Аҕа дойду көмүскээччилэрин күнүн көрсө уонна дойдуга бэриниилээх буолуу санааны күүһүрдэр сыаллаах Кэбээйи нэһилиэгэр Култуура сайдыытын киинигэр «Эр Хоһуун» диэн тэрилтэлэр икки ардыларыгар өбүгэ оонньууларыгар күрэх буолан ааста.
Бу күрэххэ ыҥырыыны ылынан уопсайа 6 тэрилтэ уонна бильярднай кулууп эр дьонун түмсүүтэ кыттыыны ылла. Биһиги оскуолабытыттан физкультура учууталлара Гуляев А.А., Данилов Е.М., Кычкин П.А. күөн көрүстүлэр, оскуола чиэһин көмүскээтилэр.
Кыттааччылар гиряны көтөҕүүгэ, ырааҕы ыстаныыга, хара хапсыһыытыгар о.д.а. көрүҥнэргэ күрэхтэстилэр. Күүстэрин-уохтарын тэҥнэһэн көрдүлэр, сатабылларын арыйдылар, дьон биһирэбилин ылыахтарын ыллылар.
Тыҥааһыннаах киирсии түмүгүнэн учууталларбыт 1 миэстэни Кэбээйитээҕи орто оскуола эр дьоно ылла уонна 5000 харчынан, ону тэҥэ көһө сылдьар кубогынан наҕараадаланнылар.
Инникитин да бу курдук биир сомоҕо күүс буолан тэрилтэлэргит, нэһилиэккит чиэһин ситиһиилээхтик көмүскүөххүт диэн бигэ санаабытын тиэрдэбит.
«Дьоҕур” пресс-киин,
Кэбээйи орто оскуолата.