Дьокуускайга кулун тутар 2-4 күннэригэр Ийэ сылыгар уонна Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах Саха сирин дьахталларын XV съезтэрэ уонна II Уһук Илиҥҥи дьахталлар форумнара ыытыллара күүтүллэр.
Өрөспүүбүлүкэбит үбүлүөйдээх сылыгар ыытыллар үгэскэ кубулуйбут съезкэ уонна иккис төгүлүн ыытыллар Уһук Илиҥҥи дьахталлар форумнарыгар өрөспүүбүлүкэбит сайдыытын тутаах боппуруостара, ол иһигэр дьахталлар социальнай көҕүлээһиннэрин кытта сибээстээх «Демография», «Үөрэхтээһин», «Култуура», «Доруобуйа харыстабыла», «Экология», «Дьоҕус уонна орто урбааны уонна индивидуальнай урбааны өйөөһүн» национальнай бырайыактары олоххо киллэрии боппуруостара көрүллүөхтэрэ. Оҕо төрөөһүнүн элбэтэр, ийэни дьарыктаах буолууну өйөөһүн, доруобуйа харыстабылын саҥа таһымын, тулалыыр эйгэ, дьахтар урбаанын хаачыстыбалаахтык хааччыйыыга сөптөөх усулуобуйаны тэрийии — бу барыта съезд уонна форум стратегическай сессияларыгар ырытыллыаҕа.
Хас биирдии оройуонтан дьахталлар Сэбиэттэрин чилиэннэрэ, лиидэрдэр, көхтөөх дьахталлар кыттыыны ылыахтара. Маны таһынан Уһук Илин эрэгийиэнтэн уонна Арассыыйа атын куораттарыттан кыттааччылар баар буолуохтара. Барыта холбоон 500-чэкэ делегат кыттыыны ылара күүтүллэр. Эпидемиологческай балаһыанньанан сибээстээн тэрээһин тэйиччиттэн уонна очнай көрүҥүнэн ыытыллара күүтүллэр диэн тэрийээччилэр этэллэр.
«Быйыл ыытыллар съезд өрөспүүбүлүкэбит 100 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн ыытыллар. Биһиги нэһилиэнньэбит саамай көхтөөх араҥата — дьахталлар 100 сыл устата тугу туруорсан кэлбиттэрин уонна тугу ситиспиттэрин көрдөрөр съезд диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Иккис уратыта — бу съеһи кытары тэҥҥэ буолар форумҥа Уһук Илиҥҥи эрэгийиэн дьахталлара сүрүн кыһалҕаларын туруорсуохтара уонна ырытыһыахтара», — диэн СӨ Ил Түмэн билимҥэ, үөрэхтээһиҥҥэ, култуураҕа, маассабай информация сириэстибэлэригэр уонна уопсастыбаннай үлэ дьыалаларыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Феодосия ГАБЫШЕВА бэлиэтиир уонна бары кэрэ аҥаардары буолаары турар улахан тэрээһиҥҥэ кыттаргытыгар ыҥырар.
Сиһилии видеоҕа көрөргүтүгэр ыҥырабыт: