«Медиавызов» медиасмена «Үтүө майгыҥ-көтөр кынатыҥ» хамаанда чилиэнин, Кэбээйи орто оскуолатын 10 үөрэнээччитин Кристина Оконешникованы кытта кэпсэттим.
-Медиа-кииҥҥэ хаһааҥҥыттан бааргыный?
-Медиа-кииҥҥэ соторутааҕыта дьарыктанан саҕалаабытым.
-Мин билэрбинэн, эн фортепионаҕа оонньуугун?
Фортепианоҕа 8 сааспыттан оонньуубун. 7 сыл үөрэнэн бүтэрбитим. «К Лизе» диэн Бетховен айымньытын сөбүлээн оонньуубун. Фортепианоҕа оонньоон сынньанабын, араас интэриэһинэй матыыптары үөрэтэр наһаа үчүгэй, умсугутуулаах. Ону таһынан, ырыаҕа дьарыктана сылдьыбытым.
—Фортепиано-ускуустуба биир чыпчаала. Ким эйигин угуйбутай?
-Учууталым Анна Александровна фортепиано таһынан, ырыаҕа эмиэ бэйэтэ дьарыктыыр этэ.
—Туох идэлээх киһи буолуоххун баҕараҕын?
-Инникитин айти хайысхаҕа сыстыахпын, программированиеҕа үөрэниэхпин баҕарабын.
-Интэриэһинэй. Ол аата, техническэй өттүнэн күүстээххин?
-Саамай сөбүлүүр предметтэрим — физика, информатика уонна алгебра. Уонна компьютернай оонньуулары оонньуубун.
-Суруналыыс туох сыаллаах-соруктаах үлэлиирий?
-Суруналыыс, мин санаабар, чиэһинэй, норуокка араас сонуннары албына суох тиэрдэр киһи буолуохтаах.
Спартак Федоров,
«Медиавызов» смена