Хас күн аайы биһиги сылаас оскуолаҕа үөрэнэрбит туһугар туруулаһан үлэлиир ОДьКХ тэрилтэтэ буолар. Кинилэр үлэлэрэ да, үлэлиир усулуобуйалара да ыарахан. Кинилэр үксүн элбэхтэ ахтыллыбат, общественность болҕомтотугар ууруллубат идэлээх дьон. Итинник санаанан салайтаран, бэйэлэрин кытта сирэй көрсөн кэпсэтэргэ, үлэлэрин-хамнастарын сырдатарга сананным.
Оскуолабыттан чугас турар котельнайга тиийэн, Хайахсыт нэһилиэгин учаастагын маастарын Алексей Алексеевич Евграфовы кытта көрсөн кэпсэттим.
– Алексей Алексеевич, биһиги нэһилиэкпитигэр хас котельнай баарый? Бу котельнайдар ханнык объектары итиинэн хааччыйалларый? Оттук сезона хайдах баран иһэрин туһунан кэпсииргэр көрдөһөбүн.
– Нэһилиэкпитигэр икки котельнайдаахпыт. Бастакы котельнайбыт – Киин котельнай. Норуот айымньытын, нэһилиэк дьаһалтатын, ветеренария, почта тэрилтэлэрин, уопсай дьиэлэри, газка киирбэтэх аҕыйах ыал дьиэтин итиинэн хааччыйар.
Иккис котельнайбыт – оскуола котельнайа. Таас оскуола-уһуйааны, нэһилиэк спортзалын уонна учууталлар олорор уопсай дьиэлэрин ититэр. Оттук дьыла этэҥҥэ саҕаланна диэххэ сөп. Суһал быһыылар таҕыстахтарына, түүн да, күнүс да буоллун, үлэлэһэбит.
Быйыл Саҥа дьыл иннинэ оскуола саҥа газ котельнайа үлэҕэ киириэхтээх, эһиилги былааҥҥа – Киин котельнай газ оттукка көһөрө былааннанар.
– Биһиги нэһилиэкпитигэр кыстыгы туоруурга төһө чох нааданый? Оттук чох хантан тиэллэн кэлэрий?
– Суол баарыгар чоҕу Кангаластан аҕалаллар. Билигин, суол суоҕунан сибээстээн, Таатта улууһун Харбалаах карьерыттан таһа сылдьаллар. Кыстыгы туоруурга, икки котельнайынан, быһа холоон, 1400 тонна чох барар.
– Кочегардар нэһилиэк тутаах дьонноро буолаллар. Котельнайдарга хас киһи үлэлиирий?
– Киин котельнайга кочегардар алтыалар, оскуола котельнайыгар 5 кочегар үлэлиир. Ону таһынан тэрилтэбитигэр 2 слесарь, 1 электрик, 1 сварщик баар. Кинилэр үлэлэрин быыһыгар, уот барар түбэлтэтигэр, дизель холбоон, ону хонтуруоллаан көрөллөр-истэллэр.
***
Ити курдук А.А. Евграфовы кытта кэпсэтэн баран, котельнай иһигэр киирэн бүгүн үлэлии сылдьар Егор Иннокентьевич Петровы көрсөн кэпсэттим.
Егор Иннокентьевич котельнайга үлэлээбитэ 10-тан тахса сыл буолбут. Үлэтигэр олус бэриниилээхтик, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар.
«Кочегарынан үлэлииргэр ыарахаттары көрсүбэккин дуо?» диэн ыйыппыппар: «Хас биирдии үлэҕэ барытыгар ыарахаттар бааллар», – диир.
Кочегар үлэтэ олус сыралаах, эппиэтинэстээх. Доруобуйаҕа охсуулаах. Ону ол диэбэккэ биһиги туспутугар кыһаллан үлэлии сылдьар ОДьКХ тэрилтэтин үлэһиттэригэр мин тус бэйэм ааппыттан улахан махталбын тиэрдэбин.
Лилия МАРКОВА, VIII кылаас,
А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата, Чурапчы