Бүгүн мин эһиэхэ тапталлаах эбэм Гоголева Фаина Ивановна туһунан билиһиннэриэхпин баҕарабын. Мин эбэм Фаина Ивановна Уус Алдан улууһун Хоро нэһилиэгэр тохсунньу 27 күнүгэр 1953 сыллаахха «Маяк» колхуоһун элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Мүрү оскуолатыгар 8-с кылааһы бүтэрбитэ. 1969 сыллаахха оскуола кэнниттэн үлэтин «Маяк» колхуоска ыанньыксытынан саҕалаабыта. 1971 сыллаахха олоҕун аргыһын Гоголев Петр Николаевиһы көрсөн ыал буолан Хомустаахха олохсуйаллар.
Дойду үрдүнэн 1974 сылтан колхуостары бөдөҥсүтэн совхуостары тэрийиилэр саҕаламмыттара. Оччотооҕу совхуос салалтата эбээбин бэлиэтии көрөн, Мархаҕа осеменатордар курстарыгар үөрэттэрэ ыыппыттара. Онно үөрэнэн осеменатор идэтин баһылыыр. Үөрэҕин бүтэрээт ыанньыксытынан үлэлии сылдьан үргүлдьү осеменатордыыр этэ. Үлэһиттэр саас ынах төрүүр кэмигэр күнү быһа хотоҥҥо сылдьаллара. Урут совхуоска үлэлиир үлэһиттэри стимуллааннар сыл аайы социалистическай үлэ түмүгүнэн бастыҥнары быһаарар курэхтэһии тэрийэллэрэ, социалистическай үлэ ударнига анал ааттары иҥэрэллэрэ, онон эбии бириэмийэ харчы биэрэллэрэ. Хотон ис уонна тас өттүлэригэр, хонтуораҕа үлэҕэ ыҥырар, үлэни күүрдэр кыһыл плакаттар ыйанан тураллара. Эбэм осеменатордаан улуус үрдүнэн социалистическай куоталаһыыга үс сыл субуруччу инники күөҥҥэ сылдьыбыта. Совхуос ыһыллыар дылы ыанньыксыттаабыта уонна осеменатордаабыта. Ол курдук, 1992 сыл сайыныгар совхуос ыһыллыбыта, онон 15 сыл ыанньыксыттаабыт буолан, оччотооҕу сокуонунан көрүллэр пособия ылар буолбута. Ыанньыксыттыыр кэмигэр муҥутаан биир ынахтан 2000 кирбиигэ тиийэ үүтү ыла сылдьыбыта. Ити кэмҥэ ыанньыксыттар бары даҕаны үлэһиттэр, бастыҥнар этэ, мөлтөх үлэлээх диэн суоҕа, ким да үлэтигэр дьөрү хойутаабат этэ, сарсыарда алта чаастан саҕалаан үлэлииллэрэ. Сорох сылларга ньирэй көрөөччүнэн эмиэ үлэлээбитэ. Улууска ньирэйи төлөһөтүүгэ социалистическай куоталаһыыга бастыы сылдьыбыта.
1992 сылтан Хомустаах бөһүөлэгэр ветеринарнай фельдшерынан үлэлээбитэ. Совхуос саҥа ыһыллыбыт буолан бөһүөлэк үрдүнэн сүөһү, сылгы, сибиинньэ ахсаана элбэх этэ, дьон сүөһүнү иитэ сатыыр кэмэ этэ. Онон үлэ олус элбэҕэ. Хааннааһыҥҥа уонна прививка бириэмэтигэр ветстанцияттан биригээдэ тахсан көмөлөһөрө. Атын үлэтигэр уонна вызовтарга эбэм бэйэтэ сылдьара. Кэргэнэ, мин эһэм Петр Николаевич уонна оҕолоро доҕор буолан, тутуһан-хабыһан көмөлөһөллөрө. Ол курдук 15 сыл устата Хомустаахха үлэлээн бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта.
