С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията 1996 сыллаахха тэриллибитэ. Ол сылтан саҕалаан гимназияны 1000-тан тахса оҕо бүтэрдэ. Кинилэр араас эйгэҕэ ситиһиилээхтик үөрэнэ, үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Олортон биирдэстэрэ – живописец-худуоһунньук Гаврил Никутов.
Кини билигин Арктикатааҕы судаарыстыбаннай ускуустуба уонна култуура үнүстүүтүн 6-с кууруһун устудьуона. Төрөөбүт дойдутугар Чурапчыга “Айылгы” култуура киинигэр А.П. Мунхалов аатынан арт-гелереяҕа уруһуйдарын быыстапката туран дьон-сэргэ болҕомтотун тарта. Түгэнинэн туһанан, биһиги Гаврилы кытта көрсөн ирэ-хоро кэпсэттибит.
Уруһуйунан дьарыктанар оҕолорго сүбэлиирим диэн – саамай сүрүнэ, “бу олох миэнэ” диир буоллаххытына, уруһуйдааҥ, үөрэтиҥ. Араас ньыманы кыраасканан, харандааһынан уонна да атын тэрилинэн уруһуйдаан боруобалааҥ. Табыллар да, табыллыбат да түгэнигэр бэйэҕит үлэҕитин сыаналааҥ, таптааҥ. Дьон сүбэтин, кириитикэтин наһаа чугастык ылынымаҥ. Бэйэҕит эмиэ эбии уруһуй теориятын үөрэтиҥ. Уруһуйга тохтоло суох үөрэнэҕин. Ыксаабакка, холкутук иннигит диэки талаһа туруҥ – уруһуй эйгэтэ киэҥ, уһун айан. Элбэхтэ уруһуйдаан, быраактыкаланан эрэ бэйэҕит буочаргытын булуоххут. Тулалыыр эйгэҕитин кэтээн, үөрэтэн көрөр буолуҥ. Кытаатыҥ!
– Гаврил, эн уруһуйунан хаһааҥҥыттан дьарыктанан саҕалаабыккыный?
– Уруһуйу оҕо эрдэхпиттэн ойуулаан саҕалаабытым. Ол кэмнэргэ өйбөр туох киирбитин уруһуйдуурум. Онтон ыла күн бүгүнүгэр диэри уруһуйбун үөрэтэ-сайыннара сылдьабын.
– Ордук тугу уруһуйдуургун сөбүлүүгүн?
– Сөбүлээн уруһуйдуурум диэн – портреттар. Дьону ойуулуур быдан уустук уонна интэриэһинэй. Ол да буоллар атын көрүҥнэри син биир ойуулуубун.
– Худуоһунньукка саамай сөбүлүүр хартыыната диэн баар дуо?
– Мин санаабар, оҥорбут үлэлэрим бары үчүгэйдэр. Ханныгы даҕаны бу быдан үчүгэй диэбэппин, барыларын биирдик ордоробун. Тоҕо диэтэххэ, араас кэмҥэ суруллубут хартыына ол кэм хардыытын, хайдах ис турукпар киирэн суруйбуппун, кыһаллыбыппын санатар,
– Хартыыналарын нөҥүө тугу тиэрдэҕин?
– Хартыыналарбар билиҥҥи буола турар кэми, ааспыты, саха киһитин тулалыыр эйгэтин, сайдыыны-тутууну, көрдөрөбүн. Оттон портреттарга киһи майгытын, ис санаатын табан ойуулуу сатыыбын.
– Уруһуйу тоҕо талбыппыный дии саныыгыный?
– Уруһуйдуурум миэхэ ордук табыллар. Мин маны сатыыр эбиппин диэн уонна ханнык таһымҥа хайдах тахсар эбиппиний диэн бэйэбин сайыннаран көрөөрү талбытым дии саныыбын. Тус бэйэбэр бу сүрүн сыалым-соругум буолар.
– Гимназияҕа үөрэммит сылларгыттан ордук тугу өйдөөн хаалбыккыный?
– Өйдөөн хаалбыт түгэннэрим элбэхтэр. Саамай өйбөр хатаммыта диэн – араас тэрээһиннэр, бырааһынньыктар. Тоҕо диэтэххэ, биһиги онно бары бииргэ түмсэн бэлэмнэнэрбит уонна үлэбит түмүгүттэн астынарбыт, дуоһуйарбыт. Оскуола олоҕор көхтөөхтүк кыттар диэни гимназияҕа билбитим. Онтон ыла күн бүгүнүгэр диэри, ордук уруһуй өттүнэн, барытыгар кытта сатыыбын.
– Иэйии, айар-тутар баҕа хайдах киирэрий?
– Иэйиини хантан ыларбын, “олох маннык гыннахпына киирэр” диэн этэр кыаҕым суох. Араас буолар, сороҕор бэйэтэ киирэн кэлэр. Үксүгэр тулалыыр эйгэни кэтээн, ырытан көрүүттэн буолуо дии саныыбын.
– Худуоһунньуктартан ким айар үлэтин кэрэхсиигиний?
– Кэрэхсиир худуоһунньуктарым элбэхтэр. Биир киһи үлэтин эрэ кэтээбэппин. Уруһуй араас ньыматын кэрэхсиибин, үөрэтэбин. Бэйэбит Сахабыт сирин маастардарын үлэлэрин эмиэ. Ол ньымалартан, миэхэ ордук урукку маастардар уруһуйдара чугас. Бэйэм оннук суруйарга сыал-сорук туруоруммутум. Тоҕо диэтэххэ, бу урут уруккуттан үөрэтиллэн, улахан үлэттэн, толкуйтан айыллыбыт үлэлэр буолаллар. Киһи көрөрүгэр, үөрэтэригэр да астык уонна интэриэһинэй.
– Уруһуйу сэргиир оҕолорго тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Уруһуйунан дьарыктанар оҕолорго сүбэлиирим диэн – саамай сүрүнэ, “бу олох миэнэ” диир буоллаххытына, уруһуйдааҥ, үөрэтиҥ. Араас ньыманы кыраасканан, харандааһынан уонна да атын тэрилинэн уруһуйдаан боруобалааҥ. Табыллар да, табыллыбат да түгэнигэр бэйэҕит үлэҕитин сыаналааҥ, таптааҥ. Дьон сүбэтин, кириитикэтин наһаа чугастык ылынымаҥ. Бэйэҕит эмиэ эбии уруһуй теориятын үөрэтиҥ. Уруһуйга тохтоло суох үөрэнэҕин. Ыксаабакка, холкутук иннигит диэки талаһа туруҥ – уруһуй эйгэтэ киэҥ, уһун айан. Элбэхтэ уруһуйдаан, быраактыкаланан эрэ бэйэҕит буочаргытын булуоххут. Тулалыыр эйгэҕитин кэтээн, үөрэтэн көрөр буолуҥ. Кытаатыҥ!
Алима НИКОЛАЕВА, Ньургуйаана ЕГОРОВА, IX кылаас ,
“Тумус кыһа” пресс-киин, С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията