Биһиги дойдубут сир аһа баайдааҕынан биллэр. Араас-араас сиргэ атын сир аһа үүнэр. Орто Халыма улууһун Өлөөкө-Күөлүгэр, холобур, хоту сир бэлэҕэ — моруоска үүнэр. Бу туһунан 5 кылаас үөрэнээччитэ Эмилия Заболоцкая суруйар.
Биһиги дойдубутугар Орто Халыма улууһун Өлөөкө-Күөлүгэр от ыйын бүтэһигэр моруоска диэн олус минньигэс отон ситэр кэмэ кэлэр. Бу отон туундара аҥардаах дойдуга, көппөххө, ыарҕа быыһыгар үүнэр. Үөрэхтээхтэр быһааралларынан моруоскас элбэх битэмииннээх, доруобуйаҕа туһалаах отон буолар. Кини кыһыллыҥы араҕас өҥнөөх, дьаабылака курдук мип-минньигэс амтаннаах буолар.
Быйыл сайыммыт олус тымныы, наар ардахтаах буолан, отон үүнүүтэ мөлтөх. Сибэккилээн ас кутар кэмигэр тыаллаах кэм туран, моруоскабыт отоно быйыл кыра буолуо диэн эбэлээх эһэм сылыктыыллар. Онон быйыл отоммутун үргүүргэ ыраах сиринэн хаамтахха эрэ, оҥоойукпут туолара буолуо…
Ол да буоллар, аны нэдиэлэ курдугунан минньигэсчээн моруоскабын ситэр кэмэ кэлиэҕэ. Оччоҕо үөрэ-көтө отонноон, кыһыҥҥыбар хаһааныам.