Атырдьах ыйын 24 күнүгэр “Эркээйи эргиирэ” бырагыраама тула үөрэх үлэһиттэрин Атырдьах ыйынааҕы сүбэ мунньахтарын чэрчитинэн ааттыын да, ис, тас өттүнэн эмиэ сахалыы тутуллаах Айыы Кыһатыгар истиҥ, иһирэх кэпсэтии түһүлгэтэ ыытылынна. Бу иннинэ “Эркээйи эргиирэ” бырагыраама сүрүннээччилэрэ, кыттааччылара үксүгэр тэйиччиттэн олорон эрэ алтыспыт, ырытыспыт буоллахтарына, бу күн илэ көрсөн алтыһан, сэһэргэһэн, бары да астыннылар.
Кыттааччылар бары “Кэскил” хаһыат “Эркээйи эргииригэр” анаммыт 2021 с. ахсынньы ыйдааҕы нүөмэрин, “Норуот үгэстэринэн оҕону сайыннарыы ньымалара” диэн СӨ үтүөлээх учуутала, педагогикаҕа наука кандидата Е.П. Чехордуна бэлэмнээбит көмө, тирэх электроннай таһаарыытын, “Эркээйи эргиирэ”: оҕо уонна ыччат сайдар эйгэтин тэрийии” диэн икки тылынан тахсыбыт бырагырааманы, итиэннэ “Оскуола иннинээҕи саастаах оҕо сайдар эйгэтин эркээйитэ” диэн Е.П.Чехордуна уонна Д.Г. Ефимова бэлэмнээбит кинигэлэрин бэлэх туттулар. Айыы Кыһатын дириэктэрэ Лидия Петровна Шамаева ыалдьыттары сахалыы тыыннаах оскуола устун алыптаах экскурсияҕа сырытыннарда.
Валентина Егоровна Степанова, А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия иһинэн “Сэргэлээх” лаборатория-оскуолатын научнай салайааччыта, СӨ үтүөлээх учуутала, философияҕа наука кандидата:
— Туох саҥаны арыйыылар баалларый? Биһиги билиҥҥитэ үс сүрүн ыйытыыга чуолкайдык хоруйдуу иликпит: үлэбит сүрүн предметэ тугуй, “Эркээйи эргиирин” ис хоһооно тугуй, “Эркээйи эргиирин” хайдах олоххо киллэрэбит? Атыннык эттэххэ, бырагыраама туруорар ирдэбиллэринэн эйгэни уларытар тыыны хаба иликпит. Киһитийии туһунан Дмитрий Баппаҕай, Кулан, Дабыл, Мандар кинигэлэрин өссө үчүгэйдик сиһилии болҕойон көрүөххэ наада.
Екатерина Петровна Чехордуна, СӨ үтүөлээх учуутала, педагогикаҕа наука кандидата:
— Валентина Егоровна сырыы аайы биири тоһоҕолоон этэр. Кини бу түһүлгэбитигэр тыыннаах кэпсэтии баар буолуон баҕарар. Саҥа диэн—былыр умнуллубут эргэ. Чахчы сирэй көрсөн кэпсэтии наада эбит диэн өйдөөтүбүт. Онон мантан салгыы баар уустуктары ырытан, сүбэлэһэн дьаһанарбыт наада буолла. Ол аата, саҥа үөрэх дьылыгар “тастан” искэ өтөн киирии соругун туруоруохтаахпыт.
Степан Петрович Старостин, И.М. Хатылаев аатынан Баайаҕа орто оскуолатын дириэктэрэ:
— “Эркээйинэн” биһиги оскуола 2000 сыллартан үлэлээн саҕалаабыта. Оҕону иитиигэ тулалыыр эйгэ барыта кыттыахтаах диэн санаа баар. Оччолортон оскуола тула ювелирдары, маастардары түмпүппүт. Оҕону мэлдьи “сэрэн”, дии сырыттахха, биир күн үрдүктэн ыстанан кэбиһиэн сөп. Оҕо эчэйдэ да, участковай кэлэр. Дьиҥэ, уол оҕо эчэйэн, эллэнэн киһи буолар буоллаҕа. Сыалыгар сатаан тиийэр киһини иитиэх тустааххын. Оҕону иитиини оскуолаҕа эрэ соҥнооһун баара. Билигин биһиги аныгы көлүөнэ төрөппүтү эмиэ иитиэхтээхпит.
Мария Гаврильевна Попова, Бүлүү улууһун Тааһаҕар орто оскуолатын нуучча тылыгар уонна литературатыгар учуутала, “Олоҥхо олуга” методическай түмсүү салайааччыта:
— “Эркээйи эргиирэ” кэлбитигэр биһиги олус үөрбүппүт. Биэбэйик, оскуола, олохтоох дьаһалта буолан ситимнээхтик үлэлиибит. Улахан ыарахаттар суохтар. Арай, кэннибитин хайыһан көрдөххө, оҕолорго соҥнуур эбиппит: “Маннык буолуохтаах, маннык гыныҥ”, диэн. Билигин соҥнуур сатамматын өйдөөтүбүт. Оҕо бэйэтэ боруобалаатаҕына, ылынар. “Эркээйи эргиирэ” биһиэхэ тирэх буолар.
Харатаала Айыллыыта Харатаала Кыыһа, З.А. Тихонова аатынан “Түөлбэ” оҕо киинин дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччы:
— Билигин дьэ нууччатымсыйдыбыт: кыралыын, улаханныын бары. Онон “Эркээйи эргиирэ” үөрэх эйгэтигэр киирбитэ үчүгэй. Биһиги кииммит 2021 сылтан 2024 с. диэри “Успех каждого ребенка” диэн бырагыраамаҕа олоҕуран үлэлиир. Эбии үөрэхтээһин хайысхатынан 30 дьарыкка оҕолору уһуйабыт. “Эркээйи эргиирэ” чэрчитинэн “Олоҥхону олук оҥостон”, “Өбүгэ таҥаһын дириҥник үөрэтэн олоҥхо нөҥүө оҕону уһуйуу”, “Животный мир Олоҥхо”, “Кукольный театр”, “Өбүгэ ситимэ” диэн бырайыактардаахпыт.
Жанна ЛЕОНТЬЕВА.