Мин аан бастаан аахпыт хаһыатым – “Бэлэм буол”. Оччолорго иккис кылааска үөрэнэрим. Онтон алтыс кылааска тахсыыбар сөбүлээн ааҕар хаһыатым аата “Кэскил” диэҥҥэ уларыйбыта. “Арчы”, “Дьиэтээҕи доҕор”, “Килээҥсэ”, “Бүттүүн бүөмнээн”, “Ойуур хаһыата”, “Уолан”, “Уоскулаҥ” диэн балаһалар ааҕааччы болҕомтотун наһаа тардаллара.
Оскуолаҕа үөрэнр кэммэр кроссворд оҥорон хаһыакка ыытарым. Маҥнай сыыһалаах оҥоробун быһыылаах, онуоха “Бэлэм буол!” диэн анал төбөлөөх кумааҕыга “Кроссвордуҥ сыыһалаах, онон кыайан тахсыбат буолла”, — диэн эппиэт-сурук ыыталлара. Аллараа кыраһыабай буочарынан “Н.Е.Мординов”(норуодунай суруйааччы Амма Аччыгыйа!) илии баттааһыннаҕын өйдүүбүн. Хаһыакка тахсыбатарбын да, ол суругу илиибэр тутаммын олус үөрбүтүм. Икки хас суругу өйдөбүнньүк гына суулаан, уура сылдьабын. Көннөрөн баран, иккистээн ыытабын быһыылаах, бэчээттэммит буолааччылар. Хаһыат сирэйигэр бэйэҥ ааккын көрөр наһаа интэриэһинэй да, үөрүүлээх да буолара. Онон оскуолабар олох бастыҥнар кэккэлэригэр бигэтик киирбитим.
Оскуола кэннэ М.К.Аммосов аатынан Саха государственнай университетыгар суруналыыстыка салаатыгар үөрэммитим уонна, мин дьолбор, “Кэскил” оҕо хаһыатын редакциятыгар үлэҕэ киирбитим.
Ытыктабыллаах Нина Иннокентьевна Протопопова… Баарыгар да саха суруналыыстыкатын далбар хотуна, тыыннаах номоҕо буолбут үтүөкэн киһи. Кини салайыытынан, такайыытынан мин бу олус иллээх кэллэктиипкэ сэттэ сыл үлэлээбитим. Миэхэ суруйар дьоҕур суоҕа, ону барытын бу редакцияҕа үөрэппиттэрэ. Александр Васильев – Көрдүгэн, Анатолий Павлов – Дабыл, Евдокия Иринцеева – Огдо, Варвара Угарова, Николай Прокопьевич Васильев курдук уран тыл маастардарын, өркөн өйдөөхтөрүн кытта “эн-мин” дэһэн, бииргэ алтыһан, доҕордоһон үлэлээбиппин санаатахпына билигин, хайдах эрэ, итэҕэйиэ суох курдукпун. Аҥаардас, кинилэр кэрэхсэбиллээх кэпсээннэрин иһиттэххэ сөп буолаҕын, бэйэҕэр элбэҕи, саҥаны эбинэҕин, билбэтэххин билэҕин.
Нина Иннокентьевна үлэһиттэригэр олус кыһамньылаах этэ. Ким-туох кыһалҕалааҕын этиппэккэ өйдүүрэ. Кабинетыгар ыҥыран ылан аргыый-наллаан кэпсэтэрэ, ыйыталаһара-токкоолоһоро, туох кыалларынан көмөлөһө сатыыра. Бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор бэтэрээн-кэллиэгэлэрин хаһан да умнубата, балыыһаҕа көрдөрө бараары гыннахтарына, сонно тута үлэтин массыынатын туран биэрэрэ. Күһүҥҥү оҕуруот аһыттан матарбата, бырааһынньыктарга мэлдьи ыҥырара. Онон биһиги, эдэр көлүөнэ, олохторун оҕо хаһыатыгар, оҕону иитиигэ анаабыт аҕа табаарыстарбытын көрө-билэ, ытыктыы үөрэммиппит.
Оҕо хаһыата буолан дуу, бары да сүрдээх аламаҕай, элэккэй, оҕолуу ыраас майгылаах дьон үлэлиирэ. Үлэни сэргэ араас күрэхтэһиилэр, бырааһынньыктар буолаллара. Холобур, хосторунан кэрийэ сылдьан, бэйэ икки ардыгар дуобакка киирсэллэрэ. “Маастардар уонна оҕолор” диэн ааттаан бүтүн өрөспүүбүлүкэни хабар тэрээһини ыыталлара. Улуустартан оҕо бөҕөтө кэлэн кыттара, аны кинилэри кытта биһиги бадьыыстаһарбыт. Хас биирдии үлэһиккэ уоннуу-сүүрбэччэлии оҕону туттаран кэбиһэллэрэ. Дьэ, олору хараҕын далыттан сүтэриэ суохтааххын. Аны, бу оҕолорбут, кыайбыт буоллуннар, кыайбатах буоллуннар, бириис биэрэрбит. Ону барытын Нина Иннокентьевна дьаһайара, үбүн-харчытын тобулара.
Улахан бырааһынньыктарбытын кылаабынай эрэдээктэр хоһугар ылааччыбыт. Биһиги редакцияҕа оннук улахан бырааһынньыктарынан Саҥа Дьыл уонна Кыайыы күнэ олус суолталаах буолаллара. Биир бэйэм ол-бу рестораннааҕар, театрдааҕар Нина Иннокентьевна дьоҕус, ол гынан олус сырдык, сылаас эйгэлээх кабинетыгар түмсэн бырааһынньыктыырбытын туохтааҕар да ордорорум. Онно хайдах эрэ чөкө, быдан истиҥ иэйиилээх, долгутуулаах буолара.
Элбэхтик командировкаҕа барарбыт. Биир бэйэм хоту Эдьигээҥҥэ, Аммаҕа, Тааттаҕа, Бүлүү бөлөх улуустарынан тиийэ сылдьыбытым. Бүтүн редакциянан да сырыылар бааллара – хаһыат күннэрин ыытарбыт. Наһаа да үчүгэй, сэргэх, умнуллубат көрсүһүүлэр, дьэ, онно буолааччылара.
Төһө да билигин атын тэрилтэҕэ үлэлии сырыттарбын, ол кэрэ кэмнэрбин олус күндүтүк саныыбын. Телевидение үлэтэ эмиэ манан аҕай буолбатах, бэйэтэ туспа уустуктардаах, ыарахаттардаах. Син биир тыл үлэтэ буоллаҕа, тылы сатаан туттуохха, сөпкө саҥарыахха наада. Онно миэхэ, биллэн турар, “Кэскиллээҕи” оскуолам олус көмөлөһөр, олук буолар диэн билиниэх тустаахпын.
Кэскилбин түстээбит “Кэскил” хаһыаппар, чуолаан ытыктабыллаах Нина Иннокентьевнаҕа, махталым муҥура суох.
Георгий Белоусов, Саха телевидениетин ыытааччыта.