Гиирэ спордунан эрчиллэргэ улахан миэстэни ылбатынан, элбэх үгүс спорт инбэнтээрэ ирдэммэтинэн, эрчиллэргэ олус табыгастаах көрүҥ.
Россия Кубогын иккис, Россия полуфиналын үһүс призерадара, Саха сирин чемпиона, спорт маастара Руслан Лугинов (Уус Алдан) гиирэ спордунан оскуола кэмиттэн дьарыктанар. «Эр киһини бу көрүҥ тулуурга, дьулуурга үөрэтэр», — диэн санаатын үллэстэр. Гиирэ спорда саха ыччатыгар сайдар кэскиллээҕин бэлиэтиир.
– Руслан, ааҕааччыларга, баһаалыста, бэйэҕин билиһиннэр эрэ.
– Мин Уус Алдан улууһун наһаа нарын тойуктаах Найахы нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Лугиновтар дьиэ кэргэҥҥэ иккис оҕонон төрөөбүтүм. Ыал кыра оҕотобун. Бииргэ төрөөбүт эдьиийдээхпин.
– Үөрэҕин туһунан кэпсээтэххэ…
– Билигин М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка, горнай институт магистратуратын “Управление пожарной безопасности” диэн салааҕа ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьабын.
– Спорт эйгэтигэр хайдах киирбиккиний?
– Маҥнайгы тренерым — Иван Иванович Никифоров. Кини миигин гиирэ спордугар сыһыарбыта. Тоҕо уонна хайдах гиирэ спордугар киирбит диир буоллаххытына, VII кылааска үөрэнэр кэммэр, Иван Иванович соҕуруу баран гиирэҕэ күрэхтэһэн кэлбитэ. Кыайыы амтанын билэн, үөрэн-көтөн кэлэн, биһиэхэ кылаас чааһын ыыппыта. Онно тута гиирэ спордун туһунан кэпсээбитэ. Мин болҕойон аҕай истибитим, сэҥээрбитим. Иван Иванович кэпсиириттэн, саамай өйдөөн хаалбытым нуучча оҕолоро гиирэни хайдах анньалларын, дьарыктаналларын туһунан буолар. Оттон өйбөр толкуйдаан, маннык санааҕа кэлбитим: «Мин да туох уратылаахпыный кинилэртэн, сөпкө дьарыктаннахпына элбэҕи ситиһиэм ди». Бу кэмтэн ыла гиирэни үөһэ-аллараа анньа сылдьыбытым номнуо 9 сыл буолла. Миигин гиирэҕэ сыһыарбыт тренербар махталым муҥура суох.
– Билигин эйигин ким дьарыктыыр?
– Оскуоланы бүтэрээт, олохпор өссө биир киэҥ хардыы оҥорон, Дьокуускай куоракка үөрэнэ киирэн, дьарыкпын бырахпакка, салгыы эбиллээри, сайдаары «Модун» спортивнай комплекска Василий Николаевич Дьячковскай дьаһалтатынан утумнаахтык дьарыктана сылдьабын.
– Cитиһиилэриҥ, кыайыыларыҥ-хотууларыҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?
– Ол курдук, 2013, 2017 сылларга «Манчаары оонньууларын» муҥутуур кыайылааҕа буолабын. 2014 сылга Намҥа ыытыллыбыт Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларын призерабын, 2017 сылга Улан-Удэ куоракка Леонов турнирыгар Россия спордун маастарын толоробун, 2018 сылга Бердск куоракка полуфинал России III миэстэ, 2018 сылга Кореяҕа Пусан куоратыгар азиатскай зона ыытыллыбыта, онно кыайыы амтанын билбитим. 2019 сылга «Олоҥхо ыһыаҕар» эстафетаҕа улууһум аатыттан кыттан II миэстэ буолбуппут, Томскайга гиирэҕэ «Кубок России» баран II миэстэ, Улан-Удэ куоракка Леонов бирииһигэр III миэстэ.
Хас биирдии ситиһиим хара көлөһүнүнэн кэлэр. Онон гиирэ спордун туһунан кэпсээтэххэ бу курдук: «Хас биирдии гиирэбиик курэхтэһэ сылдьан, элбэх санааҕа ыллараллара буолуо». Дьэ, мин бэйэм санаабын этиим.
Миигин тренерим алҕаан, эрэннэрэн атаарар, ырыа алгыстаах хааман, олох охсуһардыы тахсабын. Ол эрээри, ким эрэ баара суоҕа 10 мүнүүтэ эрэ дии саныыр буоллаҕына, олох сыыһа толкуйдуугут. Манна олох сэрии, атын хартыына, 10 мүнүүтэ сыалай 1 чаас гиирэни анньа турар курдук ааһар. Бастакы уонна иккис мүнүүтэлэргэ «бэрт наһаа да үчүгэй, гиирэ олох чэпчэки», онтон үһүс мүнүүтэ барар «ок-сиэ баарын биллэрэн эрэр дии (гиирэ)», төрдүс мүнүүтэ бүтэрин саҕана «оо, алта мүнүүтэ баар, тулуйбут эрэ киһи», онтон бэһис мүнүүтэ буттэҕинэ «аны аҥаара, гиирэ илиибэр тэһэ киирэн, ыарыыта сүрдээх, сирэй-харах мөлтүүр», алтыс мүнүүтэҕэ «манна хайыы турабын, уу ити көрөөччүлэр курдук сылдьыбыт киһи баар ини, хараҕым кытыытынан дьоммун көрөбүн, өрүөллэр эмиэ кыһалла аҕай тураллар эбит», таблону көрөбүн: «сэттис мүнүүтэ», дьэ бу саамай ыарахан кэм. Туох баар күүспүнэн гиирэбин көтөҕөбүн. уурбаппын, анньарым тухары анньабын, Ахсыска «биир мүнүүтэни тулуйуохха уонна бүтэр, атаҕым олорбут, тыҥам баарын биллэрбит». Тохсус мүнүүтэҕэ «һуу, олох гиирэм наһаа чэпчэки, бэйэтэ тахсар курдук, ол да буоллар ыарахан». Уон мүнүүтэ буолбутун кэннэ, нэһиилэ бүтэһик кыахпынан тахсан иһэн, санаан ылабын «аны өссө рывок баар диэн күлэбин». Инчэҕэй футболка, ытыһым барыта хаан, гиирэбин мин таптыыбын.
– Оҕолорго тугу баҕарыаҥ этэй?
– Барыларыгар чэгиэн доруобуйаны уонна ситиһиилээх буолууну баҕарабын. Спордунан дьарыктаныҥ! Өйгүтүнэн-санааҕытынан сырдыкка тардыһыҥ, дьон-сэргэ ортотугар сылдьыҥ. Бэйэҕитин таптааҥ, хайдах баарынан ылыныҥ, эрэллээх, күүстээх санаалаах буолуҥ. Уонна биллэн турар, чугас дьоҥҥут өйөбүл-тирэх буолуохтуннар.
Биһиги бу гиирэ спордун көрүҥүн өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник тарҕатан, оҕолор дьарыктанан эрэллэриттэн астынан, дуоһуйан бары даҕаны сүргэбит көтөҕүллэр! Дьарык быыһыгар, гиирэнэн челлендж видео оҥорон устан, социальнай ситимнэргэ тарҕатабыт. Билигин нэдиэлэҕэ 3 күн гиирэлиибин, 3 күн уопсай физическэй бэлэми толоробун уонна баскыһыанньаҕа сынньанабын.
Павел Ильин.