Ахсынньы 3-4 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллар «Хаҥалас Хапсаҕайа-2024» Гран- При турнирыгар Кыргызстан, Узбекистан, Монголия тас дойдуларыттан уонна Татарстан, Тыва, Бурятия, Хакасия, Алтай о.д.а. Россия регионнарыттан хапсаҕайдьыттар кэллилэр.
Бу тэрээһиҥҥэ аналлаах пресс-кэмпириэнсийэҕэ Кыргызстан национальнай тустуутун федерациятын президенэ Рыскельди Шамиев, СӨ спордун миниистирэ Леонид Спиридонов, СӨ хапсаҕайга федерациятын вице-президенэ Вячеслав Нестеров, Хаҥалас улууһун баһылыга Олег Иринеев, «Модун» спорт национальнай көрүҥнэрин киинин дириэктэрэ Геннадий Васильев уо.д.а. кыттыыны ыллылар.
Леонид Николаевич хапсаҕай өрөспүүбүлүкэҕэ саамай киэҥ биһирэбили ылбыт спорт көрүҥэ буоларын тоһоҕолоото. Спорт бу көрүҥэ өрөспүүбүлүкэнэн эрэ муҥурдаммакка, атын регионнарга, тас дойдуларга тарҕаныахтааҕын туһунан эттэ. Холобурга мас-рестлинг Америкаҕа тиийэ биһирэнэр буолан турарын аҕалла. Хапсаҕайы да киэҥник тарҕаттахха, быраабылата боростуойунан, тустааччы күүһүнэн эрэ буолбакка, сатабылынан, сымсатынан кыайыылаах тахсарынан, хайаан да, улахан сэҥээриини ылыа этэ.
Олег Валериевич хапсаҕай Хаҥаласка урут-уруккуттан биһирэнэр спорт көрүҥэ буоларын кэпсээтэ. «Хаҥалас Хапсаҕайа» турнир 1997 сыллаахтан, пандемия эрэ кэмигэр тохтоон, ситимин быспакка ыытыллар. Билигин ыытыллар турнир 27-с буолар.
Рыскельди Ишенбаевич хапсаҕайы бастаан Чувашияҕа ыытыллыбыт «Всемирные игры национальных видов единоборств» тэрээһиҥҥэ сөбүлүү көрбүт. Икки бөҕөстөрө онно финалга киирбиттэринэн киэн туттар.
Вячеслав Анатольевич бу сайын Кыргызстаҥҥа хапсаҕай турнирын тэрийэллэрин биллэрдэ. «Тоҕо чопчу Кыргызстаҥҥа?” – диэн суруналыыстар ыйытыыларыгар: «Өскө биһиги хапсаҕайы аан дойду таһымыгар таһаарар сорук туруоруммут буоллахпытына, төһө кыалларынан, элбэх дойду кыттарын ситиһиэхтээхпит. Онон араас дойдулар кэлэллэригэр Кыргызстан саамай табыгастаах дойду буолар. Күрэхтэһии элбээбитэ 350, аччаабыта 45 судаарыстыба кыттыылаах буолуохтаах»,- диэн хоруйдаата.
«Кэскил» суруналыыһа буолаары турар норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» спортивнай оонньууларга хапсаҕай федерацията туох үлэни ыытарын токкоолоһон, Геннадий Анатольевичтан: «Билиҥҥи туругунан эдэр хапсаҕайдьыттар бастакы талар түһүмэҕи аастылар, аны иккис эргиири ааһыахтаахтар. Оҕолору биллиилээх тириэнэрдэр дьарыктыы сылдьаллар»,- диэн хоруйу ылла. Уонна кини өссө биир суолталаах түгэҥҥэ тохтоото: «Өрөспүүбүлүкэ бырабыытыластыбата спорт национальнай көрүҥнэрин күүскэ өйүүр. Билигин мас-рестлинг, национальнай ыстаҥа Россия, аан дойду таһымыгар таҕыстылар. Аны салгыы хапсаҕай эмиэ билинии ыларыгар үлэлиэхтээхпит».
Бэйэбит кэр.