Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар үгэскэ кубулуйбут Култуура уонна спорт эстафетатыгар Кеша Алексеев аатын сүгэр Хаптаҕай орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ ситииһээлэхтик кытыннылар.
Маннык эстафета улууска 67-с сылын ыытыллар ол тухары дьону сомоҕолоон, сырдыкка –кэрэҕэ угуйан кэллэ. Эстафетаҕа нэһилиэк дьоно ким тугу сатыырынан, туох дьоҕурдааҕынан күүс — көмө буолар.
Быйылгы эстафетаҕа оскуола үөрэнээччилэрэ фольклор нүөмэрдэринэн ситиһиилээхтик кытыннылар. Ол курдук, олоҥхо, тойук, чабырҕах, фольклорнай композиция, уус–уран ааҕыы курдук нүөмэрдэри толордулар.
Оҕолор нүөмэрдэрэ 7 кылаас уолаттарын болоҕо биир дойдулаахтарбыт И.Сосин, В.Павлов-Макар Мыла хоһооннорун ааҕыытынан саҕаланна. Биир дойдулаахпыт Романов П.Р.-Мыланыыскай «Кыыс Ньургустай Куо» олоҥхоттон быһа тардан иһитиннэрдэ Илья Николаев, чабырҕаҕы бэрт хомоҕойдук алын кылаас оҕолоро этэн Лауреат аатын ыллылар. Фольклорнай композиция дипломант буолары ситистэ, Альбина Шарина тойуга дипломант буолла.
Оҕолор толоруулара 4.25 балынан сыаналанна. Оскуола үөрэнээччилэрэ быыстабкаҕа кытыннылар. Оҕолор үлэлэрин көрүнэ араас. Эстафета туспа сыаналанар көрүҥэ уопсай нэһилиэк оһуохайа буолар. Ирдэбилэ — ү көлүөнэ эр киһи этиэхтээх — аҕа, орто саастаах эр киһи уонна уол оҕо этиэхтээх.
Оскуолабыт лидера, 10 кылаас үөрэнээччитэ, «Кустук» медиастудия иитиллээчитэ Павлов Юра Лауреат аатын ылла. Эстафета оҕолору, эдэр ыччаты, аҕа ккөлүөнэ дьону сомоҕолуур күүстээх улууспут бастын тэрээһинэ.
«Кустук» медиастудия,
Яковлева Н.Н.,Дмитриева Василена.