Гвардия майора, Сэбиэскэй Сойуус Геройа Николай Николаевич Чусовской 1944 с. ыам ыйыттан сэриигэ кыттыбыт. Бастаан утаа 3-с Украинскай фроҥҥа, онтон 1-кы Белорусскай фроҥҥа аатырбыт 8-с гвардейскай аармыйа 57-с стрелковай дивизиятын 172-с стрелковай полкатын стрелковай батальонун хамандыырынан кыргыһыыларга кыттыбыт.
Майор Чусовской хамаандалыыр батальона 1945 сыл муус устарыгар аатырбыт Зееловскай үрдэллэри тоҕу көтүүгэ сураҕырбыт. Хамандыыр бастакы ударнай бөлөҕү салайан өрүһү туораан, батальон туоруурун хааччыйбыт.
«Бу суругу Николай Чусовской хас сыллаахха суруйбутун билбэппит. Улуу Кыайыы 30 сылыгар кэлэ сылдьан буолуо диэн сабаҕалыыбыт. Бу кэмҥэ Антоновка орто оскуолатын дружинатын Герой аатынан ааттаабыттара. Антоновка нэһилиэгэр Николай Чусовской пааматынньыга, сквер, 2 бюст баар, уулусса уонна Антоновка орто оскуолата кини аатын сүгэллэр», — диэн Н.Н. Чусовской аатынан Антоновка орто оскуолатын краеведческай мусуойун салайааччыта П.М. Захарова быһаарар.
Бэлэмнээтэ Айыына ТРОФИМОВА.
Источник: keskil14.ru
Сэбиэскэй Сойуус Геройа Николай Чусовской пионердарга кэс тыла