Алтынньы 7 күнүгэр «Аан-Аартык» култуура киинэ ыыппыт «Дууһабытынан эдэрбит» тэрээһиннэригэр биһиги Ярик Михайловтыын киирэн хаартыскаҕа түһэрдибит уонна бэчээттээн бэлэхтээтибит. Аҕа саастаах дьону түһэрэрбин наһаа сөбүлээтим. Кинилэр эмиэ бары олус астыннылар, махтаннылар.
Мин 5-с кылаастан оскуолабыт медиакиинигэр киирэн, хаартыскаҕа түһэрэн саҕалаабытым. Хаартыскаҕа түһэрэрбин олус сөбүлүүбүн. Мин саамай өйдөөн хаалбыт фотосессиям бу саас «Бөртө» сылгы собуотун хотонугар киирэн, ыанньыксыттар үлэлии сылдьалларын түһэрбиппит буолар. Оскуола иһигэр араас тэрээһиннэр буолаллар: спортивнай да күрэхтэһиилэр, кэнсиэрдэ, ярмаркалар. Ол гынан баран хаһан да сылдьыбатах сиргэр, атын сиргэ баран хаартыскаҕа түһэрэр быдан интэриэһинэй эбит дии санаатым.
Ильяна Осипова,
М.Е. Васильева аатынан 2 Малдьаҕар орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