Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын сүрүннүүр эрэдээктэрэ Татьяна Ильинична Жиркова оҕолорго, учууталларга, үөрэх кыһатын үлэһиттэригэр, төрөппүттэргэ маннык этиилээх таҕыста.
Күндү оҕолор, учууталлар, төрөппүттэр !
Кэлэн иһэр саҥа үөрэх дьылынан эҕэрдэбин тиэрдэбин!
Бу хамсык кэмигэр барыбытыгар да сүрдээх эппиэттээх кэмнэр тиийэн кэллилэр.
Бары биир санаанан салайтаран оҕолорбутун иитиигэ интеграцияҕа тахсарбыт өссө күүскэ уолдьаста.
Онон, биһиги, «Кэскил» кыһата, эһиэхэ маннык этиилээхпит:
1. Мантан инньэ оскуолаҕа сыһыаннаах балаһалар тахсар буолуохтара, онно оскуола уопутун, интэриэһинэй бырайыактаргытын, үлэтин-сайдыытын, оҕолорго аналлаах бырайыактары бэчээттиэхпит.
2. Үлэлэргитин, оҕолор үлэлэрин, төрөппүт хамсааһынын, учуутал, иитээччи үлэтин сааһылааҥҥыт,
keskilpress@mail.ru, эбэтэр мин тус электроннай аадырыспар taaty1975@mail.ru ыытаргытын күүтэбин. Отчуоту ыыппаккытын көрдөһөбүн.
3. Бу тахсар матырыйаалларгыт аттестацияҕа биир бастакы сыанабылынан буолар.
4. Тахсыбыт матырыйаалга оскуолаҕа «Сертификат о распространении опыта» бэриллэр.
5. Матырыйааллары атырдьах ыйын 25-27 чыыһылаларыгар диэри тутабыт.
6. Бу «Кэскил» оҕо бэчээтин бырайыага оскуолалар бэйэ икки ардыларыгар сыһыаннаһыыга , идиэйэ ыларга көмө буолар.
Күндү доҕоттор, кытаатыҥ, ситимнээх үлэҕэ бииргэ буолуҥ!
Эһигини кытта биир санаалаах эрэдээктэр Татьяна Жиркова.