1944 с. ыам ыйын 9 күнүгэр муус устарга саҕаламмыт Крымнааҕы кимэн киирии түмүгэр Севастополь куорат фашист халабырдьыттарыттан босхоломмута.
Ол кэми биир дойдулаахпыт, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Севастополь куорат Бочуоттаах гражданина, Кыһыл Сулус уордьан кавалера Дмитрий Григорьевич Николаев (1922 – 1976) 1973 с. маннык суруйбут: «1944 с. ыам ыйын 9 күнүгэр сарсыарда 4 чааска биһиги полкабыт аатырбыт Сапун-хайаттан атаакалаан, өстөөҕү бокуойа суох чугутан, киэһэ Севастополы ылбыппыт. Мин пулеметнай расчеппар 5 киһи этибит. Онтон иккиэйэҕин «1 нүөмэрдээх» Андрей Бобколыын эрэ ордубуппут. Биһигини кытта бииргэ сылдьааччы взвод командира гвардия лейтенана Николай Киселевцов көмөлөһөн станковай пулемеппутун соһуспута. Онтон атын үс табаарыспыт биирэ табыллан хаалбыта, иккитэ Сапун-Хайаҕа өстөөх өһүөннээх буулдьатыттан өлбүттэрэ… ». Дмитрий Григорьевич хорсун быһыытын туһунан П.Володин оройуон хаһыатыгар суруйуута тахсыбыт (Ленинец, 22.02.1970): “…Чыпчылыйыах бэтэрээ өттүнэ кинилэр баран испит сирдэрин диэкиттэн өстөөх саллааттара көһүннэ. Кинилэр үгүстэрэ киһи кыһыйыах туохха да хаххаламмакка туран баран иһэллэрэ. Андрей пулеметун оннун буллараат гитлеровецтары утары ытыалаан барда. Ол эрээри кини уолуйбута бэрт буолан биир да өстөөҕү эмсэҕэлэппэтэҕэ.
Дмитрий маны көрөн олорон тулуйбатаҕа. Табаарыһын халбарыччы аспыта, пулемету ылан фрицтэр кыҥаабыта уонна ытан куһуйбутунан барбыта. Буулдьа эмиэ биир да өстөөҕү охторботоҕо.
— Тугун сүрэй!, – диэн абарбыттыы саҥаран баран пулеметун атын сиргэ уларытан туруорбута.
Пулемет тыаһа битигирээбитинэн барар. Итини кытта сэргэ хас да гитлеровец охтон түһэр. Дмитрий ыттаҕын аайы өстөөхтөр кэккэлэрэ сэдэхсийэн истэ. Сибилигин аҕай туохха да хаххаламмакка турбутунан киирэн испит өстөөх саллааттара оҥхой сиргэ сытан саһарга күһэллибиттэрэ. Дмитрий пулемета ах барарын кэтэһэ сытан ойон тураннар саҥаттан саҥа атаакаҕа киирэн испиттэрэ. Ол аайы кини ытар бэргэн буулдьалара өстөөх саллааттарын миэстэтигэр охтортуура. Туох да туһа тахсыа суоҕун билэн өстөөх саллааттара, ботуруоннара бүтэн тэскилииргэ күһэллибиттэрэ.
Биһиги байыастарбыт өстөөх саҥа кимэн киириитин кэтэһэн хас да чаас устата олорбуттара. Сотору кэннилэриттэн «Ураа»хаһыыны уонна бинтиэпкэлэр тыастарын истибиттэрэ. Ити советскай сэриилэр кимэн киириилэрэ этэ…» .
Албан ааттаах Севастополь куораты босхолоспут 240 киһиэхэ Советскай Союз Геройа аат, 1965 с-ха Севастопольга герой-куорат аат иҥэриллибиттэр. Дмитрий Григорьевич Николаев Герой-куорат Бочуоттаах гражданина буолбутун туһунан биллэриини тутар. Сэбиэскэй кэмҥэ дьиэ кэргэнигэр сылын аайы Кыайыы бырааһынньыгын көрсө Севастополь куорат байыаннай-историческай музейыттан аадырыстаммыт эҕэрдэ открытка кэлэр эбит. Ити музейга Д.Г. Николаев аата анал муннукка суруллан турар.
Түмүккэ кини эдэр дьоҥҥо туһаайан суруйбутун ааҕыаҕыҥ: «Биһиги Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтара эһиги сэрии сылларын кэнниттэн эйэлээх кэмҥэ төрөөбүт ыччаттар маннык көҥүл, дэлэгэй, дьоллоох олоххо олорон, ситиһиилээхтик үөрэҕи баһылыыргытыттан, Улуу Ленин “Үөрэниэххэ, үөрэниэххэ уонна өссө үөрэниэххэ” диэн эппит кэриэһин утумнаахтык толороргутуттан ис сүрэхпититтэн үөрэбит».
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!
Бэчээккэ бэлэмнээтэ Вера Заровняева, Кэбээйи.
(Д.Г. Николаев кыыһыгар аналлаах “Кобякова Клавдия Дмитриевна” кинигэттэн, хаартыска https://pamyat-naroda.ru/сайтан)