Учуутал төрөөбүт дойдутунан киэн туттар, ол иэйиитин кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдэр киһини иитэн таһаарар соруктаах үлэлиир. Ол туһуттан үөрэтии саҥа, сонун, ураты ньымаларын көрдүүр. Үөһээ Бүлүүтээҕи М.Т.Егоров аатынан 2 №-дээх орто оскуолатын саха тылын, литературатын учуутала Любовь Васильевна Шологонова-Гольдерова уруогар, бырагырааманы таһынан, биир дойдулаах суруйааччыларын айымньыларын киллэрэн үөрэтэр уонна лэпбугу туһанар. Бу туһунан педагогическай ааҕыыларга дакылаатыттан быһа тардыы.
Киириитэ
Саха народнай суруйааччыта Семен Данилов “Төрөөбүт буорун, төрөөбүт силиһин аанньа ахтыбат, ытыгылаабат оҕоттон үтүө киһи тахсыбат” диэн бэргэнник этэн турар. Хас биирдии киһини оҕо эрдэҕиттэн төрөөбүт дойдутун, дьонун-сэргэтин олоҕун-дьаһаҕын, историятын билэр, ытыктыыр, киэн туттар ыччаты олоххо бэлэмнээн таһаарар сүрүн сорукпут. Ол туһуттан хас биирдии учуутал үөрэтэригэр араас ньыманы туһанар. Мин санаабар, оҕо ханнык баҕарар предмеккэ төрөөбүт кыраайын туһунан билиитин чиҥэтиэхтээх дии саныыбын. Маныаха кыраайы үөрэтии үрдүкү кэрдиискэ туруохтаах.
Чинчийии тоҕоостооҕо: Үөрэҕэрии саҥа стандартыгар оҕону сиэр-майгы өттүнэн иитии улахан боппуруос буолла. Бэйэтин төрөөбүт түөлбэтин историятын, олоҕун интэриэһиргиир, билэр-көрө сатыыр эрэ буоллаҕына, үөрэтии сонуннук барыа, үөрэтиллэр бырагыраама таһынан билиитэ кэҥиэ. Инникитин маннык ыччаттан дойдутунан киэн туттар, ону кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдэр киһи тахсыа. Ол туһуттан учуутал саҥа, сонун уратылары көрдөөн, үлэтигэр туһанара ирдэнэр.
Үлэ сыала: Саха тылын, литературатын уруоктарыгар олохтоох матырыйаалларынан оҕону үөрэтиигэ үөрэх хаачыстыбата тупсарыгар туһуланар үлэни көрдөрүү.
Үлэ соруга:
-Научнай, методическай үлэлэри үөрэтии;
-Методистар үлэлэрин ырытыы;
-Олохтоох матырыйааллары хомуйуу, уруокка туһаныы ньымаларын, формаларын көрдөөһүн;
-Айар үлэ биир ураты көрүҥүн лэпбугу уруокка туһаныы;
Чинчийии барыла: олохтоох матырыйааллары туһаныы көрүҥнэрэ.
Чинчийии предметэ: үөрэтэр предметтэринэн кыраайы үөрэтии.
Чинчийии ньымата: саха тылын, литературатын уруоктарыгар кыраайы үөрэтиинэн интэриэһиргэтии.
Үлэ сонуна: үөрэтэр предметтэрбэр патриотическай иитии уратылара сырдатылынна.
Чинчийии көдьүүһэ: саха тылын, литературатын уруоктарыгар программаҕа бэриллэр темаларга олохтоох матырыйааллары туһаныы өрүттэрин көрдөрүү.
Үлэ тутула: киириилээх, икки түһүмэхтээх, түмүктээх, туһаныллыбыт литература испииһэктээх.
Олохтоох матырыйаалы уруокка туһаныы
Кыраайы үөрэтии, араас предметтэргэ олохтоох матырыйааллары үөрэтиини өссө 17 үйэттэн саҕаламмыт эбит. Билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ үөрэтии араас саҥа технологияларын туһанан, оҕоҕо саҥа сонун матырыйаалы тиэрдэр туһуттан олоҕу кытары сибээс баар буоллаҕына ордук интэриэһиргээн дьарыктаныа, олоҕу сыаналыыра тупсуо.
Саха тылын, литературатын уруоктарыгар биир дойдулаах суруйааччыларбыт айымньыларын туһаныы
Саха литературатын уонна тылын уруоктарыгар интэриэһи үөскэтэр, эбии билиилэрин кэҥэтэр сыалтан уонна олоҕу кытары сибээһи олохтоон, бырагыраамаҕа бэриллэр тиэмэлэргэ биир дойдулаах суруйааччыларбыт айымньыларын үөрэтэбин. Үөһээ Бүлүүбүтүгэр барыта сүүрбэттэн тахса суруйааччылаахпыт, онтон аҕыйах суруйааччы оскуола бырагырааматыгар киирэ сылдьар. Сорох суруйааччылар киэҥ эйгэҕэ биллибэтэхтэр, айымньылара тарҕамматах. Онон биир дойдулаахтарын биллиннэр уонна айымньыларын үөрэттиннэр диэн сөп түбэһэр тиэмэҕэ киллэрэн биэрэбин.
