтүн түстэспит улуу Алампа тылларынан түмүктүүбүн: «Театр — киһи үчүгэй санаатын уһугуннарар, сайыннарар оскуола».
Мария Николаева, библиотекарь, Хаҥалас, Ньурба.