Саха былыргыттан ырыа куттаах омук. Н.И. Прокопьев аатынан Хатыы орто оскуолатыгар алтынньы 21 күнүгэр Маалыкайтан ырыа оскуолатын дириэктэрэ, ырыаһыт, “Амака” бөлөх салайааччыта Афанасий Дмитриевич Потапов кэлэн, оҕолору гитараҕа үөрэттэ.
Гитара — ырыаны доҕуһуоллуурга туттуллар инструменнартан биирдэстэрэ.
Манна мустубут оҕолор презентация көмөтүнэн гитара тутулуттан саҕалаан, арааһыгар тиийэ билистилэр. Хас биирдии аккорд суолтатын кэпсии-кэпсии, табыгастаахтык тутан, охсорго үөрэннилэр. Оҕолор биир тылы булан, үөрэ-көтө, бары көхтөөхтүк үөрэннилэр, кыбыстыбакка, сэҥээрэр ыйытыктарын биэрэн, сөптөөх хоруйдары ыллылар. Афанасий Дмитриевич гитараны тутарга, аккордары охсорго хас биирдии оҕоҕо тус хайысхалаах сыһыаннаах үөрэҕин, сүбэтин бары ылыннылар. Үөрэх быыһыгар кылгас-кылгас ырыа ылламмыта оҕолор болҕомтолорун өссө тарта. Гитараҕа дьаныардаах, тулуурдаах, баҕалаах түргэнник сатыырын өйдөттө уонна кэккэ сүбэлэри биэрдэ.
Гитара алыбыгар ылларбыт үөрэнээччилэр үөрэҕи түргэнник ылыннылар. Афанасий Дмитриевич салгыы үөрэниэн баҕалаахтары Маалыкайдааҕы музыкальнай оскуолаҕа, эбэтэр, куйаар ситимигэр бөлөх арыйан, үөрэтиэн сөбүн эттэ. Биир дойдулаахпытыгар кэрэҕэ уһуйбуккар барҕа махтал тылларын этэбит.
Уһулан таҥна “Чуораанчык” медиакиин кэрэспэдьиэнэ Сайаана Тимофеева, Х кылаас үөрэнээччитэ.
Салайааччы И.И. Васильева, саха тылын, литературатын учуутала.