Норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия о5олоро» спортивнай оонньуулар түмүктэннилэр! Сахабыт сирин спортсмен оҕолоро 18 араас көрүҥҥэ күрэхтэстилэр: баскетбол, бокс, кураш тустуу, брейкинг, дзюдо, чэпчэки атлетика, мас тардыһыы, мини-футбол, остуол тенниһэ, харбааһын, пляжнай волейбол, буулдьанан ытыы, тустуу, ох саанан ытыы, ткэхвандо, хапсаҕай, художественнай гимнастика. 20 хамаандалар түмсэн күрэхтэспиттэриттэн Сахабыт сирин сүүмэрдэммит хамаандата VII миэстэҕэ тигистэ!
Саха сирин спортсменнара 37 мэтээл аҕаллыллар: 12 — кыһыл көмүс, 10 — үрүҥ көмүс, 15 — боруонса. Ол истэригэр буоксаҕа 46 кг кыайбыт Саша Слепцова мэтээлэ килбэйэр.
«Азия оҕолоро» оонньуулар чемпионката бокс ньымаларын, күрэхтэһииттэн санааларын кэпсиир. Көрүҥ, сэргээҥ!
Эльдар Садовников