Дириҥ бөһүөлэгэр оскуола үөрэнээччилэрин комплекснай спартакиадаларын чэрчитинэн энтузиаст-тренер А.Н. Михайлов кэриэһигэр мини-футбол күрэҕэ буолан ааста. Улуус 17 оскуолатыттан эдэр футболистар күөн көрүстүбүт, бастыыр иһин эриирдээх-мускуурдаах, мин санаабар, кыраһыабай оонньуулары көрдөрдүбүт.
Күрэхтэһиини Дириҥ оскуолатын дириэктэрэ М.С. Игнатьев, үөрэх управлениетыттан спорт салаатын салайааччыта И.П. Лукин уонна Альберт Николаевич аҕата Николай Григорьевич Михайлов астылар.
Николай Григорьевич биһиэхэ, кыттааччыларга, ситиһиини баҕарда уонна уолун сырдык кэриэһигэр ыытыллар күрэххэ сылын аайы бэлэмнэнэн кэлэн кыттарбытыгар махтанна. Кини уола саҕалаабыт дьарыга, сырата таах хаалбатаҕыттан, футболу оҕо эрэ барыта сөбүлүүр оонньуута буоларыттан астынарын биллэрдэ.
Күрэхтэһии олус тыҥааһыннаахтык барда. Хамаандалар бииртэн биир күүстээхтэр. Дьэ, манна баара тиритэ-хорута кыайыыга дьулуур, сыыһа туттан кыһыйыы-абарыы, гол киирбититтэн өрөгөйдөөх үөрүү… Маннык сытыы киирсиилээх оонньуу түмүгүнэн биһиги хамаандабыт I миэстэни ылары ситистэ!
Бу күрэххэ былырыын эмиэ бастаабыппыт, улууска мини-футболга чемпион буоларбытын өссө төгүл бигэргэттибит. Хамаандабытыттан Игнатьев Володя (11 кыл.) “Бастыҥ хапытаан”, Макаров Миша (11 кыл.) “Бастыҥ нападающай” ааттарын ыланнар, санаабытыгар, билигин даҕаны дууһабытыгар кыайыыбыт өрөгөйө баарга дылы.
Биһигини, сылайары билбэккэ, тренербит Е.И. Яковлев дьаныһан туран эрчийэр, төһө да экзаменнарбыт чугаһаатар, бириэмэбитин сөпкө аттарарбытыгар үөрэтэр. Егор Иванович биһиги үөрэххэ да, үлэҕэ да, спорка да инники күөҥҥэ иһэрбитигэр өҥөтө улахан.
Нестерев Алеша, XI кылаас үөрэнээччитэ,
Сылаҥ, Чурапчы