Оҕо, ыччат сайдар айанын суола
- Оҕо, ыччат сайдар төрүттэрин уратыта.
- Оҕо уопсастыбаннай хамсааһына — оҕо сайдар эйгэтин сүрүн күүһэ.
- Ыччаты ийэ-аҕа буоларга бэлэмнээһин.
- Бигэ туруктаах ыал буолуу.
- Түөлбэ эйгэтэ саҥа тыыннаах тэрийэр эйгэ.
ОҔО, ЫЧЧАТ САЙДАР АЙАНЫН СУОЛА
1.1. ОҔО, ЫЧЧАТ САЙДАР ТӨРҮТТЭРИН УРАТЫТА
Оҕо сайдар эйгэтэ – оҕо өйүнэн-санаатынан, дьоҕурунан холкутук улаатарыгар, айдырыгын арыйарыгар аналлаах миэстэ: дьиэ-уот, хос, тэлгэһэ, оҕуруот сирэ, ходуһа; туттар мал-сал, оонньуур, иһит-хомуос, таҥас-сап, төрүт култуура, ырыа-тойук; айылҕа, сөптөөх үлэ-хамнас, төрүт дьарык; сыһыан: доҕор-атас, уруу-аймах, дьон-сэргэ.
Оҕо сайдар эйгэтин тэрийии – оҕо өйүнэн-санаатынан, дьоҕурунан холкутук улаатарыгар, айдарыгын арыйарыгар, киһилии киэптээх буола үүнэригэр сөптөөх усулуобуйаны олохтооһун. Маныаха үс ситим олохтонор: социальнай сакаас – үлэ сыала-соруга – олоххо киириитэ.
Оҕо сайдар эйгэтэ олоҥхо педагогикатын СЭДИП технологиятынан саас кэрдиис кэминэн олохсуйар.
Оҕо төрүөҕүттэн идэни ылар үөрэҕи бүтэриэр 24 сааһыгар диэри уратытын учуоттаан, сэттэ кэрдиис кэми ааһар: төрүөн иннинээҕи кэм (пренатальный период), 0-9 ый; кыһыл оҕо кэмэ (младенческий период), 1-3 саас; кырачаан сааһын кэмэ (преддошкольный период), 3-7 саас; оскуола алын сүһүөҕүн кэмэ (младший школьный период), 7-12 саас; оскуола орто сүһүөҕүн кэмэ (средний школьный, подростковый, период), 12-15 саас; оскуола үрдүкү сүһүөҕүн кэмэ (старший школьный, юношеский, период), 15-17 саас; орто анал уонна үрдүк үөрэх кэмэ (период молодости), 18-24 саас.
Саас кэрдиис кэминэн сайдыы уратыта
0 – 3 саас
Уйулҕа уратыта
0-9 ый. Оҕо ийэ киэлитигэр үөскүөҕүттэн тохсус ыйыгар диэри сайдар хаамыыта кылгастык маннык: ахсыс нэдиэлэтигэр киһи таарыйарын билэр, уон төрдүскэ – тирии таһымыгар иһитиннэриини ылар, бэһис ыйыгар – оҕо хамсыыра биллэр, ийэтин илиитин билэр, онон хардарыта сибээс үөскүүр. Сэттис ыйыттан ийэтин, аҕатын, атын дьон саҥатын, музыканы истэр-араарар, ийэтэ таптыыр музыкатын сөбүлүүр, сөбүлээбэт буоллаҕына тэбиэлэнэр. Бэһис-алтыс ыйыттан ийэтэ санаата түһэр, куттанар-хомойор буоллаҕына, оҕото эмоциональнай сайдыыта намыһах, ытанньах, мөлтөх доруобуйалаах төрүүр. Онон оҕо бары уоргана үлэлээбитинэн барар, дьоно киниэхэ сыһыанын, тас эйгэҕэ туох быһыы-майгы буола турарын билэр, онно эппиэттиир кыахтаах. Оҕоҕо туох дьайыы оҥоһуллубута, кини инники олоҕор уопуту мунньуута буолар. Ол кэлин өйүгэр-санаатыгар, уйулҕатыгар, улахан дьону кытары алтыһарыгар сабыдыаллыыр кыахтаах.
1-3 саас. Оҕо бастакы мүлчүргэннээх сааһа – күн сиригэр кэлиитэ, оҕо төрөөһүнэ. Манна икки түгэни өйдүүр наадалаах: маҥнайгыта, оҕо бэйэтин кыайан көрүммэт, хааччыммат – кини улахан киһитэ суох табыллыбат; иккиһэ, оҕо саҥаран бодоруһар кыаҕа суох. Бу икки түгэни таба өйдөөһүн кырачаан киһи инники сайдыытыгар быһаарар суолталаах. Оҕо 1-3 сааһыгар толору ийэ-аҕа көрүүтүгэр сылдьар, кинилэртэн тутулуктанар. Кини олоххо бастакы хардыыларыгар дьонун кытары икки сибээстээх: дьиҥ хайдах баарынан (объективнай – төрөппүт көмөтө) уонна тус бэйэ (субъективнай – төрөппүт болҕомтото, сыһыана).
