Сыл аайы сэтинньи 3 күнүгэр этнографияны сөбүлүүр оҕолор уонна улахан дьон «Большой этнографическай диктант» суруйабыт.
Санатан этэр эбит буоллахха, 2021 cылга Россия үрдүнэн 2679000 киһи кыттыбыт, оттон быйыл 2022 сылга 3 мөлүйүөнтэн тахса киһи кыттара былааннаммыт.
Кэбээйи орто оскуолатыгар, күһүҥҥү сынньалаҥ күннэрэ саҕалананнар, кыттааччы быйыл аҕыйах. Ол эрэн уопсайа диктаҥҥа 20 тахса оҕо, 20 педагог оффлайн форматынан көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Мин кыттыбыт оҕолортон аҕыйах ыйытыыга хоруйдуулларыгар көрдөстүм:
— Валя, эн бүгүҥҥү этнографическай диктаҥҥа туох сыаллаах-соруктаах кытынныҥ?
— Мин дойдум историятын интэриэһиргиир буоламмын бүгүн кытынным. Этнографическай диктант ыйытыылара араас норуоттар сайдыыларын, историяларын көрдөрөр ыйытыылар киирбиттэрин биллим. Төһө билэрбинэн, оҥоро сатаатым.
— Марина, бу диктаҥҥа ким-ким кыттыыны ылла?
— Этнографическай диктаҥҥа куруук инники күөҥҥэ сылдьар, барыга бары көхтөөх учууталларбыт, уонна историяны дириҥэтэн үөрэтэр соруктаах оҕолор кыттыыны ыллылар.
— Сайаана, эн санааҕар бу диктант туох сыаллааҕый?
— Бу диктант «Большой этнографический диктант» дэнэр. Тоҕо диэтэр, бу регион эрэ дьоно буолбакка, Аан дойду омуга барыта кыттыыны ылар, ол иһин аан дойдутааҕы таһымнаах. Онон атын норуот историятын үчүгэйдик билэргэ, үөрэтэргэ сыаллаах буолар.
— Маша, эн санааҕар этнографическай диктант төһө ыарахан этэй?
— Мин санаабар, диктаҥҥа ыйытыылара олус ыарахан, ол гынан баран интэриэһинэй этэ.
— Анжелика, этнографическай диктант төһө туһалаах дии саныыгыный?
— Мин санаабар этнографическай диктант олус туһалаах, элбэҕи билэргэ, өйдүүргэ, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буоларга, дойдубут историятын билэн, киэҥ билиилээх дьон буола улаатарбытыгар наада.
Аэлита ГАБЫШЕВА, 8 кылаас үөрэнээччитэ,
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.