В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Түмэн Афонскай уонна Павел Исаков Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Фёдор Кузьмич Попов «Сыҥаһалаах» алааска олорбут дьиэтин үтүгүннэрэн оҥорон Р.Г. Васильев аатынан кыраайы үөрэтэр музейга бэлэх ууннулар. Ол туһунан орто оскуола Инстаграм ситимҥэ сирэйэ иһитиннэрэр.
Түмэн Афонскай уонна Павел Исаков оскуола «Уран уус» куруһуогар маһынан уһанарга үөрэнэллэр. Учууталлара Коммунар Черкашин уонна Афанасий Бродников сөбүлээн туран уһанар оҕолорго сүбэ-ама, тирэх буолаллар.
Онтон уолаттар макет хайдах оҥоһуллубутун туһунан бу курдук сырдаталлар:
— Федор Кузьмич Попов балаҕанын хаартыскатын учууталларбыт мусуойтан ылбыттара. Макеты хаартыскаҕа хайдах баарынан үкчү гына оҥорорго кыһалынныбыт. Бу маны оҥорон былыргы дьиэ хайдах быһыылаахтык тутуллубутун биллибит, ис-тас быһыытын үөрэттибит. Билиҥҥи дьиэлэртэн уратыта — барыта илиинэн суоруу, эрбээһин үлэтэ буолар, биир да тоһоҕото суох тутуллар уонна сарай оннугар, ардах хоппот гына, томточчу буор кутуллар. Оҥоһукпутун биир дойдулаахпыт, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Фёдор Кузьмич Попов төрөөбүтэ 100 сылыгар аныыбыт.
Ити курдук Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов биир дойдулаахтара кини олорбут дьиэтин үкчү үтүгүннэрэн оҥорон, олохтоох түмэлгэ бэлэх ууммуттара үтүө дьыала уонна холобур буолар.
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!