Холобур: Амма Аччыгыйа «Ийэ» хоһоонун үөрэтэн баран, П.Одорусов «Мин ийэм мичээрэ”, “Биһиги ийэбит” хоһооннорун туһанабын. Иннокентий Артамонов «Мин мантан сэриигэ барбытым” хоһоону үөрэтэн баран, П.П.Одорусов, А.Н.Николаев сэрии туһунан хоһооннорун билиһиннэрэбин. С.С Васильев “Улуу Ильмень” балладаны үөрэтэргэ кыраайы үөрэтэр музейга сылдьан, биир дойдулаах буойуттарбыт Ильмень күөлгэ буолбут кыргыһыыларга кыттыбыттарын туһунан истэн, көрөн баран, ахтыылары кытары билсэллэр. И.Д.Винокуров “Герой туһунан ырыа” хоһооннорун үөрэтэн баран П.П.Одорусов “Күн-Ийэм алгыһын ыламмын” кинигэтиттэн Боороо туһунан поэматын билсиһиннэрэбин, Прокопий Афанасьевич Софронов-Боороо хорсун быһыытын туһунан кэпсэтиһэбит. С.Р.Кулачиков “Буурҕа, буулдьа дьылыгар” поэманы үөрэтиигэ чинчийэр үлэ ыытыллар. “Комсомол-мин эдэр сааһым” төрөппүттэрин ахтыыларын хомуйаллар, олохтоох суруйааччылар айымньыларын ааҕаллар. С.Р.Кулачиков – Эллэй “Кытыйа”, “Партизан уҥуоҕар”, “Саа уоһугар” хоһооннорун үөрэтэн баран, “Үөһээ Бүлүүгэ гражданскай сэрии сыллара” чинчийэр үлэнэн иһитиннэрии оҥороллор.
Аҕа дойду сэриитин тематагар “Саха сирин буойун суруйааччылара” киирии уруокпар иккис түһүмэҕинэн “Биир дойдулаах буойун суруйааччыларбыт” сиһилии сырдатыллар.
Литература – олох сиэркилэтэ буолар. Үөрэнээччи киһи быһыытынан өйө-санаата сайдыытыгар, сиэрдээх ис турук, сырдык уйулҕа олоҕуруутугар туһуланар. Саха литературатын оскуолаҕа үөрэтии сүрүн соругунан оҕо уйулҕатын уратыларын баттаабакка, кыахтаах, күүстээх өрүтүн таба тутан, мындырдаан, онно тирэҕирэн киһи быһыытынан ис дьиҥэ, олоҕу дьоһуннук олорорго тускулуур дьоҕурдара сайдалларыгар олук охсуу, сайыннарарга дьулуһуу буолар. Үөрэнээччи сүрэҕинэн ылынан үлэлиир кыаҕын үөскэтэр сорук турар. Бэйэтин түөлбэтин дьонун холобурдарыгар иитэн, кинилэр айар үлэлэригэр умсугутан, чинчийэр, айар дьоҕурдарын сайыннаран уйулҕатын уһугуннардахха, литератураны чугастык ылынар кыаҕа үрдүүр.
Саха тылын үөрэтиигэ биир дойдулаах суруйааччыларбыт, биллэр дьоннорбут бэргэн этиилэрин уруок олук тылын быһыытынан, ону кытары тылы ырытыыга, билиини бэрэбиэркэлиир араас хайысхалаах үлэлэргэ туттабын. Дьиэҕэ үлэҕэ суруйааччыларбыт биллэр кэпсээннэриттэн, хоһооннортон барбыт темаҕа холобурдары булларар сорудах бэриллээччи. Тургутуктарга олохтоох суруйааччылар айымньыларын туһанабын. Ааттар бөлөхтөрүнэр брошюралаахпын.
“Үөһээ Бүлүү” хаһыакка тахсар матырыйааллары уруокка эмиэ туһаныллар. Холобур, хаһыат тылын-өһүн үөрэтиигэ, этии синтаксиһын, тутулун ырыытыга туһанабын.
Уруокка олохтоох матырыйааллары дидактическай матырыйаал быһыытынан туһанарга олус табыгастаах, иитэр суолтата күүстээх.
Лэпбук – айар үлэ ураты көрүҥэ
Лэпбук – диэн туруору тылбааһынан “наколенная книга” диэн. Америкаҕа айыллыбыт илиинэн оҥоһуллар кинигэ. Биир тиэмэҕэ араас формалаах, элбэх хармааннардаах ураты кинигэ буолар. Оҕо дьоҕурун, сатабылын сайыннарарга олус табыгастаах кинигэ. Оҕо уһуйааннарыгар, алын кылаастарга элбэхтик туттуллар.
Сонуннук, уратытык толкуйдаан, хайа баҕар үөрэтэр предмеккэ туһаныахха сөп. Тыл, литература уруоктарыгар олус табыгастаахтык туһаныллар. Саха тылыгар биир тиэмэҕэ эбэтэр бүтүн салааҕа саҥа да тиэмэни үөрэтиигэ, түмүктүүргэ да, табыгастаахтык туһаныллар.
