Н.Н.Каратаев аатынан Тааһаҕар орто оскуолатын кэллэктиибэ “Эркээйи эргиирэ” бырагыраамаҕа киириэхтэрин иннинэ «ТУСКУ» диэн ааттаах бырайыагынан олоҥхо педагогикатын оҕону иитиигэ биир сүрүн хайысха быһыытынан үлэлэтэллэр. 2021 сыл сааһыгар “Эркээйи эргиирэ” бырагыраама пилотнай оскуолата статуһун ылан, бу бырагырааны ылыныыга “Туску” бырайыак сүрүн акылаат буолбута. Бу туһунан Тааһаҕар оскуолатын дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Ульяна Николаевна Григорьева сырдатар.
Оҕолор олоҥхону толоруунан эрэ муҥурдаммакка, чинчийбиттэрэ, ырыппыттара. Ону таһынан, уолаттар тимири уһааран, маһы кыһан өбүгэ төрүт дьарыгын кытта билсибиттэрэ. Кыргыттар араас матырыйаалтан олоҥхо куукулаларын, геройдарын тикпиттэрэ, сахалыы моһуоннаах сувенирдары, киэргэллэри оҥорбуттара.
Олоҥхо педагогикатын үлэтин кэҥэтэн уруоктарга, эбии дьарыктарга этап быһыытынан киллэрбиттэрэ.
2021 сыл сааһыгар “Эркээйи эргиирэ” бырагыраама пилотнай оскуолата статуһун ыллыбыт. Бу бырагырааны ылыныыга “Туску” бырайыакпыт сүрүн акылаат буолла.
Бырагырааманы олоххо киллэриигэ педколлективы кытта үлэ маннык тиһиктэрдээх: бырагырааманы кытта билиһиннэрии, ырытыһыы, илдьиритиһии, санаа атастаһыы, бэйэҕэ эргиллии, иҥэринии, ылыныы, өйү-санааны уларытыы, үлэ хардыыларын торумнааһын, олоххо киллэрии.
Маны таһынан, төрөппүт өйө-санаата уларыйарыгар, кута-сүрэ бөҕөргүүрүгэр, ис дьиҥин өйдүүрүгэр, бэйэтин холобурунан үөрэтэригэр, иитэригэр-такайарыгар “Эркээйи эргиирэ” бырагыраама биир сүрүн олуга буолар. Бырагырааманы ылыныыга хас биирдии төрөппүккэ маннык тэрээһиннэр көмө буолуохтарын сөп: “Удьуор утума” — төрүччүнү үөрэтии үлэтин салҕааһын (“Дьиэ кэргэним үтүө үгэстэрэ”, “Киэн туттар аймаҕым, төрүтүм”, “Утум быстыбат ситимэ” (наследственность, преемственность); Кыраайы үөрэтии («Мин тиэргэним — мин эйгэм», «Мин нэһилиэгим — сайдар кэскилим», «Киэн туттар биир дойдулаахтарым», «Нэһилиэкпит ытык сирдэрэ».
Оҕо сааһын, эт-хаан өттүнэн сайдыытын, үөрэҕи ылынар таһымын учуоттаан, бырагыраама 3 түһүмэҕинэн үлэлиир: «Аартык» (7-9 саас) – оҕо үөрэҕи ылынар сатабылын арыйыы, дьоҕурун сайыннарыы ;«Ыллык» (10-16 саас) – оҕо бэйэ сайдар суолун тобуларыгар тирэх буолуу, сайдарыгар көмөлөһөн, сүбэлээн биэрии;«Эйгэ» (17-18 саас) – киэҥ эйгэҕэ тахсан бэйэтин олоҕун оҥосторугар олук ууруу.
Үлэни торумнаан оҥорууга үс сүрүн хайысханы тутуһабыт:
“Өркөн өй” хайысха(“Олохтон үөрэнэр үөрэнээччибин” диэн санаанан сирдэтэр). Манна саха мындыр толкуйун, анааран, ырыҥалаан көрөр дьоҕурун иҥэрэн аныгы кэм тэтимигэр, балысхан сайдыы таһымыгар сөптөөх хайысхатын тобулар, оннун булунар аныгы Киһини иитэн таһаарыы – манна киирэллэр үөрэтии араас ньымалара, уруок таһынааҕы эбии дьарыктар киирэллэр. Бу хайысхаҕа маннык үлэлэри тэрийиэххэ сөп: араас ньыма туһанан норуот педагогикатын уруок чаастарыгар, кылаас таһынааҕы дьарыктарга киллэрии, биридимиэттэр нэдиэлэлэрэ, төрөппүттэргэ аһаҕас аан күннэрэ, оҕо айар-тутар, булар-талар, чинчийэр үлэтин тэрийии (НПК, олимпиадалар, бэстибээллэр о.д.а), Олоҥхону саҥалыы тыыннааһын, көрүү (анимация, театр, робототехника, 3Д моделирование ).