Тутаах үлэ. Оҕо үс-түөрт ыйыттан иэйиитэ киирэр (соһуйуу, долгуйуу); төрдүс ыйыгар өйдүүр, ылынар, иҥэрэр; сабардамнаах толкуйа сайдар; сэттис ыйыттан «арахсар кутталын» билэр; уон ыйыттан үтүктэр; биир сааһыттан бииргэлэһэр (совместное действие) кыахтанар. Онон кини дьону, тулалыыр эйгэни кытары бодоруһууга наадыйар.
1-3 саас – оҕо ис эйгэтэ, ийэ кута арыллар сааһа. Кини дууһатын эйгэтэ, удьуордааһын, утумнааһын – киһи хараҕар көстүбэт ис туругун эйгэтэ сайдар: өйө, толкуйа, талаана арыллар, олоҕор дьулуур үөскүүр. “Мин бэйэм” диир кэмэ кэлэр.
Үс саас – оҕо мүлчүргэннээх сааһа. Бу кэмҥэ Л.С. Выготскай үс суолу чорботон бэлиэтиир. Бастакыта: кэдэрги, төттөрү быһыы. Оҕо үс сааһын диэки улахан киһи эппитин төттөрү этэр буолар. Иккиһэ, өсөһүү. Оҕо өһөстөҕүнэ, эппитин этэ, оҥорбутун оҥоро турар буолар. Үсүһэ, хадаардаһыы. Бу кэмҥэ оҕо буола турар быһыыны-майгыны ылыммакка, хадаардаһар. Кини бэйэтин санаатынан сылдьыан баҕарар. Күүс өттүнэн элбэхтик оҥотторор түбэлтэҕэ оҕо төттөрүлэһэрэ, хадаардаһара ырылхайдык көстөр.
Сайыннарыы эйгэтэ
Бу сааска оҕону сайыннарыы сүрүн күүһэ – ийэ, аҕа таптала буолар. Эдэр ийэни, аҕаны оҕолорун сайыннарар эйгэтин хайдах тэрийэргэ үөрэтии, өйдөтүү, көмөлөһүү барар.
Норуот үгэһэ. Ыал саҥа төрөөбүт оҕотун норуот үгэһин тутуһан, биһик ырыатынан утутан, музыка иһитиннэрэн, эйэҕэс мичээринэн уһугуннаран, ийэ тылынан ийэ-аҕа дэттэрэн, иһирэхтик кэпсэтэн, амарахтык сыһыаннаһан, эмиий үүтүнэн эмсэхтээн, араас илии-атах эрчиллиилэрин оҥоро үөрэтэн, имэрийэн-томоруйан, ыйынан көрөн оҕоҕо аналлаах айымньылары ааҕан, үөрэтэн, чөл олоҕу тутуһан, иҥэмтиэлээх төрүт аһы аһаан, дьиэ ис-тас үлэтин эр киһи, дьахтар киэнэ диэн көрөн үллэстэн үлэлээн, дьиэ кэргэн иллээх олохтонон, чөл куттаах доруобай, үтүө майгылаах-сигилилээх оҕону улаатыннарар. Оҕо сиэри-туому көрөн омугун кутун иҥэринэр. 1 уонна 3 саастаах оҕо саҥ тардыы үгэһигэр кыттар. Оҕо хайдах оонньуурун кэтээн көрөн туох айдарыылаах, туохха дьоҕурдаах буолуоҕун билгэлиэххэ сөп.
Дьарык. Күннэтэ дьиэ иһинээҕи дьонун кытта кэпсэтэн, сэһэргэһэн, ыйыталаһан, токкоолоһон, хоһоон ааҕан, ырыа үөрэтэн, остуоруйалаһан тулалыыр эйгэтин билсэр. Киһи сирэйин-хараҕын кэтээн көрөр, сыныйар. “Ийэ”, “Аҕа”, “Эбэ”, “Эһэ” диэн тыллары саҥара үөрэнэр. Киһиэхэ ону-маны, оонньууру эҥин уонна аһыттан бэрсэн утары уунан: «Мэ!» — дии үөрэнэр.
Оҕо үс сааһыгар диэри дорҕооннору чуолкайдык саҥарарга дьиэтээҕилэриттэн үөрэнэр. Оҕо биирдэ сыыһа саҥарбытын, атыннык истибитин көннөрөр ордук. Дьиэ кэргэн оҕо сайдар усулуобуйатын оҕону бэйэтин кытта тэҥҥэ тэрийиллэр: оҕоҕо аналлаах кинигэ мунньунан ааҕыы, ойуутун көрдөрөн сэһэргэһии, сөптөөх оонньуулары, оонньуурдары хааччыныы: норуот оонньуулара, оонньуурдара, музыкальнай, дидактическай, предметнэй оонньуурдар. Оҕону оонньуурга үөрэтиллэр. Оонньуу сылдьан оҕо барыга үөрэнэр, билэр, сайдар. Оонньуу төрдө айыы, айымньы – оонньууга иҥэриллэн айар анал үйэтийэн, хараллан сылдьар. Оҕо дьарыга: уруһуйдуур, пластилинынан, туойунан имитэн-хомутан оҥорор, кумааҕынан кырыйар, кинигэ ойуутун көрөр, хомулуктары ыһар-хомуйар, оҕуруо тиһэр, толкуйдатар оонньуурдарынан оонньуур. Оттомо улаатан олохсуйар.
