2008 сылтан Хатас бары култуура, үөрэхтээһин уонна общественнай тэрилтэлэрэ нэһилиэккэ сахалыы тыыны киллэриигэ сомоҕолоһон, “Олоҥхо – олохпут ситимэ” бырагырааманы ылынан үлэлииллэр. Бу туһунан СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Вера Никитична Старкова кэпсиир.
Бырагырааманы сүрүннээн үлэлэтэр “Тускул” КК (дир. Чепалова Л.М) бу сылларга олоҥхону чинчийиигэ, нэһилиэккэ төрүт үгэһи тарҕатыыга, олоҥхону толорууга, нэһилиэкпитигэр сахалыы эйгэни олохтуурга, сахалыы тыыны киллэриигэ киэҥ үлэни ыыттылар, тус уопуттарын тарҕатар методиканы бэчээттээн тарҕаттылар.
Саха төрүт дьарыгын сайыннарар сыаллаах үлэни тиһигин быспакка ыыппыттарын түмүгэр “Утум иис” түмсүү (Сал. Т.Г. Жиркова) иистэнньэҥнэрэ, уустар, ”Бары уруһуйдуубут” түмсүү (сал. В.А. Иванова) уруһуйдьуттара өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, Россия таһымыгар эмиэ таҕыстылар. “Кэрэчээнэ” оҕо саада (сэб. Г.С. Николаева) олоҥхо педагогикатынан таһаарыылаахтык үлэлээн, оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору иитэр тэрилтэлэр “Арылы кустук” ситимҥэ киирдэ, “Ситим” айымньы дьиэтэ (дир. С.Т.Стручкова), И.Д.Панаев аатын сүгэр олохтоох бибилэтиэкэ (сэб. Е.В. Егорова) Россияҕа бастыҥ үлэлээҕинэн ааттаннылар. Бибилэтиэкэ кэллэктиибэ “Күн киһитэ көмүскэс, Айыы киһитэ аһыныгас” айылгыга олоҕуран, нэһилиэнньэ кыаммат араҥатыгар болҕомтотун уурар. “Норуот бүддьүөтэ” бырайыакка кыттан, инбэлииттэргэ аналлаах “Инва-игротека” сынньалаҥ киинин арыйда. Музыкальнай оскуолабыт Оҕо искусствотын оскуолата (дир. Х.Н.Винокурова) буола сайынна, орто оскуолабыт (дир. Н.В. Слепцов) саха омук үлэнэн иитиллэр үгэһин утумнаан агрооскуола статуһун ылла, И.И.Захаров аатын сүгэр спортивнай оскуола (дир. Е.Е.Гоголев) тахсыылаахтык үлэлиир.
Түөлбэ дьоно түмсэн, олох ыарахаттарыгар түбэспиттэргэ көмө ааксыйа оҥоруулара үтүө үгэскэ кубулуйда. Эдэр ыалы ытык ыал холобуругар иитэр “Сиэрдээх ыал” бырагыраама, “Хатас ыччата”, “Хатас хамсааһына”, «Аҕалар”, “Төлкөлөөх түөлбэ”, “Алгыс” (бэтэрээннэр), ”Арчылаана” (эдэр ийэлэр) түмсүүлэрэ биллэр-көстөр хамсааһыннары оҥорон, нэһилиэк сайдыытыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрэллэр.
Нэһилиэк биир тыыннааҕын бэлиэтэ дэриэбинэ тупсаҕай көстүүлээх буолуутугар, саҥа спортивнай сааланы, оскуоланы туруорсан, саҥа тутуулар бырыайыакка киирдилэр, олоххо киирэр кэскиллэннилэр. Ити курдук, бары сомоҕолоһон, нэһилиэкпитигэр сахалыы тыыны, сахалыы олох укулаатын киллэрдибит. Ол эрээри кэнники сылларга оҕо дьоммут тэтимнээх олох сайдыытын тутуһан төрөөбүт тылларыттан тэйэ быһыытыйдылар. Сахалыы саҥарыы, саха фольклорун, үгэһин билии тус идэлээхтэр кыһалҕаларын эрэ курдук буолла. Онон олохтоох дьаһалта, бырагыраама сүрүннээччилэрэ, тэрилтэ салайааччылара мустан, туох сыыһалаахпытын, тугу мүччү тутан эрэрбитин ырытан, хайа баҕарар саҥа олох утумнаах буоларын, ийэ тылынан саҥарар, ийэ тылын күүһүн туһанар эрэ буоллаҕына, омук омук быһыытынан сайдарын өйдөөн, өр сылларга үлэбит түмүгүн таах хаалларбакка, “Олоҥхо олохпут ситимэ” бырагыраамабытын кэм сайдыытыгар сөп түбэһиннэрэн саҥардан, салгыы үлэбитин сайыннарарга быһаарынныбыт.
