Ахсынньы 21 күнүгэр Сахабыт сирин килбэйэр киинигэр – дьоллоох Дьокуускай куоракка – Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын дьиэтигэр Абаҕатааҕы У.Г. Нохсоороп аатынан духуобунас киинэ, «Маска» оҕо театральнай студията «Сырдык аартык» диэн испэктээк көрдөрөн, үрдүк сыанабылын ылар чиэскэ тигистэ.
Туруорааччы-режиссёр Евгения Попова испэктээк хас биирдии артыыһын таба көрөн, оруолунан арааран, испэктээги ураты тыыннаах, дьон уйулҕатын таарыйар гына туруоран, үлэтин сүүс бырыһыан ситиһиилээхтик оҥордо.
Бу биир дойдулаахпыт Илья Владимирович Семёнов-Ураанай Уола суруйбут историческай драмата. Сэрии ыар сылларыгар Георгий Васильевич Трифонов салайыытынан тэриллэн үлэлээбит Абаҕатааҕы детдом дьиэтэ элбэх оҕо тыынын быыһаабыта.
Туруорааччы-режиссер Евгения Попова испэктээк туһунан санаатын маннык үллэһиннэ:
– Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр үгүс оҕо дьылҕатын өрүһүйбүт, дьиэ кэргэн олоҕун тэрийбит Ытык кыһа туһунан, олоххо буолан ааспыт чахчыларга олоҕурбут Ылдьаа Сэмэнэп-Ураанай уола суруйуутугар «Сырдык аартык» испэктээкпит Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын үрдүк сыанатыгар ситиһиилээхтик турбутуттан олус диэн үөрдүбүт, долгуйдубут.
Бу туруоруу тула өттүттэн эргиччи суолталаах, ис хоһоонноох. Ол курдук, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, култуура эйгэтигэр Оҕо тыйаатырын сылыгар сөп түбэһэн турда. Ону сэргэ киэн туттар биир дойдулаахпыт, сүдү режиссер, РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх артыыһа Федот Федотович Потапов төрөөбүтэ 95 сылыгар ананна. Саха тыйаатыра уонна Федот Потапов дьиэ кэргэнэ бу үлэ тахсыылаах, үрдүк таһымнаах буоларыгар тэрийсэн-салайсан, иилээн-саҕалаан көмөмлөмпүттэриттэн сүргэбит көтөҕүлүннэ, үөрүүбүт үрдээтэ. Федот Потапов аатын сүгэр «Маска» устуудьуйа оҕолоро ис сүрэхтэриттэн иэйэн, долгуйан, дьиҥ чахчы астынан туран оонньообуттарыттан киэн тутуннубут, махтанныбыт, долгуйдубут.
Бу күн кыттааччылар, көрөөччүлэр, ыҥырыылаах ыалдьыттар ааспыт олох чахчыларыгар олоҕуран, испэктээги кытта бииргэ ситимнэһэн, элбэҕи толкуйдаабыттара буолуо диэн саарбахтаабаппыт. Бу биир тыыҥҥа олорсубут, бу эйгэни олохтоспут дьоммутугар махтанабын. Тыйаатыр сүдү күүһүнэн историяны кэрэһэлээн, кэлэр кэнчээри ыччаппытыгар үтүө өйдөбүлү сахтахпыт буоллун!
Манна даҕатан эттэххэ, тыйаатырга аан маҥнай сылдьар киһи испэктээк ураты тыыныгар уйдаран, санаатын, олоҕу көрүүтүн тосту уларытыан, тыйаатыр туспа олохтооҕун этинэн-хаанынан өйдүөн сөп.
Гаврил ПРОКОПЬЕВ, IX кылаас,
А.Е. Кралин аатынан Абаҕа орто оскуолата, Амма