Сайдыы олохтонуута
Оҕо киһи быһыытынан сайдар: тарбахтарын былчыҥҥнара, өҥү быһаарара, истэрэ-көрөрө. Оонньуурдары, эттиктэри, бары баары, хамсыыры таба көрөн тутар-хабар, оонньуур, сыыллар, үнэр, ат буолар, турар, хаамар, тылланар, төрөөбүт тылынан ыраастык саҥарар. Биириттэн саҕалаан, ийэтин кытары сибээһэ чиҥиир, удьуор тыыннаах, айыы сиэрдээх, айдарыгын арыйарга, дьоҕурун сайыннарарга толору бэлэмнээх.
Бу кэмҥэ төрөппүт оҕотугар тапталын харыстаабакка биэрэр, ийэтэ аһатар, көрөр-харайар, биэбэйдиир; аныгы педагогика ситиһиилэрин норуот педагогикатын кытары табыгастаахтык дьүөрэлиир. Ийэлээх аҕа оҕоҕо холобур буолаллар, дьиэ иһинээҕи истиҥ сыһыаҥҥа үтүө олугу уураллар. Оҕо ол түмүгэр «Миигин хайдах баарбынан таптыыллар» диэн өйгө-санааҕа иитиллэр. Оҕо ыал, төрөөбүт тыл, айылҕа – ытык өйдөбүллэр ис хоһооннорун өйдүүр; этэр тылы болҕойор.
4-6 саас
Уйулҕа уратыта
Оҕо тыла-өһө, интеллегэ сайдарыгар, тугу барытын ылынарыгар тоҕоостоох кэм. Улахан дьону кытары токкоолоһон бодоруһар сааһа. Тоҕо? Хайдах? ыйытыылары элбэхтик биэрэр, билбэтин билэ сатыыр уонна бэйэтин билиһиннэрэр кэмэ.
Тутаах үлэ: оонньуу, дьарыгырыы, уһуйуу икки өрүттээх: бастакыта, оҕо дьону, тас эйгэни кытары билсиһэр; иккиһэ, оонньуу кэмигэр өйүгэр оҥорон көрөр дьоҕура үөскүүр уонна сайдар. Оонньуу төрүт култуураҕа тирэҕирэн айдарыгын айарыгар олук ууруллар: ыал буола оонньуу, остуол оонньуута, айар-тутар, илии-атах оонньуулара тиһигин быспакка бараллар. Оччотугар оҕо 6 сааһыгар бэйэтин дьарыгын булар, минин быһаарар кыахтанар.
Оҕо долоҕойго тутарга үөрэнэр: өйгө тутар дьоҕура, сэрэйэр, анаарар толкуйа сайдар. Оҕо удьуорун туһунан элбэхтик иһиттэҕинэ утумун удьуордуур тоҕоос үөскүүр.
Сайыннарыы эйгэтэ
Сайыннарыы сүрүн эйгэтэ – айылҕаҕа бииргэ илдьэ сылдьан доҕордоһуу; үтүө сыһыаҥҥа, дьоҥҥо көмөлөһүүгэ, айылҕаны харыстыырга, таптыырга уһуйуу; дьарыкка киллэрии: саҥаны көдөрүү-биллэрии, саҥаттан саҥаны оҥоруу, бэйэни арыныы.
Оҕо хайдах үүнэн, улаатан, сайдан иһэрин, тулалаан турары ылынарын кэтээн көрөллөр. Оҕо сайдар эйгэтэ кэҥиир: дьиэтигэр, оҕо саадыгар, эбии үөрэхтээһин куруһуоктарыгар, атын дьону, оҕолору кытта бодоруһуутугар. Оҕону бэйэтин тус уратытын, дьоҕурун булунарыгар, билинэригэр кыаҕын арынарыгар көмөлөһүллэр. Түөлбэ талааннаах дьоно оҕолору кытта бу саастарыгар дириҥник үлэлээһиннэрин ситиһиллэр.
Норуот үгэһэ. Бу кэмҥэ “аптаах” амарах-эйэҕэс тыллары туттар, ыалларын оҕолорун кытта тапсан оонньуур, бодоруһар. Тиэргэн иччитигэр сыһыарыллар. Бэйэтин омугун таҥаһын таҥыннарыллар. 5 саастаах оҕону тылга киллэрии туомун ыытыллар, сөп – сыыһа, үчүгэй – куһаҕан өйдөбүллэри чопчуланыллар. Оҕону удьуор идэ хайысхатыгар уһуйуллар.
Дьарык. Оҕо саадыгар сылдьар, үөрэх/дьарык сатабылларын ылынар, үлэ арааһын бары үтүктэ үөрэнэр. Оонньуур эйгэтэ кэҥиир, оҕолору кытта бодоруһар, анал дьарыктарга кыттар, эт-хаан өттүнэн сайдар. Саҥаны ылынарга бэйэтэ кыһаллар, көрдөнөр, түмүктэри оҥостор, киһи тылын дьиҥ бэйэтин буолатынан ылынар. Сайдар эйгэтин бэйэтэ таларга талаһар буолар. Оҕо үлэлиир сирин, бииргэ үлэлиир оҕотун бэйэтэ көрдөнөр, бэйэтэ талар, хонтуруолланар, бириэмэтин аттарынар. Чинчийэр, ырытар, мындырдык толкуйдуурга үөрэнэр, билиитин хаҥатынар, бэйэ бэйэҕэ көмөлөсүһэ үөрэнэр, атын оҕо үлэтин көрөн сыаналыыр. Кимтэн баҕарар көмө ылара көҥүл. Бииргэ сылдьар оҕолоругар үтүө сыһыаны өйдүүр, оҕо ортотугар сэрэхтээх буолар, сиэр диэҥҥэ үөрэнэр. Оҕо атын оҕону кытта тапсан, кыттыһан, тэҥҥэ үлэлииргэ, көмөлөөн оҥорорго уһуйуллар.
