Биһиги Чыамайыкы орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ спордунан дьарыктанарбытын сөбүлүүбүт. Спортка көхтөөх кыттыыны ылабыт. Сүрүннээн волейбол, тустуу, хабылык-хаамыска, мас тардыһыы уонна быйылгыттан севернай многоборье дьарыктарыгар сөбүлээн сылдьабыт. Оскуолабытыгар талааннаах, чаҕылхай оҕолор үөрэнэллэр. Онтон биирдэстэрин Филиппов Саша туһунан сырдатыахпын баҕарабын.
Саша – VIII кылаас бастыҥ спортсмена, III кылаастан волейболунан утумнаахтык дьарыктанар. Мэҥэ-Хаҥалас улууһун волейбол уонна тустуу хамаандатын чилиэнэ.
Быйылгы үөрэх дьылыгар ситиһиилэрэ:
- 2 место в открытом турнире по волейболу среди мужских команд на призы кубка главы Таттинского наслега;
- 1 место по вольной борьбе в комплексной спартакиаде «Дети Манчаары»;
- 2 место в Первенстве РС(Я) по пляжному волейболу;
- 1 место по волейболу в комплексной спартакиаде «Дети Манчаары»;
- 3 место по мас рестлингу в комплексной спартакиаде «Дети Манчаары»;
- 3 место по волейболу среди команд 1 лиги РС(Я);
- 1 место по настольному теннису в комплексной спартакиаде «Дети Манчаары»;
- «Лучший спортсмен – 2022 года» среди учащихся Мегино-Кангаласского улуса. Ону таһынан араас, научнай ааҕыыларга, олимпиадаларга көхтөөхтүк кыттар.
Мин Филиппов Сашаҕа интириэһиргиир ыйытыыларбын биэрдим.
– Эн санааҕар спорт туохтан саҕаланар?
Саша: Мин санаабар, спорт чөл олохтон, үчүгэй үөрэхтэн, интэриэстэн уонна саамай сүрүнэ, баҕа санааттан саҕаланар.
– Дьиэ кэргэҥҥитинээн спортка сыһыаҥҥыт хайдаҕый?
Саша: Биһиги дьиэ кэргэн спорду өрө тутабыт, аҕабынаан волейболунан дьарыгырабыт, төрөппүттэрим миигин спорт араас көрүҥэр өйүүллэр. Күрэхтэрбин көтүппэккэ көрөллөр, ыалдьаллар. Ол миэхэ күүс көмө буолар.
– Эн холобур оҥостор киһиҥ кимий?
Саша: Мин холобур оҥостор киһим Максим Михайлов. Кини Россия биллэр волейболиһа буолар. Үчүгэй спортсмен, ураты техникалаах. Волейболу сэргиир буоламмын киниэхэ тэҥнэнэбин, кыра оҕо эрдэхтэн, оонньуурун интэриэһиргээн көрөбүн.
– Бүтэһигэр, оҕолорго баҕа санааҥ.
Саша: Оҕолорго баҕарыам этэ спорду уонна чөл олоҕу өрө тутуҥ. Бастаан саҕалыырга дисциплина уонна дьарыгы көтүппэккэ эрэ сылдьыаххытын наада.
Филиппов Саша биһиги оскуолабыт холобур оҥостор спортсмена буолар. Быйыл улуус «Бастыҥ спортсмена» ааты ылбытынан биһиги киэн туттабыт. Инники күрэхтэригэр үчүгэй дьарыгы, ситиһиилэри баҕарабыт. Өссө маннык кыахтаах оҕолор оскуолабытыттан тахса туруохтара диэн эрэнэбит.
Макарова Аайа, IX кылаас «Проба пера» эдэр корреспондена, Мэҥэ-Хаҥалас