Бары билэрбит курдук, Бөтүрүөп ардаҕын кэнниттэн окко киирии саҕаланар. Хас биирдии саха ыалыгар от кэмэ саҕаланна даҕаны, кыратыттан кырдьаҕаһыгар, эдэриттэн эмэнигэр диэри бары күргүөмнээхтик окко киирэллэр. Эр дьон от охсор, дьахталлар уонна оҕолор от мунньаллар, онтон от кэбиһиитигэр дьиэ кэргэн бары күүс-көмө, илии-атах буолар. Итии куйаастан иҥнибэккэ, саха киһитэ былыр-былыргыттан уһун сайын устата оттоон, кыһыны этэҥҥэ туоруурга бэлэмнэнэр. Ходуһаҕа от өлгөмнүк үүммүт буоллаҕына, дьэ, улахан үөрүү буолар.
Сарсын, от ыйын 15 күнүгэр, Емельян Ярославскай аатынан хотугу норуоттар историяларын уонна култуураларын холбоһуктаах судаарыстыбаннай түмэлэ киэһэ 18 чаастан «Окко киирии» диэн бэрт сэргэх этнографическэй бырагыраамалаах тэрээһиҥҥэ ыҥырар. Ол курдук, бу күн ыалдьыттары окко киирии сиэрэ-туома, «Хотуур – тэлэр дьарыгым» диэн ааттаах тимир ууһун маастара Марк Петрович Слепцов илии хотуурун быыстапката, аныгы олох сүүрээнэ — хаартыскаҕа түһүү, сахалыы остуол оонньуулара, саха төрүт аһын амсайыы уо.д.а. күүтэллэр.
Киирии билиэт сыаната улахан дьоҥҥо — 350 солк., оҕолорго – 150 солк (+6). Тэрээһиҥҥэ бу төлөпүөн нүөмэригэр суруйан билсиҥ 8964-420-17-03 (WhatsApp). Эбэтэр түмэл саайтыгар yakutmuseum.ru, Instagram сирэйигэр @yakutmuseum, 8(4112) 42-51-74, 34-35-27 — бу нүөмэрдэргэ эрийэн сиһилии билсиэххитин сөп. Тэрийээччилэр киирии билиэт аҕыйаҕын уонна уларыйыылар тахсыахтарын туһунан сэрэтэллэр.