Оҕолоор, «Газетофилия» диэн былыргы кумааҕы хаһыаты мунньар киһини ааттыыллар. Эһиэхэ баҕар бииргитигэр эмит бу умсулҕаннаах дьарык баар буолуон сөп дии?
Оттон биһиги бүгүн республикабытыгар Саха национальнай бэчээтин күнүн көрсө ураты уонна олус дьикти — уникальнай коллекциялаах Валентина Николаевна Лыткинаны кытта билсиэххэ!
Кини идэтинэн педагог-библиотекарь, наһаа истиҥ кыһамньылаах, үтүө-мааны оҕолуу дууһалаах киһи.
Валентина Николаевнаҕа биһиги хаһыаппыт – «Бэлэм буол» 1936 сылын маҥнайгы нүөмэрэ кытта баар, маны киниэхэ бииргэ үөрэммит кылааһынньыга бэлэхтээбит. Былыргы үүтээҥҥэ кыбытан кэбиспиттэрин булбут эбит.
Үс хап-халыҥ паапка тухары аан дойду 30 муннугуттан киниэхэ анаан бэлэхтээбит хаһыаттара эчи, уратытын!
Америка саамай тиражтаах хаһыаттара, баай дойдулар хаһыаттара — киһи хараҕын тардаллар.
Валентина Николаевна аан маҥнай көрөн сөхпүт түгэнэ — ол библиотекарьдар уопсай семинардарыгар биир идэлээҕин олус баай коллекциятыттан саҕыллыбыт. Уонна биир дойдулааҕа, суруналыыс, «Үйэ» сурунаал редактора Николай Кривошапкин Улуу Кытай дойдутуттан кэһиилээбит кумааҕы хаһыата эмиэ этэ.
Чэ, мантан салгыы тэттик видеолары уонна хаартыскалары көрүҥ!
Татьяна Жиркова, суруналыыс