Литератураҕа биир суруйааччыны ылан олоҕун, айар үлэтин сиһилии үөрэтии табыллар. Учуутал үлэтигэр айымньылаахтык сыһыаннаһан, сонун, оҕону толкуйдатар араас сорудахтары киллэрэн үөрэтэр тематыгар интэриэһи үөскэтэр дии саныыбын.
Лэпбук тиэмэни үөрэтэргэ, хатылыырга ордук табыгастаах. Оҕо манна баар сорудахтары толороругар элбэх матарыйааллары хасыһарыгар, ааҕарыгар туһуланар. Биир ураты өттүнэн, учуутал оҕону кытары уонна оҕо төрөппүтүн кытары бииргэ кыттыһан толоруохтарын сөп.
Тиэмэни үөрэтиэх иннинэ (опережающее задание) сорудаҕы биэрэн баран, уруокка лэпбукка баар сорудахтары ситэрэн айан оҥороллор. Эбэтэр оҕо бөлөҕүнэн бииргэ үөрэнэр оҕолорун кытары, эбэтэр араас интернет ресурсаларын туһанан, кинигэлэри ааҕан бэйэтэ толорор, эбэтэр төрөппүттэрин кытары дьиэҕэ сорудах биэриэххэ сөп. Оччоҕо оҕо элбэх матырыйаалы хасыһар, оҕону, төрөппүтүт кытары бииргэ үлэлиир.
Бу үлэ көрүҥэ оҕону толкуйдуурга, айымньылаахтык сыһыаннаһарга, элбэхтик ааҕарга, үөрэтэр мтьарыйаалын дириҥэтэн үөрэтэригэр кыах бэриллэр.
Холобур: даҕааһыны хатылыырга маннык сорудахтары киллэрбитим:
-Даҕааһыны таба суруйуу;
-Үөскээбит даҕааһыннары П.Тобуруокап “Ырыа туһунан ырыа” хоһоонтон булуу;
-Киирии даҕааһыннары таба суруйуу;
-Даҕааһыннары булан, айар үлэ суруллар “Чараҥ ырыата” П.Тобуруокап хоһоонун туһаныы, штрих-код көмөтүнэн видео көрүү. Айар үлэ толороллоругар көмө буолар;
-Даҕааһын хаачыстыбаларын салгыы суруйуу;
-Даҕааһын халыыптарын сөпкө туһаныыга сорудах;
-Саҥа чааһынан ырытыы.
Түмүк
Оҕолор олохтоох матырыйаалынан үлэлиир үөрүйэхтэрэ үөскээтэ, билиилэрэ-көрүүлэрэ, айымньылары тэҥнээн көрөр үөрүйэхтэрэ, кинигэнэн үлэлиир, суругунан араас айар сорудахтары толорор сатабыллара үрдээтэ. Санааларын сайа этинэр, толкуйдаабыттарын сөпкө анаарар буолан эрэллэр. Саамай сүрүн ситиһии – төрөөбүт дойдунан киэн туттуу, олохтоох суруйааччылары үөрэтии буолар.
Уруокка ылбыт билиилэринэн оҥорбут оҥоһуктарын, олохтоох матырыйааллары бэйэлэрэ көрдөөн булбуттара үөрэх кэмигэр туһаналларын ситиһэн оҕолор айымньылаахтык үлэлээбит түмүктэринэн ис кыахтарын арыйан, дьоҕурдара сайдарыгар, өй-сүрэх үлэтэ ситиһиилэнэригэр кыах үөскүүр.
Лэпбук көмөтүнэн, саҥа теманы үөрэтиигэ, хатылааһыҥҥа айымньылаахтык сыһыаннаһан, оҕо бэйэтэ теманы хасыһын,чиҥэтэн үөрэтэригэр тирэх буолар.
Үөрэнээччилэр бэйэлэрэ баҕаран туран үлэлээтэхтэринэ, өй-санаа, толкуй сайдыытыгар, үөрүйэх, дьоҕур үөдүйүүтүгэр тирэх үөскүүр.
Төрөөбүт тылын, литературатын кэрэхсиир баай кэрэ айылҕатын, норуотун культуратын, үгэстэрин интэриэһиргиир, ону билиэн баҕарар оҕо сайаҕас тыллаах-өстөөх, үрдүк культуралаах киһи буола иитиллэр.
Туһаныллыбыт литература:
Борисова Н. С., “Методика историко-краеведческой. работы в школе”, М., 1982;
Варламова С.Н. Төрөөбүт тылы-саҥа пед.технологиянан //Народное образование Якутии, №1, 2001, 20-29с.
Волков И.П. Учим творчеству // Педагогический поиск
Борисов У. Борисова А.А Лит. краеведение, М., 1985;
Столетова В. Н.,. Кашина М. П., Сейненский А. Е., “Краеведение в сов. Педагогике” (1917 — 1932), СП, 1968, М
Новые исследования в пед. науках, в. 13. Ми969; Мамонтов А. В., Щерба H. H., Краеведч. библиография, М., 1978;