Балаҕан ыйын 25 күнүгэр фармацевтар Аан дойдутааҕы федерациялара тэриллибитинэн (1912) идэлээх күннэрэ бэлиэтэнэр. Манан сибээстээн естественнай-научнай кылаас оҕолоро фармацевт идэлээх Валентина Иннокентьевна Сметанинаны көрүстүбүт.
Валентина Иннокентьевна Дьокуускайдааҕы медицинскэй училищены бүтэриэҕиттэн Кэбээйи аптекатыгар үлэлиир. 1957 с. тэриллибит аптекаҕа урукку өттүгэр эмтэри, укуоллары дистиллированнай уу оҥорон бэйэлэрэ суурайаллар эбит. Билигин аптека «Сахафармация» АУо иһинэн үлэлиир.
Ыалдьыппыт оскуолатааҕы уонна студент сылларын, химия предметин суолтатын, идэтин сүрүн хайысхаларын, дьиэ кэргэнин, үлэлиир тэрилтэтин туһунан кэпсээтэ. Фармацевт эмп-том састаабын, киһиэхэ дьайыытын уонна аналын таһынан хас биирдии атыылаһааччыны таба өйдөөн, болҕойон, быһааран биэриэхтээх.
«Аптекаҕа дьон кыһалҕаттан, ол эбэтэр ыалдьан эмтэнээри эбэтэр эмтээри кэлэр сирдэрэ буолан олус эппиэтинэстээх. Дьону, дьон уйулҕатын эмиэ өйдүөххэ наада. Идэбин олус сөбүлүүбүн. Учууталларбын Евдокия Владимировна Максимованы, Николай Афанасьевич Дьяконовы мэлдьи махтана саныыбын. Химия предметигэр умсугуйан үөрэммитим. Ордук аналитическай химияны өйдөөн хаалбыппын. Эһиги эрдэттэн инники идэҕитин толкуйданыҥ, талбыт предметтэргитигэр туйгуннук үөрэниҥ. Доруобуйаҕытыгар болҕомтолоох буолуҥ – режими тутуһуҥ, сөпкө аһааҥ, сөпкө таҥныҥ. Үөрэххэ кыһаллан үөрэниэххэ наада. Үөрэх киһиэхэ көҥүлү биэрэр, олоххо тирэҕи үөскэтэр», — диэн Валентина Иннокентьевна сүбэлээтэ.
Нэһилиэкпит биир саамай суолталаах тэрилтэтин уонна фармацевт идэтин кытта билиһиннэрбитигэр Валентина Иннокентьевнаҕа истиҥник махтанабыт, чэгиэн доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт.
Аня ИВАНОВА, Алина ПОЛЯТИНСКАЯ, 10 «а» кылаас,
«Нуклеус» пост, Кэбээйи оскуолата.