Ахсынньы 7 күнүгэр «Буорах сыттаах хоһооннор» уус-уран ааҕыы күрэҕэ А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятыгар ыытылынна. Күрэх сыала-соруга: үөрэнээччилэргэ ааҕыыга көҕү үөскэтии, хоһоон эйгэтигэр угуйуу, кэлэр кэнчээри ыччаты ытыктабыллаах, бэриниилээх буолууга үөрэтии.
Тэрийээччилэр 7-в кылаас кэлэктиибэ, гимназия медиакиинэ. Оксана Васильевна, медиакиин салайааччыта, Капиталина Семеновна, саха тылын уонна литературатын учуутала «Биһиги Кыайыы сиэннэрэбит» барыл туһалааҕын, оҕо бэйэтин төрөөбүт тылынан айымньылары ааҕа үөрэннэҕинэ – дойдутугар бэриниилээх буола улаатара саарбахтамматын туһаайан барылбыт биир хайысхатын өйөөтүлэр.
2023-2024 үөрэх сылыттан 7-в кылаас үөрэнээчилэрэ, төрөппүттэрэ, кылаас салайааччы Румянцева Наталия Олеговна «Биһиги Кыайыы сиэннэрэбит» барыл үлэтин саҕалаабыттара. Барыл хайысхата чинчийэр үлэлэрдээх, араас хайысхалаах. Уус-уран ааҕыы күрэҕэ 7-в кылаас «Биһиги Кыайыы сиэннэрэбит» барылын чэрчитинэн ыытылынна. Бу күрэх Өрөгөйдөөх Кыайыы 80 сылын көрсө сураҕа суох сүппүт саха саллааттарын чиэстэригэр ананна.
Уус-уран ааҕыы күрэҕэ 119 гимназия үөрэнээччитин түмтэ. Ону таһынан кылаас төрөппүттэрэ кыттыыны ыллылар. Биирдиилээн, бөлөҕүнэн үөрэнээччилэр Аҕа дойду Улуу сэриитин, Улуу Кыайыы туһунан саха суруйааччыларын хоһооннорун дорҕоонноохтук аахтылар. Маны таһынан Надежда Михайловна Дмитриева 7-в кылаас төрөппүтэ саҥа суруллубут хоһооннорун 2-а кылаас үөрэнээччитэ Айнара Дмитриева, 7-в кылаас үөрэнээччитэ Айтал Дмитриев толорууларыгар дуоһуйа иһиттибит.
7-в кылаас төрөппүттэрэ кылаас оҕолорун кытары «Кыайыы» диэн ырыаны толордулар. Саха биллиилээх бэйиэтэ, бөдөҥ судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл, П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Сергей Степанович Васильев-Борогонскай «Ытык Ильмень» баллаадатын төрөппүттэр толорон кыттааччылар, төрөппүттэр, учууталлар биһирэбиллэрин ыллылар.
«Сураҕа суох сүппүт саха саллааттара» барылбыт биир хайысхатынан 7-в кылаас үөрэнээччилэрэ тиһиктээхтик чинчийэн хос эһэлэрин, аймахтарын туһунан материал хомуйбуттара. Бу матырыйааллары түмэн Виолетта Гаврильева презентация оҥорон сэһэргээтэ.
Дьүүллүүр сүбэ Оксана Васильевна, Капиталина Семеновна, Надежда Егоровна кыттааччылары тыллара-өстөрө чуолкайын, дорҕоонноохтук, ис хоhоонун арыйан ааҕалларын, сыанаҕа сатаан тутталларын-хапталларын, сценическэй көстүүмнэрин сыаналаатылар.
