Нам улууһун Фрунзе нэһилиэгэр саҥа балаҕан арылынна. Нам нэһилиэктэригэр, Намҥа, Дьокуускай куоракка олорор дьон дойдуларыгар, саҥа балаҕаҥҥа кэһиилээх кэлэн олохтоохтору үөртүлэр.
Бу ахсынньы ый, сахалыы халандаарынан, сиэр-туом быһыытынан, Билгэ-Хаан ыйа буолар. Саҥа дьыл оройо (Кыһын оройо), ойбону арыйыы, уу оҕуһа тахсар, олоҥхо истэр кэм буолар. Былыр, балаҕаннарыттан тахсыбакка, остуол оонньуутун саҕалыыллара уонна олоҥхоһуту ыҥыран, хас да түүннээх олоҥхону истэллэрэ.
Фрунзе нэһилиэгэ уопсайа 5 олоҥхоһуттаах, оттон Нам улууһа 40-тэн тахса. Бу олоҥхоһуттартан иккитэ эрэ ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ: Егор Герасимович Охлопков – Буоратай, Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай – Бэдьээлэ. Онон, улууска, олоҥхоһуттарынан Фрунзе нэһилиэгэ бастакы миэстэҕэ турар.
30-с сылларга манна урукку Көбөкөн нэһилиэгэр (билиҥҥитэ Фрунзе нэһилиэгэ) Ойуунускай кэлэ сылдьыбыт. Оччолорго, кини билиҥҥи Гуманитарнай институту салайан олорбут. Олоҥхону үйэтитиигэ элбэх үлэни, экспедицияны ыыппыт.
Саҥа балаҕан арыллыыта, Фрунзе олохтоохторугар, улахан бырааһынньык буолла. Хас биирдии дьиэ кэргэн кэһиилээх кэлэн, балаҕан иһин киэргэттэ. Холобур, бу түөрт хартыына, дьыл кэмнэрин көрдөрөллөр. Эдьиий Дора кинигэтигэр киирбиттэрэ. Худуоһунньук — Дмитрий Мухин, Фрунзе нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
Ыһыах аайы, оҕолор, Бэдьээлэ олоҥхотун толороллор. Онтон бу оҕолор Софья Парникова, Эдгар Ядрихинский, Эвилия Шадрина, Ванесса Ядрихинская, Виолетта Бугаева – IV кылаас үөрэнээччилэрэ, муус ыйын 2019 сылыттан саҕалаан олоҥхонон дьарыктаналлар. Салайааччылара – Мария Степановна Григорьева. Кинилэр бу дьоро күнү олус киэргэттилэр.
Кэлбит ыалдьыттар, олохтоохтор олоҥхону астына истэ олороллор.
Балаҕан арыллыытыгар биэс буолан Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта” диэн олоҥхотуттан быһа тардан бэркэ толордулар. Оскуолаҕа Бэдьээлэ икки хос-хос сиэннэрэ үөрэнэллэр: Виолетта Бугаева уонна Ванесса Ядрихинская. Кинилэр хос-хос эһэлэрин олоҥхотун толорбуттара.
Ааптар: Айаана Третьякова.