«Эрэл» вокальнай-инструментальнай бөлөх «Российская школьная весна» региональнай күрэххэ бастааммыт Ставрополь куоракка Арассыыйатааҕы түһүмэххэ кыттар чиэстэммиппит. Муус устар 29 күнүгэр Ставрополь куоракка бараммыт «Вокальное направление, малые составы» диэн хайысхаҕа 1-кы истиэпэннээх Лауреат буолбуппут.
Саха сириттэн 14 оҕо уонна 2 салайааччы Кривошапкина Кира Дмитриевна, Павлова Элла Павловна буолан барбыппыт. Күрэхпитигэр 100-тэн тахса номер, 79 регион баар этэ. Биһиги Ульяновскай уобалас оҕолорун кытта үчүгэйдик билсиспиппит. Ставрополь куорат олус кыраһыабай, ыраас, күөх куорат эбит. Салгына сииктээх, айылҕата, отторо-мастара кэрэтиттэн астынным, киинэҕэ сылдьар курдук сананным.
Быйыл саҥа дьыл кэннэ саҥа састаабынан тэриллэн, эрчиллэн саҕалаабыппыт. Тыыннаах доҕуһуол тыаһыыр муусукатынан дьарык киһини чуор кулгаахтаах буоларга, ырыаны үчүгэйдик ис сүрэхтэн истэн оонньуурга үөрэтэр. Биһиги бары биир оскуолаттан сылдьабыт. Верёвкин Костя, Макаров Вадим, Васильев Роман, Потапов Радислав уонна мин. Ырыаһыппыт — Костя, мин бэйэм бас-гитараҕа оонньуубун, Рома, Радик — электрогитараҕа , оттон Вадим — барабанщик.
Салгыы бу курдук сайдыахпытын баҕарабыт, мин акустика-гитараҕа уерэниэхпин баҕарабын. Бу бөлөхпүтүнэн элбэхтэ эрчиллэн, араас ырыалары оонньоон, улахан тэрээһиннэргэ кыттыыны ылар баҕалаахпыт. Уонна «Эрэл» диэн урут тэриллибит бөлөхпүтүн аатын өссө да ааттатар санаалаахпыт.
Бөлөхпүт салайааччытыгар, муусука учууталыгар Прокопий Григорьевич Вороновка, махталбытын тиэрдэбит. Кини урут «Чинэкэ» диэн бөлөххө оонньообута, араас бэстибээллэр, күрэхтэр кыайыылаахтара буола сылдьыбыттара.
Айаан Черкашин, Х кылаас,
С.М. Васильев аатынан Чернышевскай орто оскуолата, Чинэкэ, Бүлүү