Маннык дьарыктар оҕо сиэр-майгы өттүнэн иитиллэригэр көмөлөөхтөр. Оҕо болҕомтолоох, бэрээдэктээх, харыстанньан, үлэҕэ интэриэстээх, туруммут сыалын ситиһэр, дьоҕурдаах киһи буола улаатар. Уустук түгэнтэн тахсар суолу көрдөнө үөрэнэр, санаатын түмүнэр, кыраттан сылтаан ханнан хаалбат. Кэрэни кэрэхсиир, умсугуйар, бары дьоҕурун сайыннарар, тус бэйэтин көрүүтүн сатаан этэр, тириэрдэр буолар.Тутан-хабан оҥорор дьарыктар оҕо бэйэтин кыаҕар эрэниитин улам күүһүрдэллэр, айар талаанын уһугуннараллар. Оҕо толорбут үлэтиттэн астынар, сүргэтэ көтөҕүллэр, өрө күүрэр. Умсугуйан барар.
Сайдыы олохтонуута
Оҕо араас көрүҥҥээх дьарыкка киирэн, саҥаны билэр-билинэр, оҥоро сатыыр, уол оҕо аҕатын, кыыс оҕо ийэтин кытта үлэлэһэн: “Мин кимминий?”, “Мин тугу сатыыбыный?”, “Мин баҕарабын” диэн өйгө, дьарыкка сылдьар. Бу сааһыгар оҕо айылҕаттан айдарыгын көрдөнөрүгэр дьоно-сэргэтэ бары күүс-көмө буолаллар. Айар дьарыкка баҕа өттүнэн сылдьан, дьарыгын ис хоһоонун булунарыгар оҕо дьонуттан ирдэбилэ үрдээн иһэр.
Чинчийээччилэр (Д.Б. Эльконин) оҕо уйулҕатыгар үс саҥа көстүү үөскүүрүн бэлиэтииллэр. Бастакыта, сигили, сиэр үөскүүр: «Үчүгэй уонна куһаҕан диэн тугуй?», маны сэргэ кэрэ сайдар: «Кэрэ куһаҕан буолуон сатаммат». Иккиһэ, оҕо дьайыы ис хоһоонун өйдөөн туран оҥорор: дьулуурданар, моһолу туоруур кыахтанар уонна дьон иннигэр иэс диэн баарын билэр. Үсүһэ, дьону кытары сыһыаҥҥа бэйэтин миэстэтин көрдөнөр. Үс саастаах оҕоттон: «Эн хайдаххыный?», – диэн ыйыттахха: «Улахаммын», – диэн эппиэттиэҕэ. Оттон сэттэ саастаах оҕоттон: «Эн хайдаххыный?», – диэтэххэ: «Кырабын», – диэҕэ.
Дьиэ кэргэн иһигэр оҕо чугас дьонугар итэҕэйэр, истиҥ сыһыаннаах, төрүччүтүгэр сыстар: дьонун аатын-суолун, үлэлэрин билэр. Дьиэ иһигэр сөбүлүүр дьарыктаах. Санаатын этэр, хоһоон-ырыа айа сатыыр, кэпсээни оҥорор, истибитин, көрбүтүн долоҕойугар тутар. Тиэргэн сиэригэр-туомугар сылдьар.
7-9 саас
Уйулҕа уратыта
Оҕоҕо өй утум-ситим дьайыытын билим өйдөбүлүн ситиминэн олохсутуллар. Үөрэх көмөтүнэн оҕо бэйэ үтүө уларыйыылары өйдүүр. Кыра кылаас үөрэнээччитин уратыта: өйгө оҥорон көрөр кыаҕа киэҥ; бэйэтин санаатынан салайтарар; киһини идийээл оҥостор кыаҕа улахан; билиини оонньуу, чинчийии нөҥүө ылар; халбархай, түргэнник уларыйар чараас майгылаах; баһыйтарымтыа, киһи тылыгар кииримтиэ.
7 саас – мүлчүргэннээх саас. Оҕо бэйэтин билинэр, сыаналанар кэмэ. Биир өттүнэн, кини үөрэҕинэн бэйэтин сыаналанар буолан, сөптөөх сыанабылы кыайан оҥорбот. Иккис өттүнэн, эйгэтэ кэҥээн толкуйдуур, билэр-көрөр дьоҕура күүскэ сайдар. Кыра эрдэҕинээҕи судургу майгыта уларыйан, толкуйдаан оҥороро элбиир, тугу саныырын кистиэн сөп.
