Эбэм Надежда Николаевна Васильева эмтээх оттору хомуйуунан сөбүлээн дьарыктаммыта сүүрбэттэн тахса сыл буолла. Эбэм кэпсээнин эһиэхэ тиэрдэбин.
— Эмтээх оттору хомуйарбар, бастаан айылҕабын аһатабын, көрдөһөбүн.
Саас ньургуһун хомуйан, сөҥөрдүү оҥорон бэлэмниибин. Ньургуһун — сүһүөххэ туһалаах үүнээйи. Ньургуһуннаах сыһыыга сырыттахха, киһи күөмэйэ, тыҥата барыта ырааһырар, куолаһа күүһүрэр. Киһи салгын кута эмсэҕэлээбитэ көнөр, чэбдигирэр.
Бэс ыйын саҕаланыыта хатыҥ сэбирдэҕин хомуйабын. Хатыҥ сэбирдэҕин куртах, быар, оһоҕос ыарыыларыгар тутталлар. Хатыҥ чээрэтин чэй гынан иһэллэр.
Дөлүһүөн отонун аһа буһуон, ситиэн иннинэ хомуйаллар. Дөлүһүөнү быар, үөс, оһоҕос, уҥуох, хаан уонна араас ыарыыларга тутталлар. Битэмиинэ ханнык да үүнээйитээҕэр элбэх.
Ньээм сибэккитин үргээн, мүөтү, барыанньаны оҥоробун. Күөмэйгэ, тымныйыыга, температура түһэрэргэ тутталлар.
Эбэм биэс тымырдаах оту (подорожник), кииһилэни, боҕуруоскай оту, сугун абаҕатын, крапиваны, тимэх оту, моонньоҕон сэбирдэҕин о.д.а хомуйар. Таҥаска тэлгэтэн баран, салгыннаах күлүк сиргэ хатарар. Күһүн сир астаан кэлэн иһэн, таарыйа эбээбин кытта эмтээх от хомуйсан кэлээччибин.
Эмтээх үүнээйини бэйэҕэр уонна дьоҥҥо туһалыа, эмтэнэн үтүөрүөм диэн ыраас санаалаах көрдөһөн үргүөхтээх эбиппит.
Эбэм мин күөмэйим ыарыйдаҕына, ньээм от сөҥөрдүүтүн моонньубар баайар. Сарсыарда дөлүһүөн уутун иһэрдэр. Эһэм доруобуйатын эмиэ отунан чэбдигирдэр.
Азиза Копырина, VIII кылаас, «Проба пера» пост.
Чыамайыкы, Мэҥэ Хаҥалас.