Уус-уран ааҕыы түмүгүнэн саамай кырачаан кыттааччыларбыт бөлөхтөрүгэр «Кылаан чыпчаал» үрдүк аатын ыллылар 1 “б” кылаас үөрэнээччилэрэ Тимофеев Максим, Эркинов Тимур, Попов Витя, Тарский Туйгун, Тобонов Артур “Кыайыы андаҕара” Архип Кудрин-Абаҕыыныскай хоһоонун толорууларынан, кылаас салайааччы Белолюбская Анна Гаврильевна. Орто сүһүөххэ: “Кылаан чыпчаал” үрдүк аатын ыллылар: 6 “в” кылаас үөрэнээччилэрэ Шахурдин Дмитрий, Ильин Владимир, Борисов Айыллаан “Кыайыы салюта” Иннокентий Артамонов хоһоонун толорууларынан, салайааччы Белолюбская Мария Петровна, 7 “б” кылаас үөрэнээччилэрэ Николаева Даяна, Прокопьева Айсена, Татаринова Полина, Кобякова Динара “Саха буойуна” Илья Винокуров-Чаҕылҕан, Тимофей Сметанин хоһооннорун толорууларынан, салайааччы Попова Марфа Николаевна. Бастакы миэстэни ыллылар: 1 “в” кылаас үөрэнээччилэрэ Худогизов Кудай, Чемезов Эрсан, Яковлев Максим, Александров Айаан, кылаас салайааччы Габышева Мария Егоровна; 3 “а” кылаас үөрэнээччилэрэ Попова Чэмэлиинэ, Николаева Маргарита, кылаас салайааччы Максимова Наталия Михайловна; 6 “в” кылаас үөрэнээччилэрэ Степанов Ньургун, Брызгалов Роман, салайааччы Белолюбская Мария Петровна; 7 “в” үөрэнээччилэрэ Попова Кюннэй, Никулин Арсен, Корякина Сайаана, кылаас салайааччы Румянцева Наталия Олеговна; 10 “а” кылаас үөрэнээччилэрэ Афанасьев Сандал, Васильев Константин, Данилов Сандал, Каратаев Максим, Охлопков Максим, Потапов Сергей, Саввин Айсен, Слепцов Айаал, Татаринов Алексей, Шишигин Сулустаан, кылаас салайааччы Кириллина Күндэлиинэ Трофимовна.
Биирдиилээн ааҕыыга “Кылаан чыпчаал” үрдүк аатын ылла Искаков Рустам “Бэс ыйын 22 күнэ” Иннокентий Артамонов хоһоонун толорон, кылаас салайааччыта Габышева Мария Егоровна. Анал аат иҥэриллиннэ Старостин Яшаҕа, 4 “а” кылаас үөрэнээччитигэр, салайааччы Романова Лена Ананьевна. Орто сүһүөххэ биирдиилээн ааҕыыга “Кылаан чыпчаал” үрдүк аатын ылла Алексеев Айхал, 6 “в” кылаас үөрэнээччитэ. “Хомоҕой ааҕааччы” анал аат иҥэрилиннэ Карманов Ньургуҥҥа, 5 “б” кылаас үөрэнээччитигэр. Бастакы миэстэни ыллылар: Афанасьев Афоня, 1 “в” кылаас үөрэнээччитэ, кылаас салайааччы Габышева Мария Егоровна, 2 “а” кылаас үөрэнээччитэ Дмитриева Айнара, кылаас салайааччы Герасимова Светлана Еремеевна; 8 “в” кылаас үөрэнээччитэ Слепцов Афоня, кылаас салайааччы Анисимова Галина Семеновна.
Кыайыылаахтар анал грамоталарынан наҕараадаланнылар. Кылаас аатыттан кыайыылаахтарга, биирдиилээн кыттааччыларга минньигэс бэлэх туттарыллынна. Анал аат иҥэриллибит үөрэнээччилэргэ медиакиин бэлэҕин кинигэ туттарда.
Бары үөрэнээччилэргэ кыттыыны ылбыттарыгар 7 “в” кылааһын аатыттан махталбытын тиэрдэбит! Кылаас салайааччыларыгар, төрөппүттэргэ оҕолоргутун бэлэмнээн кытыннарбыккытыгар махтанабыт! Баҕарабыт ситиһиилэри, үрдүктэн үрдүккэ дабайыыны!
А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын 7 “в” кылааһын төрөппүт кэмитиэтэ.
keskil14.ru