Самаан сайыммыт бүтэн, көмүс күһүнү кытта үлэ, үөрэх үгэнэ тиийэн кэллэ. Оҕолор саҥа үөрэх дьылыгар үктэннилэр. Үөрэнээччилэри саҥа, сонун арыйыылар, ситиһиилэр күүтэллэр. Оттон 9-с уонна 11-с кылаас үөрэнээччилэригэр эппиэтинэстээх үөрэх дьыла саҕаланна. Ол туһунан оҕолор санааларын ааҕыаҕыҥ.
Илона Руфова, XI кылаас, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт, Дьокуускай:
Күһүн буолаатын кытта дьон кыралыын улаханныын үөрэнэн саҕалаата. Ким эрэ майнайгы кылааска киирдэ, ким эрэ орто, эбэтэр үрдүк үөрэххэ идэтинэн үөрэнэ барда, оттон ким эрэ оскуоланы түмүктүүр сыла чуораан тыаһын кытта чугдааран кэлэр.
Быйыл Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй 11 кылааһыгар киирдим, ол иннинэ Үөһээ Бүлүү Дүллүкү нэһилиэгиттэн кэлэн гуманитарнай хайысхатыгар туттарсыбытым. Саҥа оскуола ийэлээх аҕа кынаттарын анныларыттан тахсан, улахан сиргэ хайдах сылдьарга, олоххо бэлэм буоларга үөрэттэ. Сүрүннээн маннык дииллэрэ: «Эн олоххор бэйэҕиттэн ураты ким да наадыйбат, онон туохтан да толлубакка иннин диэки баран, буккуурдааҕы быһаарсан ис». Маннык курдук этиилэр билиҥҥи кэмҥэ элбэхтик иһиллэллэр, ол эрэн суолтата «баҕаҥ бэйэҥ эрэ илиигэр» диэн буоларын дьэ өйдөөтүм, өссө да өйдүү сатыам. Идэбитин бу сайын устата толкуйдаан, быһаарынан кэлиэхтээхпит уонна онно наадалаах предметтэри талан саас туттарабыт. Бэйэм СПБГУ судаарыстыбыннай уонна муниципальнай управление хайысхатын ордоро сылдьабын, онтон ураты тыл үөрэҕэр тардар өй эмиэ баар. Бастакы идэбэр профильнай математика, обществознание уонна нуучча тылын эксээмэннэрэ ирдэнэр, иккиспэр аангылыйа тыла эбиллэн биэрэр. Үөрэх миэстэлэрэ былдьаһыктар, ким күүстээх, ким өйдөөх ол кыайдын диэн тыллар олус бассар курдуктар. Иллэҥ кэммин предметтэри ордук билэргэ аныыр соруктаахпын, биир сылы оннук сүүрдэн бүтэриэм, баҕалаах идэбэр киириэм диэн эрэнэбин.
Онон 2024-2025 үөрэх сыла ханнык баҕар кэмнээҕэр элбэх өй күүһүн, эт тулуурун көрдүө дии саныыбын, ол онтон олох куттаммаппын, төттөрүтүн кыайыам дуо? диэн холонон көрөбүн. Оҕолор эмиэ туохтан да толлубакка иннигит диэки баран иһин, саҥаны билэ-көрө, өйгүтүн кэҥэтэ сылдьын, оччоҕо эрэ киһи буолан күн тэҥэ сандаарыаххыт.
Алина Алексеева, IХ кылаас, Муома орто оскуолата:
Мин быйыл тохсус кылааска үөрэнэ киирдим. Тохсус кылаастарга быйыл ОГЭ-лаах буолан олус долгутуулаах үөрэх дьыла саҕаланан эрэр. Бу үөрэх дьылыгар биһигини элбэх консультация, эксээмэннэргэ бэлэмнэнии күүтэр . Онон, тохсус кылааска үөрэнэ киирбит оҕолор быйыл хаһааҥҥытааҕар да кыһаллан туоран үөрэниэхпитээхпит. Эксээмэннэри аангылыйа тылыгар уонна информатикаҕа туттарар былааннаахпын. Инникитин графическай дизайнер, мультипликатор буолуохпун баҕарабын. Барыгытыгар үчүгэй сыаналары, таһаарыылаах саҥа үөрэх дьылын баҕарабын. Оскуоланы бүтэрээччилэргэ эппиэтинэстээх сылгытыгар ситиһиилэри!