Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрин көрсө Дүллүкү орто оскуолатыгар «Эр санаа» орден кавалера Степан Степанович Руфов сырдык аатыгар улуустааҕы «Снежный барс» байыаннай-cпортивнай күрэхтэһии буолла. Бу күн Степан Степановичка аналлаах үөрэммит оскуолатыгар мэҥэ бэлиэ арылынна.
Улуус 17 оскуолатыттан 170 оҕо кэлэн «Ратные страницы истории», «Статен в строю, силен в бою», «Неполная разборка и сборка АК-74», «Снаряжение магазина патронами», «Пулевая стрельба», «Комплекс силовых упражнений», «Военизированная эстафета» түһүмэхтэринэн кытыннылар.
Күрэхтэһии түмүгүнэн кыайыылааҕынан Дүллүкү орто оскуолатын хамаандата, 2-с миэстэҕэ — Далыр орто оскуолатын, 3-скэ Хоро орто оскуолатын хамаандалара таҕыстылар.
Күрэхтэһии сүрүн судьуйатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи М.А. Алексеев аатынан РЛИ учуутала Г.С. Золотарев үлэлээтэ:
— Хамаандалар үчүгэй бэлэмнээх кэлбиттэр. Үгэс курдук, Дүллүкү оскуолатын «Десантник» хамаандата ордук үчүгэй бэлэмнээҕэ көстөр. Уопсайынан, урукку уонна билиҥҥи кэм оҕолорун тэҥнээтэххэ, аныгылар күүс уонна тулуур өттүнэн мөлтөх соҕустар. Биллэрин курдук, сүрдээх улахан ыарыы тура сылдьыбыта, онтон сылтаан оҕолор дьиэлэригэр олорон күүс-уох өттүнэн сайдыылара намыһах, ол тулалыыр эйгэбит дьайыыта буолар. Күрэх олус үчүгэйдик барда. Сотору 50 сыл судьуйанан үлэлээбиппин бэлиэтээри сылдьабын, ол кэннэ үлэлээн бүтэр санаалаахпын. Маннык элбэх киһини түмэр, хамаанданан үлэлииргэ үөрэтэр күрэхтэһии буолбута олус үчүгэй.
Сыл аайы ыытыллар күрэхтэһии бу да сырыыга доҕордуу быһыыга-майгыга барда. Байыаннай-спортивнай күрэх элбэх оҕону түмэн, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх, махталлаах буолуу тыынын сахта.
Матырыйаалы бэлэмнээтилэр: Илона Руфова, Яша Сергеев (9 кыл.), Алина Санникова, Гульнара Тобохова (8 кыл.), Айыына Петрова (5 кыл.).