Оҕону сайыннарыы эйгэтэ
Оҕо саҥа эйгэҕэ — оскуолаҕа — киирэр. Бу сааска сайыннарыы эйгэтэ “Мин – тус бэйэм”, “Мин – мин” диэн кэҥиир, оҕо бэйэтин тус уратытын иһиллэнэр, булунар, сайыннарынар суолларын арыйарга көмөлөһүү эргиччи барар. Аймах, билэр дьоно, доҕотторо, уопсастыбаннай хамсааһыннар дьайыылара кэҥиир, саҥаттан саҥа үрдэли тэрийэллэр, айылҕалыын алтыһыыта дириҥиир. Ийэни, аҕаны сэргэ учуутал сабыдыала күүһүрэр.
Сэттэ саас – мүлчүргэннээх саас. Оҕо бэйэтин билинэр, сыаналанар кэмэ. Кини үөрэҕинэн бэйэтин сыаналанар буолан, сөптөөх сыанабылы кыайан оҥорбот. Кыра эрдэҕинээҕи судургу майгыта уларыйан, толкуйдаан оҥороро элбиир, тугу саныырын кистиэн сөп. Бу сааһыгар оҕо айар дьоҕурун сайыннаран, удьуорунан утумнаан кэлбит үгэскэ болҕомто туһаайыллар.
Норуот үгэһэ. Оҕо майгыта толору киириитигэр сыһыаран, сиэри-туому билиһиннэриллэр, толотторуллар, сир иччитигэр сүгүрүйэргэ, алгыһы ылынарга уһуйуллар.
Дьарык. Оҕо бу кэмҥэ сүрүн дьарыга – үөрэх. Кини үөрэнэргэ үөрэнэр; түөрүйэ билиитин олоҕор туһанар. Араас тэрээһиҥҥэ кыттар; оонньуурга, оонньууга сыһыана уларыйар: оонньуу кэмигэр бастыырга дьулуһар, бэйэтин суолтатын үрдэтинэр, чинчийии, айыы, саҥаны оҥоруу туругар тардыһар. оҕону бэйэтин айылгытыгар сөп түбэһиннэрэн, тулалаан турар тыыннаах эйгэҕэ сыһыаран улаатыннарар усулуобуйа тэриллэр. Оҕо сөпкө хамсанарга үөрэнэр, илии-атах оонньуутугар сыстар. Айылҕаҕа батыһыннара сылдьан, кэтээн көрөргө үөрэтэн, ис эйгэтэ, киһилии киэлитэ кэҥэтиллэр.
Мин бэйэм туспалаахпын, уратылаахпын, дьоҕурдаахпын. Ону сайыннарыы мин бэйэм эбээһинэһим, соругум диэн өйдөбүл үөскээн, айар мастарыскыайдарга, араас тэрээһиннэргэ сылдьар.
Оҕо сайдар эйгэтэ
Бу кэмҥэ оҕо сайдар эйгэтэ уларыйар, кэҥиир, ирдэбил саҥардыллар, күүһүрэр; кини киһини идийээл оҥостор кыаҕа улаатар. Өйгө оҥорон көрөр кыаҕа кэҥиир, бэйэтин санаатынан салайтарара үксүүр. Оҕо айар дьоҕурун сайыннарар, төрүччүтүн сэҥээрэр, удьуорунан утумнаан кэлбит үгэһи тутуһар. Оҕо кэтээн көрүнэр, ырытынар, бэйэтин сайыннарарга араас көрүҥүнэн дьарыктанар. Ытык өйдөбүллэри иҥэринэр. Отуора сөпкө олорор. Киһи үтүө өрүттэрин өйдөөн көрөн, батыһар баҕата улаатар, үтүө дьоҥҥо итэҕэйэр. Оҕо бу сааһыгар айылҕаттан айдарыгын арынан идэтэ түһэр, бастакы куулаттарыытын этэҥҥэ ааһар, оттомо олорор. Чинчийэн үөрэтэн, бэйэтин арыйыыларын оҥорор. Айар, куулаттарар кэмигэр сөптөөх дьарыгы көрдөнөн, үгүс тэрээһиҥҥэ сылдьар, дьарык арааһыгар кыттар.
10-12 саас
Уйулҕа уратыта
Оҕо өйө-санаата, этэ-сиинэ, майгыта-сигилитэ салгыы сайдар, ордук айар дьоҕура тобуллар. Саастыылаахтарын ортотугар бэйэтин минин уонна атын мини ырытан, тэҥнээн көрөн сыаналанар. Салайар, көҕүлүүр дьоҕура киирэр. Онон хамсаныылаах даҕаны, толкуйу эрэйэр даҕаны дьарык ахсаана улаатар; мэник-тэник, сытыы-хотуу, атах туппай сааһа. Барыны барытын билиэн-көрүөн баҕарарын үгэнэ. Окко-маска, толкуйдаабакка, ылла да оҥороро элбиир. Оҕоҕо идийээл күүстээх. Дьоруой патриоттары, сымса, күүстээх-уохтаах, өйдөөх дьону күүскэ ылынар. Учууталыгар толору эрэнэр, итэҕэйэр. Кыраттан да куттанар кэмэ. Мөҕүллэриттэн куттанан, сымыйалыан сөп. Ити үгүстүк хатыланар түбэлтэтигэр, куттаҕас уонна сымыйаччы буола улаатыан сөп.