1993 сылтан кэргэнинээн, Гоголев Петр Николаевичтыын «Сабарай» бааһынай хаһаайыстыба тэринэллэр. Сүөһү, сылгы иитиитинэн дьарыктаналлар. Хаһаайыстыбаларыгар сүнньүнэн оҕолоро ким бириэмэлээҕинэн күүс-көмө буолаллара, сайын окко, ынах ыаһыныгар күргүөмүнэн бары түһүнэллэрэ. 2015 сыл дойду үрдүнэн ыытылла турар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы «Дьиэ кэргэн грана» анал программаҕа хапсаннар, судаарыстыба өттүттэн өйөбүл ылан, саҥа техникалары уонна оттуур тэриллэри ылынан хаһаайыстыбалара атаҕар бигэтик турарыгар улахан күүс-көмө буолбутун бэлиэтииллэр. Күн бүгүн бу бааһынай хаһаайыстыба үлэлии турар, сылын ахсын 30-ка тиийэ тонна үүтү судаарыстыбаҕа туттаран дохуоттанабыт. Бу иһигэр чааһынай ыаллар үүттэрин эмиэ бэйэбит испитинэн туттаран, ыалларга харчы аахсалларыгар көмөлөһөбүт. Ону таһынан сылын ахсын cүөhү, убаһа этин туттарабыт, нэһилиэнньэҕэ атыылыыбыт. Ити курдук хаһаайыстыбаҕа тиһигин быспакка үлэ бара турар буолан, билигин улууска биир үчүгэй үлэлээх хаһаайыстыбалар ахсааннарыгар бигэтик киирдилэр. Мин эбэм тыа хаһаайыстыбатыгар 50-тан тахса сыл үлэлээбитэ, эһэм Петр Николаевич эмиэ үйэтин сааһын тухары тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээн кэллэ.
Мин эбэм Фаина Ивановна — Герой Ийэ. Кини 11 оҕо тапталлаах ийэлэрэ, элбэх сиэн эбээтэ хос сиэннэрдээх. Оҕолор бары туһунан ыаллар, бары туһунан дьиэлэнэн-уоттанан, араас хайысхалаах идэлэри баһылааннар, дьонтон хаалсыбакка, этэҥҥэ үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Эбэм үлэтин сыанабыллара, ситиһиилэрэ:
— 1982 сыл түмүгүнэн техник-осеменатордар икки ардыларыгар ыытыллыбыт курэскэ III миэстэ (Бочуотунай Грамота 20.01. 1983с.)
— 1983 сыл түмүгүнэн техник-осеменатордар икки ардыларыгар ыытыллыбыт күрэскэ I миэстэ (Бочуотунай Грамота 27.01. 1984с.)
— Техник-осеменатордар икки ардыларыгар Чемпион (сибидиэтэлистибэ 08.02. 1984с.)
— Ньирэй көрөөччүлэр икки ардыларыгар І миэстэ (Бочуотунай Грамота, 25.04.1985с.)
— Социалистическай күрэхтэһии кыайыылааҕа (Диплом 08.05.1985с.)
— Үүт ыаһыныгар государственнай былаан туолуутун диплома (14.11. 1987с.)
— Ийэҕэ Албан Аат уордьана (III степэннээх — 1986с.; II степэнэ-1989с.; I степэнэ 1992 с)
— Өр сыллаах үлэтин иһин, Бочуотунай Грамота (ахсынньы, 2000с.)
-Үлэ бэтэрээнэ (18.12. 2003 с.)
— Гражданскай килбиэн бэлиэ (26.04. 2003 с.т.)
— Ил Түмэн Бочуотунай Грамотата (2005 с.)
-Лөгөй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо (2009 с.)
— Тыа хаһаайыстыбатын бочуоттаах бэтэрээнэ бэлиэ (Кулун тутар, 2018 с.)
— Лөгөй нэһилиэгин социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин бэлиэ
(Кулун тутар, 2018с.)
— Уус_Алдан улууһун Бочуоттаах олохтооҕо (02.02. 2018 с.)
— Ветеринария бэтэрээнэ (09.05. 2018 с.)
— Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна (04.04. 2019с.)
Эбэм Фаина Ивановна совхоз ыарахан, уустук үлэтин санныгар сүгэн, оҕолорун иитэн — үөрэтэн, такайан, онтон сиэннэрин, хос сиэннэрин бүөбэйдээн дьоллоох олоҕу олорон ааста. Эбэбит биһиэхэ : “Үлэттэн куһаҕан буолбут баарын билбэтим, үлэлээҥ, үлэ киһини киэргэтэр, үлэһит киһи хаһан да өлөн-охтон биэрбэт” — диирэ. Мин эбэм олорбут олоҕунан киэн туттабын уонна махтал тылларын аныыбын. Эбэм Фаина Ивановна олорбут олоҕо, үлэлээбит үлэтэ оҕолоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр, эдэр ыччакка холобур буола туруоҕа.
Толя Гоголев, Лөгөй лиссиэй-интернат 11 кылааһын үөрэнээччитэ