Биһиги Ньурба оройуонун Хаҥалас агрооскуолатыгар сылын аайы хортуоска олордобут. Оҕолор учууталларбытынаан саас олордобут уонна күһүн хомуйабыт. Бу сылга эмиэ үгэс кэһиллибэтэ.
Ол курдук кэмигэр хортуоскабытын хостоотубут. Үүнүү былырыыҥҥытааҕар мөлтөх да буоллар, син сөптөөҕү ыллыбыт. Элбэх буолан түргэнник үлэлээн бүттүбүт. Өссө кыралаан-улаханнаан наардаан тус-туспа куулларга угаттаатыбыт уонна харайыыга уурдубут. Кыһын остолобуойбутугар сибиэһэй, мип-минньигэс, бэйэ үүннэрии хортуосканы сиэхпит.
Лияна Фёдорова, 7 кылаас,
«Ыллык» пост, Ньурба Хаҥалас.