Оҕо сайыннарынар, сайдар эйгэтэ
Оҕо сайдар эйгэтин кэҥиир. Куһаҕан – үчүгэй сыһыаннар ис хоһооннорун араарар гына оҕо бэйэтин майгытын, санаатын ырытынан билинэр, өйдүүр эйгэтин тэрийэргэ төрөппүттэр, учууталлар бииргэ үлэлииллэр. Оҕо бэйэтин дьарыгын бэйэтэ тэринэрин, атын оҕолору кытта сатаан бодоруһарын, эппиэтинэһин, эбээһинэһин, быраабын курдук саныыр, ылынар, тэринэр усулуобуйата тэриллэр. Оҕо уопсастыба хараҕын далыгар киирэр, кини хайдах сайдан иһэригэр дьоно-сэргэтэ бастакы сыанабылы биэрэллэр.
Оҕо ытык өйдөбүллэри иҥэринэн сиэрдээх толкуйдаах, бэйэтин ырытар, кэрэни кэрэхсиир, кырдьыгынан олорор, доруобуйатын көрүнэр, үчүгэйгэ тардыһар доҕоттордоох, бэйэтин сатаан харыстанар киһи буола улаатар.
Норуот үгэһэ. Оҕо норуот үгэстэрин чинчийэр, иҥэринэр, сиэрдээх быһыы туһунан билэр, сааһыгар сөптөөх туомнары ылынар, толорор, тутуһар, күрүөлэнэргэ үөрэнэр; кини төрөөбүт дойдуга, сиргэ, айылҕаҕа, алаһа дьиэҕэ сыһыаннаах сиэри-туому билэр, тутуһар. Тыл иччитигэр киирии сиэрин-туомун толорор: 7 түмүк тылы билэр: хамсаныы, аһааһын, бириэмэни аттарыы, үөрэниии, сынньаныы, сыһыаннаһыы, дьайыы.
Дьарык. Оҕо сүрүн эбээһинэһэ: дьоҕурун сайыннарарын өйдүүр, ураты дьоҕурун сайыннарар тэрийиигэ сылдьа сатыыр, бэйэтин дьарыгын булар. Үөрэҕэр ылбыт түөрүйэ билиитин олоҕор туһанар. Айан, оҥорон үгүстүк эрчиллэр.
Атын оҕолору кытта бодоруһан хамаанданан үлэҕэ, чинчийиигэ, саҥаны оҥорууга сыралаһар. Учууталлар, ийэтэ, аҕата, оҕо уопсастыбаннай хамсааһына оҕо бэйэтин бэйэтэ сайыннарынар дьарыктарын, чинчийиигэ холонорун өйүүллэр.
13-14 саас
Уйулҕа уратыта
Оҕо улаатан, ону-маны өйдүүр уонна сыаналыыр кэмэ. Кини этэ-сиинэ уларыйар: уол, кыыс уратылаахтарын өйдүүллэр, өйдөрүгэр-санааларыгар, майгыларыгар дьайар. Өйдүүр дьоҕура (памята) мөлтүүр, болҕомтото ыһыллар, толкуйдуур өртө ордук сайдар. Бу кэмҥэ оҕо үчүгэйи даҕаны, куһаҕаны даҕаны бэйэтигэр сыһыаран өйдүүр, куһаҕаны ордук ыарыылаахтык ылынар.
Ийэтигэр, аҕатыгар, доҕотторугар сыһыана уларыйар. Оҕо олоҕор доҕор сабыдыала күүһүрэр. Улааттаҕына, туох идэлэнэрин былааннанар, баҕатын кыаҕар дьүөрэлээн көрөр; билиэн-көрүөн баҕата өссө күүһүрэр, эрчимирэр. Оҕо бу кэмҥэ сыыһаны-халтыны оҥоруон сөп.
Тутаах үлэ. Оҕо ычатын кэҥэтинэр, айыы дьонун сиэригэр-майгытыгар үөрэнэн, бэйэни кыана туттарга, дьулуурдаах, тулуурдаах буоларга эрчиллэр; бэйэтин сайыннарар, күннэтэ кэтэнэр, алҕастарын көннөрүнэр, тупсарынар, ол эбэтэр олох тэтимигэр сөпкө киирэр. Идэтин көрдөнөр.
Оҕо бу кэмҥэ ис, тас тэтимҥэ киирэр.
Оҕо сайыннарынар, сайдар эйгэтэ
Утумнааһын суолун-ииһин көрдөнөр, арынар, өйүн санаатын дириҥэтинэр, бэйэтэ туох идэҕэ, үлэҕэ аналлааҕын билинэр эйгэтэ тэриллэр. “Мин оҕобун” диэн өйдөбүлтэн сыыйа тэйэн улахан дьон эйгэтигэр киирэргэ, тэҥҥэ сананарга дьулуһар. Онуоха бэйэтин сөпкө сыаналанара улахан суолталанар. Сир-дойду историятын, үтүө аатын билии, дойдунаат (патриот) буоларга бэлэмнэнэр.
Оҕо бу сааһыгар өйдөбүлэ кэҥиир. Аймах үтүө дьонун олоҕун билэр. Кини аан дойду, куйаар, ис тэтим, тас тэтим, сыл, күн-түүн эргиирин туһунан, олоҕу оҥорор үлэ ис хоһоонун билэр. Үөрэнэргэ үөрэнэр. Үлэни сөпкө былаанныыр, таба аттарарга сорунар, холонор. Сөбүлүүр дьарыгынан утумнаахтык дьарыктанар. Кэбэҕэстик түмэккэ киирэр, бэйэтин сөпкө сыаналанар. Чинчийэн үөрэтэн бэйэтин арыйыыларын оҥорор; идэтин ырытынар, талынар.
