Галя Виноград “Агент Мамбо”, “Истиҥ иэйии” диэн киинэлэргэ оонньообутун көрбүт, аныгылыы тэтимнээх ырыаларын истибит буолуохтааххыт. Кини элбэх сэҥээрээччилээх, тыһыынчанан сүгүрүйээччилээх.
Галина, дьиҥэр, тыа кыыһа. Биһиги дэриэбинэбититтэн төрүттээх. Бүлүү улууһун Чинэкэ нэһилиэгэр улааппыта. Оскуолаҕа оҕо оҕо курдук үөрэммит, туох да уратыта суох эбит. Бу биллиини, билиниини сүрэхтээх, үлэһит буолан ситистэ.
Мин, юнкор быһыытынан, киэн туттар биир дойдулаахпыттан интервью ыллым.
—Галина, икки тылынан бэйэҕин ойуулаа эрэ…
—Үлэһиппин, өһөспүн.
—— Ырыаһыт буолар санаа хаһан киирбитэй?
—Улаатар сааспар. Оччолорго, 2000 сылларга, биһиэхэ МТV ханаала көстөр буолбута. Омук клиптэрин умсугуйан көрөрүм. Бейонсены уонна Бритни Спирси ордук сэҥээрэрим. Хамсаналларын, ыллыылларын үтүктэрим. Уонна кинилэр курдук ырыаһыт буолуохпун баҕарбытым…
—Ырыаттан уонна үҥкүүттэн атын тугу сэҥээрэҕиний?
—Кэннэки кэмҥэ уруһуйдуохпун наһаа баҕарар буоллум. Аҕам үчүгэйдик уруһуйдуур этэ. Кини дьоҕура бэриллибит дии саныыбын. Ону сайыннарыахпын, талааммын таһаарыахпын наада. Ол эрээри билигин, түптээн олорон, ойуулуур-дьүһүннүүр маастарыстыбаҕа үөрэнэргэ соло суох курдук. Ол гынан баран, бу идиэйэбин олоххо хаһан эмэ син биир киллэриэҕим..
—Кэнсиэрдэр, гастроллар, киинэҕэ уһуллуу… Хайдах барытын ситиһэҕин?
—Бириэмэҕин сатаан аттарар уонна бэйэҥ кыаххын сөпкө туһанар буоллаххына, ыгым да графигы тулуйуохха сөп.
—Айар үлэҕэр тугу ордороҕун: ырыа суруйаргын дуу, сыанаҕа тахсаргын дуу, сүгүрүйээччилэргин кытта сэһэргэһэргин дуу…
—Клипкэ уһулларбар бэлэмнэнэрбин ордоробун.
—Арай ырыаһыт буолбатаҕыҥ эбитэ буоллар, билигин тугунан дьарыктана сылдьыаҥ этэй?
—Мин суруналыыс үөрэҕин бүтэрбитим. Бу идэбинэн үлэлии сылдьар буолуом этэ.
—Эдэр ыччакка тугу сүбэлиэҥ этэй?
—Саҥаны айарга талаһыҥ. Бары өттүнэн сайдыҥ. Олох куттанымаҥ, түгэҕэ көстүбэт үлэттэн толлумаҥ, баҕа санааҕытын олоххо киллэрэргэ сорунуҥ уонна араас эйгэҕэ холонон көрүҥ.
Кэрэчээнэ ХАРЛАМПЬЕВА,
IX кылаас.
Бүлүү улууһа, Чинэкэ нэһилиэгэ.