Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэбитигэр Оҕо саас, Хаҥалас улууһугар Оҕо уонна Дьиэ кэргэн сылыгар анаан, соҕотох тулаайах бэйэтэ сүүсчэкэ ыччаты тэнитэн, Тапыевтар аҕа уустарын салҕаан, күндү киһилэрин – ийэлэрин, эбэлэрин, хос эбэлэрин, хос-хос эбэлэрин туһунан интервью ыллыбыт.
«Биһиги эбэбит Тамара Федотовна Тапыева 1928 сыллаахха, сурукка киирбитинэн, муус устар 19 күнүгэр Дьокуускай куоракка интернациональнай дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Аҕата – Федот Михайлович Федоров, үөрэхтээх, саҥа тэриллибит милицияҕа, уруккунан, «куппукуу» — га үлэлиирэ, ийэтэ Мария Ефимовна Белякова нуучча хаһаахтарыттан төрүттээх нуучча кыыһа.
Эбэбит 5 сааһыгар тулаайах хаалбыта. Ийэтэ оҕолоноору суох буолар, онон аҕатын ийэтигэр иитилллибитэ. Онтон 8 сааһыгар эбэтэ өлөн, аҕата Бодойбоҕо баран сураҕа суох сүтэн, сэрии кэмигэр детдомҥа барыахтааҕын саҥаһыгар Арыппыайга иитиллэн киһи-хара буолбута.
Саҥаһыгар уонна Сталиҥҥа олус махтанар этэ, сэрии кэмигэр аас-туор аччык кэмҥэ сэрии тулаайахтарыгар диэн ас-таҥас кэлэрэ онон быыһаммыппыт, саҥаспытыгар 5 буолан иитиллибиппит диэн кэпсиир буолара…
Улаатан соҕотох оҕолоох мааны ыалга кийиит буолбута. Николай Петрович Тапыевка кэргэн тахсыбыта. Эһэбит Николай Петрович – байанайдаах булчут, совхозка өр сылларга кадровай булчут этэ.
Бар бааччы ыал буолан 10 оҕону: 6 кыыһы, 4 уолу төрөтөн аҕа ууһу салҕаабыттара.
Билигин эбэбититтэн оҕолуун, сиэнниин, хос уонна хос-хос сиэнниин 100-тэн тахсабыт. Саха Сиригэр Хаҥалас, Бүлүү, Томпо, Муома, Чурапчы уонна Таатта улуустарынан Тапыевтар ууһаан-кэҥээн олоробут», – диэн ахтар Светлана Федотовна Тапыева, хос сиэнэ, Төхтүрдээҕи А.И. Борисов аатынан «Эркээни» култуура киинин дириэктэрэ.
Анита Афанасьева, VII кылаас,
«Үрдэл. Медиа» медиакиин кэрэспэдьиэнэ,
А.Д. Широких аатынан Төхтүр орто оскуолата, Хаҥалас улууһа