Сиэрдээх, сайаҕас майгылаах, чэгиэн-чэбдик туруктаах; олоххо үтүө өттүн өйдөөн көрөр, үтүөнү батыһар; үчүгэйгэ тардыһар доҕоттордоох; бэйэтин сатаан харыстанар тулуйугас. Төрөөбүт дойдуга, сиргэ, айылҕаҕа, алаһа дьиэҕэ сыһыаннаах сиэри-туому билэр, тутуһар; өбүгэ утумун салгыыр, олох суолун буллум диэн санааҕа киирбит, быраабын, эбээһинэһин билэр, тутуһар. Дойдутун, дьонун көмүскүүргэ бэлэмнэнэр, дьиэ кэргэнигэр бүддьүөтүгэр тус кылаатын киллэрэргэ дьулуһар.
Бу кэмҥэ обургу оҕо утумнааһын туһунан өйүгэр-санаатыгар киллэрэр.
Норуот үгэһэ. Бэйэтин омугун сиэрин-туомун билэр, тутуһар. Норуот үтүө үгэһин (оҕоҕо төп киириитэ) салгыы билсиһэр, сиэри-туому толорор, кута-сүрэ олохсуйар. Оҕо күрүө өйдөбүлүн иҥэринэр, күрүөлэнэр ньымалары олоҕор тутта үөрэнэр.
Атын омуктар эмиэ туспа эйгэлээхтэрин өйдүүр, култууратын билэ сатыыр. Үлэ киһи сайдар сүрүн суола буоларын бэйэҕэ сыһыаран иҥэринэр. Оҕо ычатын кэҥэтинэн, айыы дьонун сиэригэр-майгытыгар үөрэнэр, бэйэтин кыана туттар, дьулуурдаах буоларга эрчиллэр. Сайдар, күннэтэ кэтэнэр, алҕастарын көннөрүнэр, тупсар.
Дьарык. Оҕо бу сааһыгар айар дьоҕура аһыллан барар, үлэни сөпкө былаанныырга, таба аттарарга сорунар, холонор. Бэйэтин кыаҕын, дьоҕурун билинэн, сөбүлүүр көрүҥүнэн утумнаахтык дьарыктанар. Улааттаҕына туох идэлэнэрин былааннанар, баҕатын кыаҕар дьүөрэлээн көрөр, билиэн-көрүөн баҕата өссө күүһүрэр, эрчимирэр. Бу сааһыгар түмэр, тэрийэр, салайар, үлэлиир тардыһыыта сайдар. Дьиэ үлэтин тэҥҥэ оҥорсор, эппиэтинэһи ылынар. Айылҕаҕа сылдьан чэбдигирии, хатарыныы судургу ньымаларыгар үөрэнэр. Төрүччүнү салгыы оҥорсор, көрдүүр, чинчийэр, түмүгүн түмэккэ таһаарар. Өссө тугунан дьарыктанары толкуйдуур, үгүс ыйытыгы туруорунар.
15-17 саас
Уйулҕа уратыта
Оҕо саастан ыччат сааска киирэр, оскуоланы бүтэрэр. Ыччат өйө-санаата өссө да олоҕун була илик. “ Мин бэйэм” санаата күүстээх, инникитигэр улахан эрэллээх.
Сүрүн уратылара: үрдүк сиэр-майгы уонна кэрэни ылыныы; ис күүс; дьиҥнээх баары оҥорон көрөн, айан ылыныы; хос санаата суох умсугуйуу; билэ-көрө сатааһын, дьиҥ баары уларытар баҕа; үтүө санаа уонна итэҕэйии. Ытык өйдөбүллэргэ тирэҕирэн, олоххо сыаннастары олохсутуу. Кыыс, уол сыһыаннара уларыйар: бастакы таптал иэйиитэ уһуктар. Өйө-санаата сытыырхайар, тобуллар. Майгыта-сигилитэ олохсуйар, сүрүннэнэр. Бу саас ыраланыы, ыраны толкуйдуур кэм. Баҕа санаата үгүс, ону олоххо киллэрэргэ дьулуһар. Айар, тутар кыаҕа улаатар. Доҕотторугар, дьонугар ыарахантан тахсарга көмөлөһөр, быһаарсар.
Оҕо сайыннарынар, сайдар эйгэтэ
Орто дойдуга түспүт бэйэтин уонна доҕордорун аналларын-соруктарын көрдөнөр-булунар суолларын оҥостор. Оҕо-ыччат барыта туох эрэ уратылаах, туспалаах буоларын ылынар, тутуһар эйгэтин тэринэр, бэйэтигэр сайдар суолун, эппиэтинэһин туруорунар, суолун-ииһин, ньыматын булунар. Салайынар-сайыннарынар кыахтарын арыйарга сөптөөх усулуобуйа тэриллэр. Бэйэтин күннээҕи олоҕун дьоҥҥо, кыра оҕолорго көмөлөһүүнэн ситтэриэхтээх эйгэтин оҥостор.