“Айылгы” (“Бөҕөх санаа”) — сиэрдээх майгылаах, уйаҕас дууһалаах, айылҕаттан бэриллибит талаана таба тайанан арыллыбыт, кэрэ эйгэтигэр уһуйуллубут, өбүгэ үгэһин ытыктыыр, атын норуоттар култуураларын өйдүүр Киһини иитэн таһаарыы.Киһитийии, бэйэҕэ эргиллии. Тэрээһиннэр: “Сыдьаай” түмсүү (ырытыһыы, тобулуу, сыаналаныы, анаарыы), “КЫС” (Кэпсэт. Ырытыс. Сүбэлэс) үөрэнээччилэр хамсааһыннара, “Иэйии (Вдохновение)” литературнай түмсүү, төрүт үгэстэри (уһаныы, уһаарыы, иистэнии, айан оҥоруу) саҥа техологиялары туһанан сайыннарыы, олоххо киллэрии, араас хайысхалаах этно-фольклорнай ансамбыллары тэрийии (ырыа, тойук, инструментальнай, үҥкүү о.д.а), үгэс буолбут тэрээһиннэр (Ыһыах, Таҥха, Сандалы хаһаайката о.д.а), сайыҥҥы лааҕыр (“Олоҥхо олуга”, “Айар кут”, “Кудай Бахсы”).
“Чэбдик” (“Чөл турук”) — чөл туруктаах эт-хаан өттүнэн сайдыылаах киһини иитэн таһаарыы – манна киирэр оҕо иитиллэр эйгэтэ, аһылыга, спорт араас көрүҥнэрэ, өбүгэ оонньуулара, чөл олох үөрэҕэ, эт-хаан сайдыытын таһымын кэтээн көрүү уо.д.а. Тэрээһиннэр: «Охчут Бэргэн» (оҕунан ытыы), “Боотур” спортивнай кулууп (өбүгэ ооньуулара), иппотерапия ньымаларын үөрэтии, өбүгэ аһылыгын оҕолор күннээҕи менюларыгар киллэрии, үгэс буолбут тэрээһиннэр (муҥха, куйуур, муус ылыыта, мас олордуута о.д.а.)
Ааҕыыга анаан элбэх үлэ барар. Игнатий Иванович Каратаев аатынан ааҕыылаар, научнай-практическай конференциялар 2 сылга биирдэ ыытыллар. Олохтоох бибилэтиэкэни кытта ыкса ситимнээх үлэ тэриллэр. Сылын ахсын үбүлүөйдээх суруйааччыга уус-уран ааҕыылар буолаллар. Сыл түмүгүнэн » Бастыҥ ааҕааччы» анал аат туттарыллар. Оскуола библиотекатыгар быыстапкалар тэриллэллэр. Библиотечнай уруоктар буолаллар. Алын кылаастарга «Түргэн ааҕааччы» конкурус тэриллэр.
Кэллэктиип хас биирдии чилиэнэ, төрөппүт, үөрэнээччи кута-сүрэ уһугуннаҕына, санаата бөҕөх буоллаҕына эрэ, төрөөбүт тылын, өбүгэтин үгэстэрин, итэҕэлин ылынар, сахатыйар кыахтаах. Аҥардастыы олоҥхо тылын эрэ үөрэтии тутах. Киһи ис-иһиттэн «сахабын” диэн өйдөбүлү тутуохтаах, иҥэриниэхтээх, ылыныахтаах. “Эркээйи эргиирэ” бырагырааманы сөпкө тобулан үлэлэттэххэ, сатабыллаахтык салайдахха, олоххо сөптөөх суолу булар, тобуллаҕас толкуйдаах, сөптөөх дьайыыны оҥорор, бөҕө, чиҥ туруктаах киһи иитиллэн, уһуйуллан тахсыан сөп.