Биһиги дойдубутугар 2015 сылтан саҕалаан, Нуучча географическай уопсастыбата көҕүлээн, дьон-сэргэ Россия сирин-уотун, айылҕатын, историятын туһунан билиитин кэҥэтэригэр, географическай култууратын үрдэтэригэр анаан Географическай диктант (ГД) ыытар тэрээһини киллэрбитэ. Бу билигин үөрэҕирии тиһигин биир биллэр акцията буолар. Диктаҥҥа Россия бары субъектарыттан саҕалаан, Великобритания, Камбоджа, Беларусь, Греция, Сербия, Турция, Сирия, Иран, Египет, Австрия, о.д.а. дойду дьоно эмиэ сэргээн билиилэрин тургуталлар.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбит үөрэнээччилэрэ, устудьуоннара, төрөппүттэр, аҕа саастаах дьон, салайааччылар, байыаннай чаастар, учууталлар, наука үлэһиттэрэ бу акцияҕа сылын ахсын олус көхтөөхтүк кытталларын, кыттааччы ахсаанынан мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьарбытын уопсастыба салалтата, атын регионнарга диктаны тэрийээччилэрэ мэлдьи бэлиэтээн ааһаллар.
Саха сиригэр 1741 сылтан
Манна даҕатан кэпсээтэххэ, Саха сиригэр география науката предмет быһыытынан 1741сылтан үөрэтиллэн барбыта. Ити сыл Улуу Хотугу экспедиция начальнига Витус Беринг Дьокуускай остуруогар навигацкай оскуоланы (уу суолугар үлэлиир идэлээхтэри бэлэмниир кыһаны) астарбыта уонна онно олохтоох омуктартан (инородецтартан) эдэр дьону эмиэ үөрэтэргэ сорудахтаабыта. Маннык навигацкай оскуолаларга географияны үөрэтии үөрэх былааныгар Европаҕа, киин Россиияҕа эмиэ XVII үйэҕэ киирбитэ. Онон биһиги Уһук илин сытар, саҥа үөрэтиллэн эрэр кытыы сирбит сайдыылаах арҕаа дойдулартан улаханнык хаалсыбатаҕа. Билигин ситиһиилээхтик үлэлии турар “Өрүс суолун үлэһиттэрин үөрэтэр кыһа» (Речной училище) историята ити кэмтэн саҕаланар.
Болҕойуҥ: сэтинньи 14 күнүгэр
Быйыл Географическай диктант сэтинньи 14 күнүгэр ыытыллар. Диктант 4 варианнаах бэлэмнэнэр: 1. Россия уонна тас дойду кыттааччыларыгар суругунан ыытарга аналлаах; 2. Мөлтөхтүк көрөр дьоҥҥо анаммыт тустаах шрифтээх; 3. Онлайн (дистанционнай) ньыманан ыытарга сөптөөх; 4. Кыттааччы бэлэмнэнэригэр анаан демонстрационнай вариант. Тиэкис нуучча уонна ангылычаан тылынан таҥыллар уонна чааһынан курдааһыны тутуһан, регион айылҕатын уратытыгар сөп түбэһэр ыйытыктардаах буолар.
40 ыйытыкка 45 мүнүүтэ хоруйдаа
Барыта холбоон диктаҥҥа 40 ыйытык баар. Бастакы түһүмэҕэ 10 хоруйтан турар география сүрүн билиилэрин тургутуу, иккис түһүмэххэ 30 ыйытыкка туох баар сир-дойду туһунан билиигин туһанан, аттаран, толкуйдаан таһааран хоруй биэриэхтээххин. Үлэлиир кээмэйиҥ 45 мүнүүтэ. Былырыыҥҥыттан, “COVID-19” ыарыыттан сылтаан, тэйиччиттэн олорон (дистанционнай) үлэлиир формат, ону сэргэ мустан олорон кумааҕыга эппиэттээн баран сканердаан, сүрүн штабка ыытааһын ньымалара туттуллаллар.
Тиэтэйиҥ
Билигин улуус ахсын хас биирдии оскуола ГД кыттаары, регистрация түһүмэҕин бэйэтин кыһатыгар, эбэтэр, кииннэммит тэрилтэҕэ ааспыт буолуохтаах. Манна сүрүн тэрийээччинэн эһиги географияҕа учууталларгыт буолаллар. Былырыын өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 9959 киһи диктаҥҥа кыттыбытыттан 428 оскуола 7252 үөрэнээччитэ этэ. Бу олус үчүгэй. Оҕолор билим төрүтэ буолбут аан дойду биир саамай кырдьаҕас наукатын географияны билэллэрэ, билэ сатыыллара көстөр. Диктант түмүгүнэн, хас биирдии кыттааччыга Нуучча географическай уопсастыбатын сертификата, площадкалары аһан, салайан ыыппыт оскуолаларга, учууталларга уопсастыба махтал суруктара туттарыллаллар.
Түгэнинэн туһанан, Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаатын ГД тэрийэр комиссиятын аатыттан, география учууталларыгар, оскуола салалтатыгар махталбытын биллэрэбит уонна үөрэнээччилэрбит, төрөппүттэрбит көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт.
Нуучча географическай уопсастыбатын
Саха сиринээҕи салаата.