«Айыы кыһата» гимназия сэттис кылаастара Хаҥалас улууһун киинэ Покровскай куоракка экскурсияҕа сырыттылар. Оҕолор мусуойга, Орто дойду зоопааркатыгар сылдьан, олус астынан, сөбүлээн кэллилэр.
Мичил Решетников, 7 «Г» кылаас:
— Биһиги соторутааҕыта кылааһынан Хаҥалас улууһун киинигэр Покровскай куоракка экскурсияҕа баран кэллибит. Покровскай Дьокуускайтан 74 км тэйиччи, ол аата саамай чугас сытар улуус буолар. Манна 32000 тахса киһи олорор. Биһиги Покровскай кэрэ-бэлиэ сирдэрин кэрийбиппит, кыраайы үөрэтэр мусуойга сылдьыбыппыт.
Мусуойдара олус баай экспонаттардаах. Онно биһигини саха норуодунай суруйааччыта, прозаик, поэт Павел Николаевич Харитонов-Ойуку көрсүбүтэ, экскурсовод быһыытынан олус интэриэһинэй элбэх сонуну, чахчыны кэпсээбитэ. Мин ордук былыргы саха боотурдарын куйахтарын, кэтэр таҥастарын, сэриилэһэр тэриллэрин сэҥээрэн көрдүм. Арыый хойукку саа сэбэ эмиэ баар. Быһа холоон, воздушка-саа саҕа кээмэйдээхтэр эбит.
Төннөн иһэн, Орто дойду зоопааркатыгар сырыттыбыт. Мин урут манна дьоммун кытта хаста да сылдьыбытым. Бу сырыыга кыыллар аҕыйаабыттар курдук. Эһэлэр бааллар. Мохсоҕолу чугастан үчүгэйдик көрдүм. Бу зоопааркаҕа үксэ Саха сиригэр үөскүүр кыыллар олороллор. Мин санаабар, бу кыыллар уонна көтөрдөр араас биричиинэнэн тыыннаах айылҕаҕа көҥүл сылдьар кыахтара суох. Ол иһин манна специалистар көрүүлэригэр, сөптөөх усулуобуйаҕа, үчүгэй аһылыкка олороллоро ордук.
Бу курдук, биир интэриэһинэй айан буолан ааста. Эһиил өссө атын чугас улууска барыахпытын сөп эбит.
Минтимир Андросов, VII “г кылаас:
— Сарсыарда оскуолабыт аттыгар VII «г» уонна VII «в» кылаастар мустубуппут. Олус үчүгэй, сылаас күн турбута… Суолу биир гына кэпсэтэн, күлэн-үөрэн, айаны билбэккэ, Покровскай куоракка тиийэн кэлбиппит. Бу –Лена өрүс үрдүгэр турар, ураты айылҕалаах куорат. Аан бастаан Г.В. Ксенофонтов аатынан кыраайы үөрэтэр мусуойга сырыттыбыт. Онно былыргы тэрил, сэлии муоһа уонна да атын экспонаттар бааллара. Ордук былыргы маллары интэриэһиргээбитим.
Салгыы Орто дойду зоопааркатыгар айаннаатыбыт. Айаннаан иһэн, ким ханнык кыылы баҕарарын кэпсэппиппит. Үксүлэрэ саамай үрүҥ эһэни көрүөхтэрин баҕараллар эбит, онтон хотойу көрүөхпүн баҕарбытым. Зоопаарканы бары наһаа астыммыппыт, араас кыыллары көрөн үөрбүппүт.
Өссө да инникитин кылааһынан араас мусуойдары, сири-дойдуну көрө барыахпын олус баҕарабын.
Алиса Иванова, VII «г» кылаас:
— Биһиги, VII «г» кылаас үөрэнээччилэрэ, учууталбыт Сокольникова Елена Васильевналыын Покровскай куоракка сылдьан кэллибит. Доҕотторбун кытта кэпсэтэ-кэпсэтэ айаннаан, уһун айаны билбэккэ хааллым. Кыраайы үөрэтэр мусуойга, зоопааркаҕа сылдьан, элбэҕи биллибит. Бу айантан саҥа билиилээх, элбэх хаартыскалаах кэллибит.
Үчүгэй, интэриэһинэй, умнуллубат күн буолан ааста.
«Айыы кыһата» гимназия.