“Эркээйи эргиирэ” (оҕо, ыччат сайдар эйгэтин тэрийэр) бырагырааманы үөрэтэн, ырытан баран, бу бырагырааманы тутуһан үлэбитин дириҥ ис хоһооннуурга, салгыы сомоҕолоһон үлэлииргэ туруннубут. Ол курдук “Кэрэчээнэ” оҕо саада төрөппүттэри үөрэтэр, сырдатар сыаллаах “Төрөппүт оскуолатын” үлэтин саҕалаата. Төрөппүттэрин төрүччүлэрин билэн, үөрэтэн, оҕолорун сайдыытыгар удьуор утумун тутуһарга болҕомтотун туһаайар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн көрө үөрэнэр, бэйэтин бэйэтэ сайыннарар буоларыгар олук уураллар. Оскуолаҕа киирбиттэрин кэннэ оҕо баҕатынан, удьуоруттан бэриллибит дьоҕурунан искусство оскуолата, спорт оскуолата, айымньы дьиэтэ, орто оскуола оҕону сайыннарар үлэҕэ туруналлар. “Тускул” КК, олохтоох библиотека, общественнай тэрилтэлэр ыччаттары, эдэр ыаллары араас түмсүүлэринэн, тэрээһиннэринэн аҕа саастаах, ытык дьон, ытык ыал холобуругар уһуйаллар.
Билигин оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор дорҕооннору сыыһаллара, хойут тылланаллара кистэл буолбатах. Маннык кыһалҕаны туоратыыга Хатастааҕы «Кэрэчээнэ» оҕо саада (сэб. Г. С. Николаева, сэб.солб. С. А. Ноговицына) «Айыы ыллыга» диэн оҕону сахалыы саҥардан сайыннарыы бырагырааматынан үлэлииллэр. Ол курдук уус-уран ааҕыыга улахан болҕомто ууруллар. Логопедтар, иитээччилэр, эбии үөрэхтээһин педагогтара дорҕоону туруорууга үлэттэн саҕалаан хоһоону, чабырҕаҕы, олоҥхону ааҕыыга дьарыктары, күрэхтэри тэрийэллэр. Бу күннэргэ Байанай ыйыгар аналлаах ааҕыылар, олоҥхо декадатыгар бэлэмнэнии бара турар. В.Н.Старкова » Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» диэн бэйэтин бырагырааматынан улахан, бэлэмнэнии бөлөх оҕолорун дьарыктыыр. «Туллукчаан» лого бөлөх иитээччилэрэ Иванова А. Н, Никифорова А. С » Остуоруйа дойдута» бырагыраамаларынан остуоруйа нөҥүө оҕо сахалыы саҥатын сайыннарарга араас ньымалары тутталлар. Сылын ахсын оҕо саадын иһинэн ыытыллар » Чугдаарар чуорааннар» уус-уран ааҕыы күрэҕэ үбүлүөйдээх суруйааччылар айымньыларыгар ыытыллара үгэскэ кубулуйда. Күрэх түһүлгэтэ кэҥээн куорат оҕо саадтарын бүтүннүү хабар буолла. Кыайыылаахтар «Тускул» К. К тэрийэр «Хобо чуораан» респ.күрэххэ кыттар көҥүлү ылаллар. Олунньу ыйга тэриллэр «Түннүк» научнай ааҕыы оҕолор чинчийиигэ инэриэстэрин көбүтэр, ситимнээх саҥаларын сайыннарар. Оҕо саадын иитээччилэрэ үлэлэрин уопутун өрөспүүбүлүгэ таһымыгар тарҕаталлар.Оҕо саҥата сайдарыгар, ийэ тылынан сайа саҥарарыгар кэскиллээх, ситимнээх үлэ салҕанар.
Ити курдук, киин куорат туллубат тулааһына буолбут Хатас нэһилиэгэ өбүгэ үгэһин тутуһан, сахалыы сайдыылаах ыччаты иитэргэ биир санаанан, биир сомоҕо буолан кэскиллээх суолу тутабыт.