Биһиги нэһилиэкпитигэр доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолоох төрөппүттэргэ, оҕолорго тус бэйэлэригэр көмөлөөх араас хайысхалаах үлэлэр, оҕо бэйэтин саастыылаахтарыныын тэҥҥэ иитиллэр, үөрэнэр, сайдар усулуобуйаларын тэрийии үлэлэрэ күннэтэ ыытылла тураллар.
Нэһилиэкпит социальнай харалтатын үлэһитэ Туйаара Афанасьевна Васильева уонна В.Н. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын учуутала Мария Семеновна Петрова көҕүлээһиннэринэн, сылын аайы үгэскэ кубулуйбут “Подари детям радость” аһымал кэнсиэр быйыл 11 төгүлүн ыытылынна. Бу акцияҕа нэһилиэк олохтоохторо, оскуола коллектива, биирдиилээн кылаастар бэйэлэрин кылааттарын киллэрдилэр, бэлэхтэрин ууннулар. Бу көмө доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго ананар.
Кэнсиэри иилээн-саҕалаан “Айылгы” киин үлэһиттэрэ уонна 4 “б” кылаас коллектива ыыттылар. Оскуолабыт үөрэнээччилэрэ, олохтоох ырыаһыттар уонна саха эстрадатын чаҕылхай сулустара Виталий Очиров, Виктор Иванов-Сиэйэ Уола кыттыыны ыллылар. Дьон-сэргэ кутун туппут ырыаһыттара бу акцияҕа кыттан, ылбаҕай ырыаларын бэлэхтээн, кэнсиэри өссө киэргэттилэр.
Акция кэнсиэри тэрийээччи Мария Семеновна санаатын үллэстэр:
— Бу бырайыагы биһиги 2011 сыллаахтан Туяра Афанасьевна, Анна Максимовна буолан саҕалаабыппыт. Бырайыакпыт сыллата ситимин быспакка, быйыл 11 төгүлүн ыытылынна. Тымныыны тымныы диэбэккэ, саала тобус толору көрөөччүүннэн туолбута үөрдэр. Быйыл уопсайа 23 нүөмэр көрдөрүллэн, дьон биһирэбилин ылла. Үҥкүүлэри, ырыалары бэлэмнээбит куруһуок салайааччыларыгар Павлова Саргылана Филипповнаҕа, Попова Наталья Валентиновнаҕа, Еремеева Диана Алексеевнаҕа, Протодьяконова Анна Александровнаҕа уонна күүс-көмө буолбут төрөппүттэрбэр махталбын тиэрдэбин.
“Стимул” оҕо хамсааһынын оҕолоро: “Олус өрө көтөҕүллүүлээх, долгутуулаах кэнсиэр буолан ааста. Биһиги хас да күн бэлэмнэнэн кыттыыны ыллыбыт. Ыалдьыттарбытын Сиэйэ Уолун уонна Виталий Очировы кытта кэпсэтэн, хаартыскаҕа түһэн үөрдүбүт-көттүбүт. Бу бырайыак өссө да сайда, кэҥии турдун диэн баҕа санаабытын этэбит”.
Үтүө баҕа санаанан салайтаран, биирдиилээн дьон, тэрилтэлэр, урбаанньыттар эмиэ араас көмөнү оҥордулар. Маны таһынан, оскуолабытыгар нэдиэлэ устата “Үтүө санаа долбуура” акция ыытыллан, кылаас коллективтара, үлэһиттэрэ сэмэй бэлэхтэрин ууннулар.
Үтүө санаалаах оҕо-аймах, эдэр ыччат, үлэһит дьон бааллара биһигини олус үөрдэр, санаабытын өрө көтөҕөр.
Кэнсиэр иннинэ итоговай сочинениебыт барыллаан түмүгүн билэн үөрбуппут аҕай. Наһаа истиҥ күн этэ, киһи долгуйар даҕаны, үөрэр-кулэр, ол быыһыгар кыратык ытааһыннаах да буоллар, бэрт чаҕылхай кэнсиэр буолан ааста. Ыалдьыттарбыт Сиэйэ Уола уонна Виталий Очиров тэҥҥэ кэпсэтэн хаартыскаҕа түсүһэн элбэх оҕону үөрдүбүттэрэ. Сыанаҕа тахсаары сылдьан бэһиэлэй атмосфера хайаан да наадалаах дии саныыбын.
Бу бырайыак өссө да үлэлии, сайда, кэҥии турдун диэн эрэнэбит.
Оксана Петрова, XI кылаас үөрэнээччитэ, Павловскай орто оскуолатын пресс-киинэ.