Норуот үгэһэ. Бу саас ыраланыы, ыраны толкуйдуур кэм. Күрүөлэнии ис хоһоонун толору туттарга дьулуһар. Норуот үгэһин туһунан киэҥ сөптөөх билиилээх, төрөөбүт дойдуга, сиргэ, айылҕаҕа, алаһа дьиэҕэ сыһыаннаах сиэри-туому билэр, тутуһар, айыы тоҕус суолун иҥэринэр, тутуһар, тарҕатар.
Дьарык. Баҕа санаата үгүс, ону олоххо киллэрэргэ дьулуһар. Айар, тутар кыаҕа улаатар. Ханнык идэни таларынан, күннээҕи дьарыгын салайтарар. Эбии дьарыкка сылдьар, этин-сиинин эрчийэр, инники олоҕун былаанныыр. Дьонтон күһэйиитэ суох ханнык баҕарар үлэни толорор, дьиэ иһигэр дьонун кытта тэҥҥэ былаанныыр, үлэлиир. Төрөппүттэригэр, доҕотторугар сыһыана сүрүннэнэр, норуот айар үгэһин тутуһар, олохсутар. Кырдьаҕастарга, кыаммат дьоҥно көмөлөһөр. Олоххо үтүөнү батыһар ытык өйдөбүлүнэн салайтаран олорор. Үөрэххэ сыһыана тугу былаанныырыттан тутулуктанар. Кыыс-уол сыһыаннара уларыйар: бастакы таптал иэйиитэ уһуктар. Өйө-санаата сытыырхайар, тобуллар, чинчийэр дьарыга түмүгүрэр.
Ситимнээхтик дьарыктаммыт дьарыгар ситиһиилэнэр.
18-24 саас
Уйулҕа уратыта
Ыччат бэйэтин ис санаатын сааһыланар, идэтин талынар, олоххо киллэрэр. Сөбүлүүр, баҕарар идэтигэр үөрэнэр, боччумурар, оттомурар. Доҕотторун кытта биир санаанан салайтаран, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһөллөр.
Уол, кыыс сыһыаннара: табаарыстаһыы, доҕодоһуу, таптал. Өйү-төйү тутан таптаһыы – биир санааланыыга, биир интириэскэ, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүүгэ олоҕурбут, уопсай сорукка төрүттэммит таптал. Оҕоҕо баҕаран таптал – ыал буоларга аналлаах таптал.
Чэгиэн-чэбдик олоххо толору бэлэмнээх буолан ыччат бу кэмҥэ сир хаһаайына буоларга өйө-санаата ситэр, уопсастыбаҕа бэйэтин булунар, олоҕу көрүүтэ чопчуланар, Ийэ дойдуну көмүскүүргэ бэлэмнээх.
Ыччат сайыннарынар, сайдар эйгэтэ
Ыччат бу сааһыгар урут туруоруммут сыалын-соругун сиппитин-сиппэтэҕин ырытынан (Тугу? Тоҕо? Хайдах?) бэйэтигэр сайдар-ситэр саҥа суолу арынар. Сайдар эйгэтин тэринэр, тэрийэр, бэйэтин олоҕор төһө бэлэмнээҕин ырытынар, тугу ситэрбэтэҕин толорунуу суолун тобулар, дьарыгырар.
Норуот үгэһэ. Бу кэмҥэ куом диэн төрүт өйдөбүл олохсуйар. Бэйэ аатын-суолун үрдүктүк тутар, харыстыыр, аймах үтүө дьонун, төрүччүтүн билэр, сыаналыыр, төрүччүнү салгыы сайыннарар.
Дьарык. Ыччат бэйэтин олоххо булунар. Сөбүлүүр, баҕарар идэтигэр үөрэнэр, боччумурар, оттомнонор. Айар үлэнэн утумнаахтык дьарыктанар. Бэйэтин аҥарын булан ыал буолар. Ийэ-аҕа буоларга, төрөөбүт дойдутун көмүскүүргэ, сайыннарарга эппиэтинэһэ улаатар, дьиэ-уот туттар, үлэ-хамнас булунар. Ыччат бу кэмҥэ сир хаһаайына буоларга өйө-санаата ситэр, норуотун төрүт дьарыгын сайыннарар, киэҥ эйгэҕэ таһаарарга бжлэмнэнэр.чэгиэн-чэбдик олоххо толору бэлэмнээх.
Ыччат үлэни сөпкө былаанныыр, саҥа үйэҕэ сөптөөх идэни быһааран, сөбүлүүрүнэн дьарыктанан олоҕун суолун булар, аныгы технологиялары баһылыыр. Уопсастыбаннай үлэҕэ кыттар, тэрийэр, көҕүлүүр. Киһиэхэ көмөлөһөр, хамаандаҕа үлэлиир, киһилии киһи киэбин-бодотун ылар.
Айылҕаҕа буортуну оҥоруу содулуттан харыстыыр үлэни, араас ньыманы билэр; айылҕа уларыйыыларын анаарар, төрдүн-төрүөтүн быһаарсар, олорор түөлбэтин экологическэй кыһалҕаларын быһаарыыга кыттыһар, бэйэтин санаатын этэр, олоххо киллэрсэр.
Сайдан, үлэлээн дьонун хааччыйар, үлэ ырыынагар туруулаһар кыахтанар. Кини уопсастыбаҕа бэйэтин булунар: олоҕу көрүүтэ көдьүүстээх, идэлээх, сайдыылаах. Ийэ дойдутугар бэриниилээх.