Балаҕан ыйын 14-18 күннэригэр дойдубут тэбэр сүрэҕэр — Москва куоракка Сибиир, Уһук Илин аҕыйах ахсаннаах хотугу норуоттарын култуураларын, үгэстэрин билиһиннэрэр, көрдөрөр «Хоту дойду баайа — Арассыыйа маастардара уонна худуоһунньуктара» XVII норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка-дьаарбаҥка буолан ааста.
Алдан оройуонун Бөллөт эбэҥки нэһилиэгиттэн сылдьар өрөспүүбүлүкэбит биир баай историялаах, биллэр-көстөр «Эннэкэн» народнай фольклорнай ансаамбыла быыстапка-дьаарбаҥка иһинэн ыытыллыбыт фестивалга кэккэ ситиһиилэнэн кэллэ.
Манна этэр эбит буоллахха, «Эннэкэн» 1983 сыллаахха төрүттэммит, онтон 1985 cыллаахха народнай ансаамбыл аатын сүгэн күн бүгүнүгэр диэри ол аатын дьоһуннаахтык илдьэ сылдьар.
Ол курдук, «Эннэкэн» фольклорнай ансаамбыл («эннэкэн» эбэҥки тылыттан тылбааһа — «табачаан») Бүтүн Арассыыйатааҕы «Кочевье» күрэҕэр үҥкүүгэ — маҥнайгы миэстэни, театрализованнай көрдөрүүгэ — иккис миэстэни ыллылар.
Ансаамбыл салайааччыта Фаина Архипова бэҕэһээ, самолеттан эрэ түһээт диэбиккэ дылы, иитиллээччилэрин кытары биһиги кыһабытыгар ыалдьыттаата.
Оҕолор үҥкүүлэриттэн быһа тардан көрдөрдүлэр уонна кэпсэтиигэ кыттыстылар, санааларын эттилэр, ону сиһилии видеоҕа көрөргүтүгэр ыҥырабыт.
keskil.ru
2 2
Молодцыеще больших успехов
nikdia316@gmail.com